Төрөөбүт тылын туруулаһар эдэр суруналыыс

Урукку сылларга “Хотугу Кыым” хаһыат ааҕааччылара Эльдар Садовников диэн эдэр кэрэспэдьиэн суруйууларын интэриэһиргээн ааҕаллара. Кини билигин тугу гынарый, тугунан дьарыктанарый?

Эдэр саас – киһи кэрэҕэ тардыһыыта, олоххо туһалаах буолар уопуту мунньунуута муҥутуурдук сайдар кэмэ. Аныгы кэм устудьуоннара үлэлииллэрэ-хамсыыллара үөрдэр. Сыаҥааннаахтан сыдьааннаах, В.Н.Дохунаев аатынан Муҥурдаах орто оскуолатын выпускнига, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун 4 кууруһун устудьуона Эльдар Садовников «Ил Түмэн» парламен хаһыатын кэрэспэдьиэнэ.

«Кэскилтэн кынаттанан»

Суруналыыстыкаҕа, айар үлэ абылаҥар суолун бэрт кыра сааһыттан саҕалаабыта. 2014 сыллаахха «Кэскил» хаһыакка бэчээттэниэҕиттэн, уостубакка айа-тута сылдьар. Оскуолатааҕы сылларыгар Абый улууһун «Хотугу Кыым» хаһыатын эдэр кэрэспэдьиэнэ, оскуолатааҕы «Эрэл», улуустааҕы «Вестник «Сайдыы» хаһыаттарга эрэдээктэр, лиидэр этэ.

Айар үлэтин 2022 сыллаахха «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатыгар кэрэспэдьиэнинэн саҕалаабыта. Бу кэмҥэ Москваҕа федеральнай межэтническай суруналыыстыка оскуолатыгар үөрэммитэ. «Кэскил» хаһыакка, «Бэлэм буол» сурунаал кэрэспэдьиэнинэн, шеф-эрэдээктэринэн, keskil14.ru саайт кэрэспэдьиэнинэн, эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлээбитэ, өрөспүүбүлүкэ араас улуустар медиа-оскуолаларын кытта ситимнэспитэ, салайбыта.

— Тугу бэлиэтээн этиэҥ этэй?

Саамай чорботуохпун баҕарарым – оҕолору, эдэр кэрэспэдьиэннэри кытта алтыһыы, үлэ. Бүлүүгэ буолбут «Табыс» бэстибээл, СӨ Билим дьоҕус академия, «Сосновый Бор» киин истэринэн медиа-сменалар ыытыллыбыттара. Мин салайбыт бөлөҕүм хас биирдии үөрэнээччитэ сүрэхпэр сөҥпүтэ, күндү буолбута. Бэйэм тугу билэрбин, сатыырбын кэпсии, үллэстэ сатаабытым, дьоҕурдарын таба көрөн, ураты өрүттэрин арыйарга дьулуспутум, учууталларын кытта ситимнэспитим.

«Эдэр саас» тула ыччат түмсэр

2023-2024 сс. «Саха сирэ» хаһыат иһинэн түөрт сыл тохтообутун кэннэ түөрт балаһалаах «Эдэр саас» сыһыарыылары сөргүтэн таһаарда. Бу быһыы-майгы саха суруналыыстыкатыгар биир бэлиэ түгэнинэн буолбута. «Ханнык баҕарар тэрилтэ, биһиги түгэммитигэр хаһыат, туруктаах буолар төрдүн, уйгутун бигэ тирэҕэ — кини бэйэтин тула түмэр ыччатын кыаҕар, санаатын күүһүгэр, үтүөҕэ тардыһар өйүгэр олоҕурар», — диэн бэлиэтээн этэр.

Сэтинньи 23 күнүгэр «Эдэр саас» хаһыат 30 сылын бэлиэтээбиттэрэ, онно Махтал суругунан наҕараадаламмыта. Саха суруналыыстыкатын аксакаллара, В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Судаарыстыбаннай бириэмиэйэ лауреаттара Иван Иванович Ксенофонтов, Иван Петрович Ушницкай эдэр уолга алгыстарын анаабыттара.

— Үбүлүөйү бэлиэтиир күҥҥэ туох санаалар үөскээбиттэрэй?

