Бу күннэргэ Абый оройуонугар баһаар туран ыксаллаах быһыы-майгы үөскээтэ. Үөһэнэн сүүрэр уот “субу бөһүөлэк иһигэр киирбитин курдук” хаартыскалара социальнай ситимнэри толорон, атын сиргэ кытта дьон аймалҕанын таһаарда. Бүгүн Уолбут сэлиэнньэтиттэн эвакуацияламмыт дьону кытта көрсөн, балаһыанньа хайдаҕын билистибит.
Марфа Хабарова, учуутал: 20-чэлии киһинэн вертолет 3 төгүл дьону таста. Оҕолору, инбэлииттэри бастакы-иккис рейскэ ылбыттара. Бастаан наар буруо этэ, онтон 2-с рейстэн 3-с рейскэ диэри портка күүтэ сырыттахпытына уота номнуо көстүбүтэ. 3 дьахтар, ол иһигэр медицинскэй үлэһит уонна эр дьон бары хаалбыттара.
Ыксалынан эвакуацияланныбыт. Бэйэҕит билиҥ диэбиттэрэ буоллар, бары да хаалыа эбиппит. Ас астыырга да көмө наада, дьиэбитигэр да үлэлэниэхпит этэ. Докумуоннарбытын эрэ ылан баран кэллибит.
Оскуола докумуоннарын кууллаан баран манна ыыппыттар этэ. Компьютердар эҥин барыта хааллылар. Оксана Олеговна Стручкова солбуйа олорор. Кини биһигини кытта кэлбитэ эрээри, сарсыҥҥы күн төттөрү барбыта. Клавдия Егоровна 3 ынаҕын ыы сылдьар буолан хаалаары гыммыта. Ону олох күүстэринэн ыыппыттара да, эмиэ төттөрү барбыт.
Зырянкаттан вертолет доброволецтары аҕалбыта. Дьахталлар сарсыарда аспытын астаан ыытар этибит. Аны билигин ити хаалбыт дьахталлар эрэ астыыр буоллахтара.
Балаһыанньа тубустаҕына, төттөрү бараары кэтэһэ сылдьабыт.
Аксиния Жиркова, пенсионерка: Мин маҥнайгы вертолетунан кэлбитим. Бэйэм дьиэбэр баарбын. Төрүт сытар 3 ыарыһахтаахпытын балыыһаҕа киллэрбиттэрэ.
Дьон кууруссатын көрө сылдьар этим, олору таһаартаан кэбиспитим, хаһаайына баһаарга сылдьар. Сүөһүлээх дьон субаннаан баран кэллилэр.
Сүрдээҕин ыксыы, куттана сырыттыбыт. Бүгүн утуйан туран эҥин уоскуйдубут. 4-түү эрэ чаас утуйа-утуйа дьоммутугар ас астаан ыытар этибит. Бүгүн мантан астаатыбыт.
Бачча элбэх дьон дьиэбитин-уоппутун быраҕан туран сырыттахпыт дии. Төттөрү барарбытын долгуйа күүтэбит.
Миигиттэн өрөспүүбүлүкэ ханнык эрэ хаһыатын корреспондена тахса сылдьан балаһыанньаны ыйыппыта уонна сороҕун олох уларытан суруйбут. Ону ааҕан соһуйдум. Хата ааппын эмиэ уларыппыт.
Бэҕэһээ “Уоппут кыайтарымаары гынна, онон эвакуацияланар буоллугут”, – диэн эмискэ эппиттэрэ эрээри, эрдэ сээкэйгитин хомуна, бэлэмнэнэ, чөкөтө сылдьыҥ, докумуоннаргытын чугаһаттыҥ диэн эрдэ сэрэппиттэрэ.
Дьиҥэр, уот олорор күөлбүт таалатыттан кылаабыһаҕа кэлэрэ түргэн. Онтон үргүлдьү таала анныгар станциябыт турар. Биһигини ол иһин эвакуациялаатахтара дии.
Ол эрээри, билигин балаһыанньа тубуста дииллэр. МЧС-тар бааллар, баһаарынайдар кэлэн үлэлииллэр. Онон санаабыт бөҕөх. Олус көмөлөстүлэр, абыраатылар. Онон кэлэн үлэлии сылдьар дьоммутугар улахан махтал!
Анастасия СОРОКОУМОВА.