Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Анисия Черемкина ыам ыйын бырааһынньыктарын көрсө Дьокуускайтан түргэнник бородууксуйаны биэрэр бытархай сүөһүлэри аҕалбытын туһунан кэпсээтэ.
Олохтоохтор сакаастарын толороору Анисия Николаевна бэйэтинэн сүүрэн-көтөн, хаһааҥыҥҥытааҕар да элбэх түргэнник ситэр дьиэ кыылларын атыыласта. Ол көтөрдөр, кыыллар Абый сиригэр-уотугар кэлэннэр, саҥа хаһаайыттарын буллулар.
Ол курдук, «Хатас» ОПХ-тан, Нам улууһун Хомустааҕыттан 4 козаны (иккитэ альпийскай боруода), Мархаттан «Кабохин» КПХ-тан 21 сибиинньэ оҕотун, Дьокууускайдааҕы көтөр фабрикатыттан 417 кууруссаны кэпсэтэн-дуогабардаһан ылбыт. Бу кыылларын самолетунан Белай Гораҕа диэри кэлэр бырайыастарын управление бэйэтэ уйуммут. Онтон олохтоохтор, дьиэ кыыллара олорор нэһилиэктэригэр тиийбиттэрин кэннэ, ким тугу сакаастаабытын харчытын төлөөн ыллылар. Холобур, биир куурусса 570 солкуобай, альпийскай коза 7000, боростуой коза 5000, сибиинньэ оҕото 1 киилэтэ 478 солкуобай буолар эбит.
Нэһилиэктэринэн үллэрии сакаас быһыытынан маннык буолла.
Абыйга 97 куурусса, 1 сибиинньэ оҕото барда. Дьооскулар 13 кууруссаны уонна 1 чооскуну ыллылар. Муҥурдаах нэһилиэгэр 74 куурусса, 8 чооску уонна 2 коза тиийдилэр. Майыар нэһилиэгэ 106 кууруссаны, 4 боросуонагы, икки козаны ылан, бу икки нэһилиэк, маннык — элбэх ороскуоту эрэйбэт кыыллары тутарга интэриэстээхтэрин көрдөрдүлэр. Ураһалаахтар 2 чооскунан муҥурданылар. Уолбукка 65 куурусса уонна 3 сибиинньэ оҕото тиийдэ. Белай Гора олохтоохторо 61 кууруссаны, икки чооскуну ыланнар, үөрдүлэр.
Тыа хаһаайыстыбатын управлениета сыллата, дьон бэйэтин остуолугар тардар аһын ассортимена тупсарыгар анаан, маннык үлэни-хамнаһы ыытара нэһилиэнньэ ортотугар биһирэнэр буолбута иккис сыла.
Николай ПЕТРОВ.