СүөҺү иитиитинэн дьарыктанааччыларга саамай быҺаарыылаах кэм сайыҥҥы от үлэтэ буолар. ТөҺөнөн күүстээх үлэ барар, оччонон санаа көтөҕүллэрин, инники былаан элбиирин бары сүөҺү иитээччилэр билэр суоллара.
Быйылгы былааммыт 1968 тн., ол иҺигэр бааҺынай-фермерскай хаҺаайыстыбалар – 1098, агрооскуолалар — 36 тн., бэйэ бас билиитин хаҺаайыстыбалара — 834 тн. оттуохтаахтар.
От ыйын 31 күнүнээҕи туругунан уопсайа 699 га сир охсуллан 828,8 тонна от оттонно. Былаан 42% туолла. Хаһаайыстыбаларынан ылан көрөр эбит буоллахха Абый нэһилиэгэр уонна Оттоох Атах учаастагар 394 гаалаах ходуһа охсулунна, 492 тонна от кэбиһилиннэ. Муҥурдаахха 137 га сир охсуллан, 199 тонна от бэлэмнэннэ. Майыарга 20 гаа сир охсулунна, онтон 32 тонна от ылыллынна. Уолбуттар 148 гаа сиргэ оттоотулар, 105 тонна от бэлэмнээтилэр.
Халлаан туран биэрбит кэмигэр күөх быйаҥтан сомсон хаалаары улуус дьоно-сэргэ от үлэтигэр күүскэ турунна. Биир да күн кыстыкка элбэҕи быҺаарар.
Александра ЗАРОВНЯЕВА.


