Аныгы бэтэрээннэр дьиэ кэргэн эрэ интэриэһинэн олорботтор, кинилэр бу саастарыгар диэри үлэлии-хамсыы сылдьаллар, актыыбынай олоҕу тутуһаллар, уопсастыба тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлар.
Абый нэһилиэгин бэтэрээннэрэ эмиэ сааһырдыбыт диэн дьиэлэригэр бүгэн олорбокко, олоххо актыыбынай позицияларын көрдөрөн, олох үөһүгэр сылдьаллара киһини үөрдэр. Бэтэрээннэр түмсүүлэрин Любовь Григорьева салайар. Быыс булан, Любовь Михайловналыын кэпсэттим. «Кырдьык, мин кыргыттарым, уолаттарым олус көхтөөх, актыыбынай дьон. Туох баар тэрээһинтэн туора турбакка кытталлар, эдэрдэргэ холобур буолаллар. Дьиэ ис-тас түбүгүттэн быыс булан, саас, күһүн элбэхтэ айылҕаҕа сылдьабыт. Истиҥник кэпсэтэн, күлэн-үөрэн, хаартыскаҕа түһэн дуоһуйа сынньанабыт. Итии чэйдээх, сылаас астаах, көр-күлүү, ырыа-тойук аргыстаах түмсэрбитин олус сөбүлүүбүт.
Кэнсиэрдэргэ ыллаан, үҥкүүлээн, сценка арааһын көрдөрөбүт, хоһоон ааҕабыт. Бу маны барытын тэрийэр анал эппиэттээх дьоннордоохпут. «Алгыс» үҥкүү ансаамбылы Людмила Черемкина, хоһоон, фольклор куруһуогун Варвара Черемкина, хаамыы, чэбдигирии куруһуогун Людмила Бальчинова, ырыаны Светлана Стручкова, хаһаайкаларга аналлаах түмсүүнү Анна Эверстова салайан үлэлэтэллэр. Айылҕаҕа, үбүлүөйдэргэ, араас көрсүһүүлэргэ сырыыбытын үйэтитэн барытын хаартыскалаан, видеолаан, клип оҥорон таһаарар киһибит — Анна Слепцова буолар. Тэрээһиннэри иилиир-саҕалыыр, саамай актыыбынай дьоннорбунан — Стручкова Р.М., Петрова А.И., Никулина В.М., Антонина, Василий Соломовтар, Анна, Алемпий Дохунаевтар уо.д.а. буолаллар»
Маны таһынан, Абыйга киэн тутта кэпсиир аҕам саастаах волонтердар бааллар. Волонтер диэн бэйэтин баҕа санаата баһыйан, үтүө санааттан көмөнү, туһаны оҥорор киһи диэн быһаарыахха сөп. Биир оннук киһибитинэн ытыктыыр бэтэрээн учууталбыт Ариан Томскай буолар. Ариан Тимофеевич эдэр эрдэҕиттэн бөһүөлэк тулатынааҕы тыа ыһылларын-тоҕулларын олох сөбүлээбэт. Дьиэтиттэн чугас сытар территориялары биир да ыһылла сытар маһа, бөҕө суох гына куруук хомуйа сылдьар. Кини соҕотох сылдьан хомуйарын ким да өйдөөн көрбөт, билбэт. Кимиэхэ да эппэккэ, биллэрбэккэ сылдьан, ферма таһын, оттуу барар суоллары, отоннуур сирдэри, забойня сирин, урукку ньирэй сарайын — барытын хомуйбута. Сарсыарда дьон туруон иннинэ, дьарык оҥостон, маһы-сыыһы барытын хомуйан, мунньан кэбиһэр. Оттуллар маһы туспа бэрээдэктээн, дьоҥҥо этэн ылларар. Табах окурогын, кумааҕыны, ол-бу кыра сыыһы да быраҕалларыттан наһаа хомойор, дьон өйдөөбөттөрүн дьиктиргиир. Биһиги диэки уулуссаҕа быраҕыллан турар дьиэлэр тиэргэннэрин, охтубут күрүөлэрин ыраастыыр, дьорон унуоруттан хотоннору көтүрэн дьаарыстыыр. Онно кини кимтэн да наҕараада, хамнас көрдөөбөт. Өйдөөн көрбүт дьон үөрдэхтэринэ, онон сөп буолар.
Галина Слепцова эмиэ сайын, саас ахсын сиэннэрин, оҕолорун кытта бөһүөлэк кырыы өттүн, эргэ хотон таһын хомуйаллара — дьиэ кэргэн үтүө үгэһэ буолла. «Улахан мастары чөмөхтөөн, уокка отторго бэлэмнээн, кыра мас сыыһын тута уоттаан кэбиһэбит. Олорор сирбитин, дойдубутун таптыырга оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэбит», — диэн Галина Константиновна санаатын үллэстэр.
Ити курдук, күндү дьоммут үүнэн эрэр көлүөнэҕэ тус холобурдарынан, үлэлэринэн-хамнастарынан төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэллэр.
Аҕа көлүөнэ дьоммут, ытыктыыр бэтэрээннэрбит! Эдэр көлүөнэҕэ бэйэҕит мындыр билиигитин, үлэлээбит уопуккутун үллэстэргитинэн, нэһилиэк, улуус олоҕор көхтөөхтүк кыттаргытынан киэн туттабыт.
Мэлдьи да маннык чэгиэн-чэбдик, үөрэ-көтө сылдьыҥ дуу диэн алҕыыбыт.
Анна ЧИРКОВА, Абый.