Күн сирин күлүмнүүр түөһүгэр,
Күөх сирэм күөгэйэр күөнүгэр
Мин тохтор тойугум чугдаарыа,
Мин тылым, дьэ, ордук сатарыа.
Уолбут нэһилиэгэр Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах уон хонуктаах араас өрүттээх тэрээһиннэр буолан аастылар.
Декада устата Ойуунускай кэпсээннэринэн инсценировка, хоһооннорун ааҕыы, «Ойуунускай олоҕо уонна олоҥхоҕо сыһыана» ааҕыы күрэҕэ, биктэриинэ, Ойуунускай айымньыларын тула санаа үллэстии, «Хоочугур уола Былатыан» Сардана Платоновна Ойуунуская суруйбут поэматыттан быһа тардан ааҕыы тэрилиннэ.
Түмүктүүр дьоро киэһэҕэ култуура киинин коллектива Ойуунускай «Сүүс сыллаах былаан» айымньытын күлүк театрынан көрдөрдө. Суруйааччы битэ-билгэтэ, өтө көрөр улуу дьоҕура — барыта силбэһэн, маннык ураты айымньы айыллан тахсыбытын көрөөччүгэ тириэртэ.
Вероника Горохова, Уолбут.