«Ырыа ситмниир долгуна» бырайыак

Майыарга 11-с кылаас үөрэнээччитэ, оскуола лидерэ Симон Рязанскай авторскай бырайыагынан «Ырыа ситимниир долгуна» диэн олус үчүгэй киэһэ буолбут. Учууталлар уонна оҕолор икки ардыларыгар ырыа күрэҕэ («Битва поколений» курдук).

Күрэххэ хамаандалар иккилии соло, дуэт, трио уонна биир хор туруорбуттар. Элбэх киһи кыттыбыта күрэҕи ордук сэргэхсиппит.

Түмүккэ соло толоруутугар Евдокия Николаевна Черемкина «Сааскы саһарҕа» ырыанан кыайыылаах буолбут.

Дуэтынан толорууга — Лия Егоровна Слепцова,  Роман  Прокопьевич Корякин дуэттара бастаабыт. «Эдэр саас» ырыанан үөрэнээччилэр Инна Никулина, Эмма Сидорова, Саина Шелковникова бастыҥ трионан ааттаммыттар. Оскуола учууталлара «Доҕордоһуу» ырыанан кыайыыны ситиспиттэр.

Биэчэри оҕолор, учууталлар, үлэһиттэрэ бары оскуола гимнин ыллаан түмүктээбиттэр.

«Бырайыагы олус биһирээтибит. Салгыы ыытарга диэн түмүктээтибит уонна аныгыскыга үҥкүүгэ күрэх тэрийиэх буоллубут.

Өссө биир үөрүүлээҕэ – оҕолор түмсүүлэрин төрөппүттэр өйүүллэрэ. Ол курдук, төрөппүт, оскуола выпускнига, элбэх оҕолоох ыал аҕата Владимир Васильевич Рязанскай «Нөсэгчэн» оҕолор түмсүүлэрэ сайдыытыгар 10 тыһ. солк. спонсордаата”, — диэн Майыар оскуолатын дириэктэрэ Сардана Гаврильевна Черова үөрүүтүн үллэһиннэ.

Сусанна Никитина.