Бүгүн, олунньу 24 күнүгэр, Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылынан Ураһалаах нэһилиэгэр «Дьиэ кэргэним – көмүс биһигим» үɵрүүлээх тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста.
Ыал, дьиэ кэргэн, мэлдьи сылаас оһохтоох, итии чэйдээх алаһа дьиэ хас биирдии киһиэхэ саамай күндүтэ. Дьиэ кэргэн киһиэхэ таптыыр, харыстыыр, киэн туттар, кыһанар, олох үтүөтүн, кэрэтин тустуур истиҥ-иһирэх көмүс биһигэ.
Дьиэ кэргэн, оҕо аймах сылыгар анаммыт кэнсиэри 10 эйэлээх, көхтөөх, айар дьоҕурдаах нэһилиэк дьиэ кэргэттэрэ киэргэттилэр. Ону таһынан Белай Гораттан биир дойдулаахтарбыт эҕэрдэ нүөмэрдэринэн үөртүлэр.
Дьоро киэһэ иккис чааьыгар ССРС култууратын туйгуна Анастасия Алексеевна Дохунаева кэриэһигэр анаан «Тыыннаах тыл» улуустааҕы театрализованнай туруоруу күрэҕин кыттыылаахтарын толорууларыгар Н.Д. Неустроев «Тиэтэйбит» комедиятыттан быһа тардыы кэнсиэри ордук сэргэхситтэ.
Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сыла ситиhиилэри эрэ сиэттиһиннэрдин. Дьиэ кэргэммит олоҕо баай, байылыат, чөл туруктаах, дьоллоох буоллун. Ийэ дойдутбутугар эйэлээх олох тосхойдун!
Мария Садовникова, Ураһалаах.