Бу бэлиэ күн 2009 сылтан Ийэ дойдуларын, саа-садах тутан, араас кыргыһыыларга, Россия таһыгар да араас дойдуларга көмүскээбит буойуннарга ананар. Биир кэрэхсэбиллээх ритуалынан Байыаннай албан аат памятниктарыгар веноктары, сибэкки дьөрбөтүн ууруу буолар. Ол гынан баран, Ийэ дойдуларын туох да хос санаата суох, дьиҥ чиэһинэйдик, бэйэлэрин харыстаммакка көмүскээбит буойуттарга биһиги истиҥ сыһыаммыт, махтанар тылларбыт туохтааҕар да күндү буолалларын умнумуохха. Өссө моральнай өйөөһүнү тэҥэ, уолаттар олохторун оҥостоллоругар чиҥ үбүнэн, дьиҥ чэпчэтиинэн ыпсары ытаһалыыр буоллар…

Бойобуой дьайыы биричиинэтэ

Чечняҕа сэрии иккитэ буолан турар — 1994-96 уонна 1999-2001 сылларга. Историятын бу кылгас ыстатыйаҕа хасыһа барбакка эттэххэ, итини Россия чеченскэй сепаратистары уонна атын дойдулар наемниктарын утары судаарыстыба тутулун көмүскээн ыыппыт киэҥ мастааптаах дьайыылара диэн өйдүөххэ наада. Биллэн турар, араас анаарыллар бааллар. Олору таарыйбаппыт.

ССРС ыһылларын кытта 1991 сыл балаҕан ыйыгар Джохар Дудаев сэбилэниилээх утарсыыны оҥорон, республиканы РСФСР-тан араараары, Ичкерия диэн ааттаабыта. 1994 сыллаахха манна гражданскай сэрии саҕаламмыта. Россия сепаратистары утары бойобуой дьайыылары саҕалаабыта. 1996 сыл атырдьах ыйыгар Хасавюртааҕы дуогабарга илии баттанан сэрии тохтообута. Ол гынан баран, балаһыанньа көнөрүн оннугар, криминальнай быһыы-майгы тыҥаан, дьону уоруу, өлөрүү маассабайдаан, сэрии иккис этаба саҕаламмыта диэх кэриҥнээхпит уонна 2001 сылга тиийэ барбыта. Контртеррористическай режим Чечняҕа 2009 сыллаахха уурайбыта. Бу сэриигэ 40 тыһыыннча чеченец уонна 120 тыһыынча эйэлээх нуучча, дагестанец, ингуш өлбүттэрин Чечня Госсовета таһаарбыт матырыйаалыттан булуохха сөп. Россия саллааттарыттан 5 тыһыынча киһи өлбүтэ дэниллэр…

Биһиги буойуттарбыт

Биһиги биир дойдулаахтарбыт Ийэ дойдуларыгар ытык иэстэрин эмиэ чиэстээхтик толорбуттара. Манна диэн эттэххэ, күн-дьыл да ыраатан, кэмигэр докумуоннар кичэллээхтик хараллыбатахтарынан да буолуо — уолаттары барыларын чуолкайдыыр, ханна сэриилэспиттэрин дьиҥ-чахчы маннык этэ диэн быһаарар кыаттарбата. Онуоха военнай комиссариат да суоҕунан мэһэйдэттибит диэх кэриҥнээхпит, байыаннай учуот остуолугар дааннайдар суохтар эбит. Ити мин Россия тас өттүгэр байыаннай дьайыыларга кыттыбыт бэтэрээннэр тустарынан этэбин. Онтон Украинаҕа Анал байыаннай дьайыыга сылдьааччылар тустарынан матырыйааллары улуустааҕы штабтан ылан сырдаппыппыт хаһыат страницаларгар баара биллэр. Ону да кистэлэҥ диэннэр — быстах-остох…

Онон итэҕэс, барыларын суруйбатаххыт диэн хомуруйбаккытыгар көрдөһөн туран, бу сэрии-кыргыһыы ынырык суолларын ааспыт дьон ааттарын ааттыыбын. Баҕар мантан сиэттэрэн, кинилэри үйэтитии тахсаарай…