Хаһыаппыт 30 сааһын эдэр уонна аҕам саастаах суруналыыстар тэҥҥэ бэлиэтээбиппит — уһуур кэм, «киэһэ» огдолуйбат бэлиэтэ буолбута. Ситимнээх, өйөбүллээх, настаабынньыктаах ыччат өйө өһүллүбэт, билиитэ бэттибэт буолар. «Эдэр саас» сыһыарыы ыччаты бэрт сэргэхтик бэйэтин тула хомуйан, суруйууга көҕүлээбитэ. Ыччат эт саастыы дьонун туһунан ааҕарын сөбүлүүр: ким эрэ холобур оҥостор, ким эрэ туохха эрэ үөрэнэр. Устудьуоннары көҕүлүүр туһуттан сыһыарыыбытыгар араас тиэмэҕэ ырытыы матырыйааллар, эдэр ыаллар, хамнастаах устудьуоннар, ыччат кэпсээннэрэ тахсыбыттара. 

Саха суруналыыстыката сарсыҥҥылаах, сайдар саргылаах буолара, биһигиттэн, эдэр дьонтон, тутулуктаах эппиэтинэһин толору өйдүүбүт. Ким да ону биһиги оннубутугар оҥорон, толорон биэриэ суоҕа. Аҕыйах, биэс-уон сылынан, саҥа айар көлүөнэ дьон кэлиэ турдаҕа. Онон бүгүн хорутуулаахтык үлэлии сылдьар уопуттаах суруналыыстартан, билиҥҥи ыччат бэрэстэбиитэлэ буоларым быһыытынан, үөрэнэбин, билиибин хаҥатабын, суруйар баҕалаах эдэр дьону «Эдэр сааска» тардар соруктаах үлэлээбитим.  

Суруналыыс идэтигэр элбэх кыһалҕа баар. Ол эрээри, саамай кутталлааҕа – суруналыыс умуллубут хараҕа. Куруутун үлэлии-хамныы, үүнэ-сайда сылдьыахха наада. Билиҥҥи үйэ суруналыыһа олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар киһи буолуохтаах.

Парламены сырдатар

Билигин «Ил Түмэн» парламен хаһыатын сахалыы таһаарыытын кэрэспэдьиэнинэн үлэлиир. Бэлиэтээн эттэххэ, бу сылга Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун анал «Биһиги эрэлбит» диэн истипиэндьийэтин уонна «Уһун Дьурантаайы» саха суруналыыстыкатын аһаҕас күрэҕэр «Кэскил» диэн анал биһирэбили ылбыта.

«Ил Түмэн» хаһыат уратыта туохханый?

«Ил Түмэн» хаһыат ураты бөҕө буоллаҕа, соҕотох, ханнык да эрэгийиэҥҥэ парламен бэйэтэ хаһыата суох, бу — сокуону билиигэ эрэллээх бэчээт таһаарыыта. Саха сирин парламенын ааспыт, бүгүҥҥү историятын сурукка тиһэр. Хаһыат 16 балаһанан нэдиэлэҕэ биирдэ нууччалыы уонна сахалыы тылынан тахсар.

Бастакы нүөмэрэ 1999 сыл балаҕан ыйын 25 күнүгэр тахсыбыта, ол кэмтэн ыла 25 сыл ааһа охсубут. Бу сыллар тухары саха парламена, норуот дьокутааттара хайдах сокуон ылыналларын  уонна кинилэр үлэлэрин-хамнастарын, норуокка сокуоннар хайдах дьайалларын туһунан толору сырдатан кэллэ. Ону таһынан, Сахапарламент саайт үлэлиир. Социальнай ситимнэринэн – Телеграмҥа, ВКонтакте – ааҕааччыларбыт эмиэ биһиги страницаларбытын киирэн көрүөхтэрин сөп.

«Ил Түмэн» хаһыат парламент үлэтин эрэ буолбакка, былаас үлэтин-хамнаһын  эмиэ сырдатар. Холобур, бырабыыталыстыба уонна парламен ыкса таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Сүрүн эрэдээктэрбит Мария Николаевна Христофорова, шеф-эрэдээктэрбит, Саха сирин Суруналыыстарын Сойууһун өр сылларга салайбыт биллэр сруналыыс Галина Алексеевна Бочкарева салайыыларынан бэйэ-бэйэни солбуйсан, үлэни үллэстэн, уустук боппуруостары быһаарсан, кэлэн-баран, сүүрэн-көтөн үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

— Эн санааҕар, хаһыаты ааҕыы тоҕо аҕыйаата?

Уопсайынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хаһыат тирааһын, каадырдарын боппуруоһа – олус уустук. Хомойуох иһин, билигин дьон хаһыаты суруппат буолла. Билэргит курдук, буочта үлэтигэр кэккэ итэҕэстэр бааллар диэн бэлиэтиэхпитин наада. «Ил Түмэн» хаһыакка эрэ буолбакка, атын хаһыаттар эмиэ итинник балаһыанньаҕа олороллор.

