Оҕо доруобуйатын туһугар

Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа уонна уопсастыбаннай киин (РЦМБ) быраастара Абый улууһугар сылдьан оҕолор доруобуйаларын көрдүлэр. Суола-ииһэ суох кытыы бөһүөлэктэргэ анал бөртөлүөтүнэн көтөннөр, улуус нэһилиэктэрин бүттүүн хаптылар.

Бу киэҥ далааһыннаах үлэ туһунан улууска ананан кэлбит мобильнай биригээдэ салайааччыта Анжелика Матвеева маннык кэпсээтэ:

Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ биллэрбит Оҕо саас сылын чэрчитинэн, мобильнай биригээдэ быраастара оҕо доруобуйатын бэрэбиэркэлиир сыаллаах Абый улууһугар ыам ыйын 13-23 күннэригэр үлэлээтэ.

Бу кэлиибитигэр бөлөх сатаабыгар невролог, хирург-уролог, ортопед, офтальмолог, эндокринолог, оториноларинголог, акушер-гинеколог, кардиолог, УЗИ, психиатр, педиатр, лаборант уонна регистратор бааллар.

Үлэлиир кэммит устата 493 оҕо доруобуйатын көрдүбүт. Улуус нэһилиэнньэлээх пууннарын барытын хаптыбыт. Ол эрээри, хомойуох иһин, Белай Гора бөһүөлэгин оҕолорун кыайан 100% хаппатыбыт. Халаан уутунан сибээстээн, вертолеппутун Халымаҕа ыланнар, Абый нэһилиэгэр 5 күн буоллубут. Бириэмэ баарынан улахан дьону кытта көрдүбүт. Уопсайа 31 киһи доруобуйатын бэрэбиэркэлээтибит.

Медицинскэй чинчийии бастакы көрүүтүгэр манна эрэ буолбакка, Арктика оҕолорун хараҕа 80%-на мөлтөҕүн (миопия) бэлиэтээтибит. Сколиоз ыарыыта баар. Бу бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса ситимнээх ыарыылар. Күнү супту гаджеты өрө тутан олорор оҕолор харахтара мөлтүүр, бөкчөччү туттан олороллоруттан систэрин тоноҕоһо токуруйар. Итинтэн сылтаан сколиоз үөскүүр. Маны таһынан плоскостопие ыарыытын үгүс. Үһүс миэстэҕэ тиис ыарыыларыгар көрдөрүүбүт олус мөлтөх. Ол эрээри, Уолбут, Сутуруоха оҕолорун тиистэрэ үксэ үчүгэй эбит.

Быраастар быйылгыттан ыла 15-17 саастаах подросток оҕолортон миэстэтигэр гепатикка ИФА ыллылар, хаан биохимическай, гликированнай гемоглобины быһаарар анализтары ылан бардыбыт.

Көрүү түмүгүнэн хас биирдии исписэлиис эбии көрдөрүнүүгэ, эмтэниигэ наадыйар оҕолору анал туһааннаах балыыһаларга киин куораппытыгар Дьокуускайга баран көрдөрөллөрүгэр сүбэ хааллардыбыт.

Түгэни туһан, кэллиэгэлэрбэр олус үчүгэйдик көрсүбүттэригэр, оҕолор докумуоннарын эрдэ бэлэмнээн тоһуйбуттарыгар, төрөппүттэргэ, олохтоохторго ас-үөл астаан күндүлээбиттэригэр барҕа махталбын тириэрдэбин.

Дьоҥҥо-сэргэҕэ олус наадалаах, табыгастаах бырайыак уһуннук, тохтообокко үлэлээн ыраах сытар хоту улуус дьоно киин куоракка көппөккө, исписэлиистэртэн тута олорор сирдэригэр сүбэ-ама ылан, доруобуйалара тупсан иһэригэр баҕарыаҕыҥ.

Бэлиэтээн эттэххэ Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар оҕо доруобуйатыгар улахан болҕомто ууруллуохтааҕын эппитэ. Мобильнай быраас биригээдэлэрин үлэлэрэ медицина көмөтүн хаачыстыбатын тупсарар уонна өҥөнү тириэрдэр сыаллаах РФ президенин сорудаҕынан ыытыллар.

Александра ЗАРОВНЯЕВА.