Садовников Иннокентий Иннокентьевич – 1995 сыллаахха Чечня сэриитин кыттыылааҕа. Челеюрт, Зани, Дубаюрт дэриэбинэлэри, Гудермес, Грознай куораттары көмүскээҺиҥҥэ актыыбынай кыттыытын иһин «Суворов» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Степанов Дмитрий Сергеевич – 1999 сыллаахха Чечня сэриитин уонна Сирияҕа интернациональнай ытык иэһи толоруу кыттыылааҕа, Грознай куораты көмүскээбитэ. Старшай сержант. «Жуков» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Биһиги билэрбитинэн, Волгоградскай уобалас Камыши куоратыгар олорор. Билигин СВО-ҕа сэриилэһэр. 56-с десантнай-штурмовой биригээдэҕэ разведка отделениетын командира.

Бережнов Александр Александрович — 1999 сыл алтынньы ый 14 күнүттэн 2000 сыл олунньу ыйыгар диэри Чечня сэриитин кыттыылааҕа. 21005 №-дээх байыаннай чаас рядовойа этэ. «Ветеран боевых действий» дастабырыанньалаах.

Черемкин Дмитрий Дмитриевич — Хотугу Кавказка Холбоһуктаах сэбилэниилээх күүстэр кэккэлэригэр байыаннай сулуууспатын барбыта. «Мужество» уордьанынан наҕараадаламмыта.

Кинилэри сэргэ биһиги бүгүн ытык иэстэрин Россия тутула халбаҥнаабат, дойдубут көҥүл буоларын иһин Хотугу Кавказка бойобуой дьайыыларга кыттыбыт, «Ветеран боевых действий» дастабырыанньалаах Сорокоумов Егор Евгеньевич, Слепцов Алексей Владимирович, Слепцов Николай Николаевич, Слепцов Альберт Олегович, Данилов Юрий Иосифович ааттарын ааттыыбыт.

Боевиктары кыргыспыт уол

Саввинов Ростислав Валерьевич «Ветеран боевых действий» диэн дастабырыанньалаах, I Чеченскэй сэриигэ кыттыбыт буойун. Билигин Абый улууһугар Судебнай приставтар управлениеларыгар сулууспалыыр, лейтенант званиелаах. Бэйэтэ Үөһээ Бүлүү Маҥааһыттан төрүттээх, урут полицияҕа уһуннук үлэлээбит уопуттаах киһи. Ростислав Валерьевич Белай Гораҕа үлэлии кэлбитэ алтыс сыла. Дьоно куоракка олороллор. Кэргэнэ «Тыгын Дархан» рестораҥҥа, уола Росреестргэ үлэлииллэр. Билигин кини кэпсээниттэн суруллубуту ааҕыҥ.

1994 сыллаахха Бурятияҕа Песчанка диэн сиргэ танковай батальон учебкатыгар сулууспалыы сырыттаҕына, 1995 сыллаахха Свердовскайга поеһынан элбэх саха уолаттарын кытта ыыппыттар. Ханна баран иһэллэрин билбэт үһүлэр. Оннук биэс суукка айаннаан, Чечняҕа Мордок куоракка кэлэн сүөкэммиттэр. Кини Чечен-аул диэн дэриэбинэҕэ бойобуой сорудаҕы толорорго анаммыт. Грознайтан кэлэр суолга бандьыыттар кэлэллэрин бопсор сыаллаах блиндажтарга олохсуйбуттар, траншеяларга дьуһуурустубалыыллар үһү. Бастаан астара диэн олох суох кэриэтэ эбит, Ростислав 7 киһиэхэ биир бухаанка килиэп тиксэрэ диэн сонньуйар…

Бу 324-с аатырбыт полк састаабыгар сылдьар саха уола олунньуга үс чаастаах кыргыһыыга кыттан турар. Боевиктар хойуу тумаҥҥа хаххалатан карагач ыркыйын быыһынан, взвод кэтэҕэр тахсан, гранатометунан ытыалаабыттар. Биһиги дьоммут пулеметунан, автоматынан харса суох ытыалаан өстөөҕү салгыы киллэрбэтэхтэр. Ол үрдүнэн, хас да саллаат ыараханнык бааһырбыт. Ростилав Валерьевич этэринэн, буулдьа ыйылыыра, граната тоҕо барара дьулаан хартыына эбит. Старые Атаги диэн Мордоктан балачча тэйиччи дэриэбинэттэн морской пехотинецтар көмөҕө кэлэннэр, бандьыыттары Аргун өрүс диэки үүрбүттэр уонна үүт ферматын таһыгар урусхаллаабыттар.

