Ураһалаахха — «Дойдум салгына тыынна биэр» көмө акция

Олунньу 3 күнүгэр Ураһалаах олохтоохторо бары бииргэ түмсэн, биир өйүнэн-санаанан  #Своихнебросаем  патриотическай акцияҕа кыттыстыбыт. Киэн тутта, долгуйа күүппүт уолбутугар – Николай С. күүс-көмө, өйөбүл буолар «Дойдум салгына тыынна биэр» аһымал кэнсиэрбит  үрдүк таһымнаахтык ааста.

Ийэ дойдутун көмүскүү, быстах мобилизацияҕа хабыллан биһиги нэһилиэкпититтэн бэбиэскэ  тутан барбыт саллааппыт дойдутугар кэлбититтэн бука бары долгуйан, үөрэн туран тэрээһиммит дириҥ ис хоhоонноох буолла.

Олохтоох дьаьалта баһылыга Майа Нориковна Шкулева, улуус култууратын салайааччыта, улуустааҕы анал байыаннай штаб салайааччыта Айталина Алексеевна Унарова уонна сынньалаҥ киин уус-уран салайааччыта Галина Афанасьевна Белоус байыаска ис сүрэхтэн тахсар махтал тыллары эттилэр.

Тэрээһиҥҥэ оҕолуун, улаханныын 45 киһи кыттыыны ылан, көрөөччүлэр сүргэлэрин көтөхтүлэр. Быыһыгар уйадытар түгэннэр дьону туспа турукка киллэрдилэр.

Сынньалаҥ киин аатыттан бу тэрээһиҥҥэ ыҥырыыбытын ылынан, сөбүлэһэн, бэйэҕит кылааккытын киллэрбиккитигэр махтал тылларын тиэрдэбит: ыллам ырыаһыттарга, саха норуотун фольклорун өрө туппут, эдэрдии тэтимнээх үҥкүүһүттэргэ. Ол курдук Айталина Алексеевна Унароваҕа, Аркадий Алексеевич Егоровка, Мичил Петрович Кириллиҥҥа, Аида Сергеевна Антоноваҕа, Алексей Егорович Слепцовка, “Эдэн” саҥа тэриллибит Абый улууһун эдэр ыччаттарын үҥкүү бөлөҕөр.

Киэн туттар киһибитигэр, дурда-хахха оҥостубут биир  дойдулаахпытыгар, нэһилиэкпит аатыттан анал байыаннай дьайыыга сылдьар  саллааппытыгар Слепцов Н. ис сүрэхпититтэн харыстаан туран алгыс тылларбытын аныыбыт:

«Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума, үрдүгүттэн үргүөр үргуйбэтин, кэннигиттэн аргыар аргыйбатын!».

Көмөлөһөр сыаллаах кэнсиэр уонна көмө акция  түмүгүнэн киирбит 30 000 солк Николай Константиновичка туттардыбыт.

Ийэ сир урдунэн

Эйэ, дьол барҕардын,

Олохпут күн аайы

Үөрүүнэн  сыдьаайдын.

Мария Сдовникова, Галина Белоус.