Холобур, ааҕааччы суруппут хаһыата нэдиэлэнэн, сорох кэмҥэ ыйынан тиийбэт. Ол курдук, билиҥҥи уустук кэмҥэ ааҕааччы ахсаана күн-түүн аҕыйыыр. Ол да буоллар, төһө да араас элбэх сонуну киэҥник тарҕатар иһитиннэрэр-көрдөрөр сириэстибэлэр баалларын үрдүнэн, хаһыаппыт матырыйааллара олус ааҕымтыалар.

Ол гынан баран, биир өссө сүрүн кыһалҕанан сахалыы ааҕыы, таба суруйуу мөлтөөһүнэ буолар дии саныыбын. Тыл тыыннаах ээ. Төрөөбүт тылынан суруйар, саҥарар бэчээт үлэһиттэригэр олохтоох бэчээт бастаан саҕаланарыгар турбут соруктарыттан итэҕэһэ суох суолталаах сорук турар – төрөөбүт тылы харыстааһын, чөл хаалларыы.

Кэмҥин түһэн биэримэ

Эльдар ыстатыйалара «Кэм», «Үйэ» сурунаалларга бэчээттэнэллэр. Тиэмэтэ киэҥ, суруйуулара дириҥ ис хоһоонноохтор, сахалыы тыла-өһө мааны.

Сытыы бөрүөлээх суруналыыс, суруйааччы Борис Павлов «Кэм» саҥа уус-уран сурунаал иккис нүөмэрэ бу күннэргэ тахсыахтаах. Эдэр суруналыыс саха интеллигенцията төрөөбүт тылы туруулаһыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрсэн, бу сурунаалга ыкса үлэлэһэрэ элбэҕи этэр, эрэннэрэр.

— Бэрт хамсааһын баран эрэр эбит дии..

Сурунаалга театр уонна киинэ хайысхаларын суруйабын. Испэктээктэри ырытабын, артыыстары кытта көрсүһэн кэпсэтэбин, Саха театрыгар элбэхтэ сылдьабын. Театр литератураттан саҕыллар буоллаҕа дии. Суруналыыстыка уонна литература – мин айар үлэм быстыспат сүрүн хайысхалара. Урукку сылларга хаһыакка үлэлиир дьон «Литературный сотрудник» диэн дуоһунастаахтар эбит, ону билэҕит. Бастакы нүөмэрбитин ХИФУ-га уонна Саха театрыгар билиһиннэрбиппит, сүрэхтээбиппит. Сотору сурунаалбыт иккис нүөмэрэ тахсыахтаах.

— Дойдугун ахтаҕын дуо?

Ахтан бөҕө, 2023 сыл Саҥа дьылын Сыаҥаанаахха көрсүбүтүм. Алгыстаах Абый сиригэр-уотугар, илгэлээх-быйаҥнаах Индигир эбэ хонноҕор иитиллибит хотугу сахабын диэн билигин өйдүүбүн. Киһиэхэ төрөөбүт сирэ-дойдута майгытыгар-сигилитигэр хайа эрэ өттүнэн хайаан да сабыдыаллыыр диэччилэр. Мин сүрэхпэр нэһилиэгим эйгэтэ, тыына иҥэн сылдьар. Дойдум, дойдум дьоно айар үлэҕэ иэйиини күөдьүттэхтэрэ, угуйдахтара.

Төһө да киһи киэҥ сирдэринэн арааһы билэ-көрө сырыттар, өйө-санаата син биир төрөөбүт алааһыгар курдары таттара турар эбит. Тиҥиргэччи тэбэр сүрэҕэр дойдута күндү буоларын, ураты миэстэни ыларын өйдүүр.

— Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?

Урукку сахтан гуманист-суруйааччылар диэн бааллар. Оттон арай гуманист-суруналыыстар бааллара буолуо дуу? Маны ааҕааччы ырытыан сөп. Холобур: «Я стал журналистом, чтобы ежедневно заполнять пустоту, чтобы максимально близко подойти к сердцу мира» диэн Генри Люс этиитэ өйбөр охсуллар. Суруйааччы, суруналыыс дьон сүрэҕэр тылын күүһүн нөҥүө тиийэр кыахтаах, дьоҕурдаах, сатабыллаах. Мин оннукка тардыһабын. Дьоҥҥо, дойдугар кыһамньыҥ, тапталыҥ үлэҥ нөҥүө көстүөхтээх.

Эльдарга айар-тутар үлэтин сытыы бөрүөтэ сыппаабатын, билиитин-көрүүтүн өрүү дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэ, саҥаттан-саҥа үрдэллэри дабайа турарыгар баҕарабыт!

Анастасия СОРОКОУМОВА, Сыаҥааннаах