Уолаттары булт үөрүйэхтэригэр сыһыараллар

Абый агрооскуолатын «Туризм» куруһуок иитиллээччилэрэ сылаас кэмҥэ илим үтэн, көрөн собо бултаатылар, дьоннорун күндүлээтилэр. Бу иннинэ туһах ииттэн, 3 куобахтаах кэлбиттэрэ. «Туһахпытыгар тииҥ иҥнибит этэ», — диэн күлэ-күлэ уолаттар кэпсииллэр. Дьулус, Тимур, Айтал, Саша, Спартак  учууталларын кытта бириэмэлэрин туһалаахтык атааралларыттан астыналлар. Кинилэр 8-с кылааска үөрэнэллэр.

Куруһуогу география учуутала Александр Алемпиевич Дохунаев салайар, сиргэ-уокка хайдах сылдьарга, булт кистэлэҥнэригэр үөрэтэр.

«Уолаттарбыт илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэн улаханнык үөртүлэр. Аҕалар сорох ардыгар бириэмэ булан уолаттарын булка-алка илдьэ сылдьыбаттар. Учууталбытыгар Александр Алемпиевичка улахан махтал», — диэн төрөппүт Вера Дохунаева санаатын үллэһиннэ.

Сусанна Никитина.