Ити кыргыһыы иһин туох наҕараадаҕа тиксибиккиний диэбиккэ, тугу да биэрбэтэхтэрэ диэн буолла. Ол саҕана быһыы-майгы уустук буолан, түптээх бэрээдэк докумуону толорууга суоҕа бэрт этэ диэн быһаарда. Кэлин «25 лет I Чеченской кампании» уонна «100-тие Вооруженных Сил России» диэн мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Демобилизацияланан баран үөһэ эппитим курдук, полицияҕа үлэлээбит. Бойобуой дьайыылар бэтэрээнин быһыытынан ыйга 4200 солкуобайы биэрэллэр эбит, «атын ханнык да чэпчэтии, дьиэ-уот туһунан сурах-садьык да суох», — диэн төбөтүн быһа илгистэр. Ити быыһыгар, кини суоҕуна, Абый уола Садовников Иннокентий–Чечен Кеша кинилэр взводтарыгар Чечен-аул таһыгар кэлэ сылдьыбыт этэ диэн өйдөөн хаалбыт. Уонна, хата, эрдэ демобилизацияланаммын өлбөтөҕүм диэн үөрэрин, бойобуой бырааттаһыы бу улууска биллибэтин этэн аһарда.

Умнуллубут саллааттар дуо?

Биһиги оройуоммутуттан бойобуой дьайыыларга кыттыбыт уолаттар тоҕо эрэ анал акцияларга, операцияларга сылдьыбыттарын кэпсиэхтэрин, кэпсэтиэхтэрин баҕарбаттар. Баҕар, ол сэрии кырыктаах өйдөбүллэрэ санаа баттааһына буола сылдьарыттан буолуо диэн сэрэйэбин. Кинилэргэ хом санаабын туппаппын. Ол гынан баран, биир түгэҥҥэ өйдөбүллэрэ биирин тириэрдиэхпин син биир наада.

Уолаттар бойобуой дьайыыларга кыттыбыттарга 3-4 тыһыынча солкуобайтан ордук ханнык да чэпчэтии көрүллүбэтин, эбэтэр көрүллэрин ситэ эккирэтиһэн ылбаттарын, суламмакка эрэ, таах ахтан ааһаллар. «Барарбытыгар военкоматтарга эрэннэрии бөҕө буолбуттара, Россия хаартатын ыйан кэбиһиҥ, ол точкаҕар уһаайба сирин биэриэхпит, эҥин диэн ала-сала түһүү этэ», — диэн албыннаттарбыттарыгар хомолтолорун этэллэр. Кырдьык да оннук курдук — тоҕо эрэ араас сойуустар, түмсүүлэр уонтан тахса сыллааҕыта террористары утары сэриилэспиттэргэ болҕомтону толору уурбаттар, бу дьон билбэттэрэ элбэх диэн санаанан салайтаран, докумуон оҥоруутугар көмөлөспөттөрүттэн, ханнык инстанцияҕа сылдьыахха сөбүн быһаарбаттарыттан итинник түмүгү оҥорорго тиийиллэр. Мэктиэлэммит тыл толоруллубатыттан бэтэрээн буойуннар бу темаҕа кэпсэтиэхтэрин да баҕарбат буолбуттара тылларын тамаҕыттан биллэр буолбут…

Бу курдук хаҕыс сыһыаны уларыппатахха, патриотизм тематыгар тугу гынарбыт күүгэн курдук уостан хаалыа суоҕа дуо? Чиэстээһин, ыччаты кытта көрсүһүүлэри тэрийии, бэлэх-туһах туттаран санааларын көтөҕүү, ама, кыаттарбат үһү дуо!

Николай ПЕТРОВ.