“Төрөөбүт тыл уонна литература бастыҥ учуутала 2024” күөн-күрэс

Абый улууһун историятыгар аан бастакытын төрөөбүт тыл уонна литература учууталларын күрэҕэ буолла. Бу куонкуруһуулуустааҕы үөрэҕирии салалтата В.Н.Дохунаев аатынан Муҥурдаах орто оскуолатын баазатыгар иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыытта.

Хомойуох иһин, күрэххэ үс эрэ учуутал кытынна. Ол курдук, Уолбут оскуолатыттан 35 сыл педстажтаах Марфа Хабарова, Абыйтан 20 сыл уопуттаах Анна Чиркова уонна Муҥурдаахтан Сардаана Слепцова. Маннык тэрээһиҥҥэ кыттыы долгутуулаах, бэлэмнэниитэ улахан. Онон кыттыбыт учууталлары хайҕыахха эрэ сөп.

Күрэс үс түһүмэхтэн турара. Бастакы түһүмэх — бэйэни билиһиннэрии. Аныгы олох ирдэбилинэн медиа диэн саҥа сүүрээни киллэрэн, учууталлар эрдэттэн презентациянан, видеонан оҥорон аҕалбыт матырыйалларын экраҥҥа көрдөрдүлэр. Өрөспүүбүлүкэттэн ирдэбил оннук. Сардаана Слепцова видеотын тыла-өһө, санаатын ситимэ үчүгэй. Анна Чиркова мультимедийнай матырыйаалын биһирээтим.

Бу түһүмэҕи көрө олорон, дьиҥэ, кэнчээри ыччакка ийэ тылы үөрэтэр учууталларбыт сөрүүн сүөгэй курдук сүрэҕи–быары сөрүүргэтэр илгэлээх сахабыт тылынан өрөөбүт тылларын өһүлэн, хоммут уостарын хоҥнорон дьон иннигэр туран, өйдөрүттэн саҥаран-иҥэрэн, этэн-тыынан барбыттара буоллар, төһө эрэ минньигэстик иһиллиэ, кэрэтик көстүө этэй дии санаатым. Ону кытта экраҥҥа көстөр сурук-бичик нууччалыы суруллубутуттан олус хомойдум.

Иккис түһүмэх — “Учуутал мастарыскыайа”. Манна учууталлар үлэлэригэр туттар технологияларын, уопуттарын эмиэ экраҥҥа көрдөрөн, үлэлэрин уопутун сорох видеонан, сорох бэйэ тылынан кэпсээн көмүскээтилэр. Анна Николаевна, Марфа Ивановна киэҥ хайысхалаах сыралаах үлэлэригэр туттар араас технологияларын сырдаттылар. Манна биири этиэххэ сөп: бу түһүмэххэ үлэ уопутуттан чопчу биир технологияны талан, ону кэпсиэхтээх этилэр. Кэҥээбэккэ, дириҥҥэ киирии. Бу түһүмэххэ, мин санаабар, Сардаана Слепцова чаҕылхайдык кытынна. Кини оонньуу технологиятын сэһэргээтэ. Оҕолору кытта хас да сыл устата саха оҕотун сайыннарарга аналлаах 7 араас көрүҥ, барыта 60-тан тахса оонньууну оҥорбуттар. Ону барытын уруокка, кылаас таһынан дьарыкка туһаналлара кэрэхсэбиллээх, наһаа хайҕаллаах. Ити барыта элбэх толкуйтан, кыһамньылаах, айымньылаах үлэттэн тахсар.Биир тиэмэҕэ дириҥник ылсан үлэлиирэ көһүннэ.

Үһүс түһүмэх – аһаҕас уруок. Хомойуох иһин, уруоктары дьүүллүүр сүбэттэн ураты ким да киирэн көрбөтө. Арай кылаас аана сэгэйэн турар буолан, көрүдүөргэ туран иһиттим.

Учууталлар үһүөн саха литературатын уруоктарын ыыттылар. Бары туруорбут сыалларын ситтилэр. Аһаҕас уруогу ыытыыга хайа тиэмэни, уруок тиибин таларгыттан, ханнык технологиялары көрдөрөргүттэн улахан тутулуктаах. Ону кытта литература уруогун уратыта диэн иитэр өрүтэкүүстээх буолуохтаах. Марфа Хабарова уруогар итини таба тайанна диэн биһирээтим.

Тыл – норуот тыына. Онон кэнчээри ыччакка тылы үөрэтэр учуутал уруогар киирдэ эрэ, атын омук тылын булкуйан саҥарара, “бааһынайдыыра”, сыыс тылы кыбытара олуона. Уу сахалыы саҥарара ирдэнэр. Итиннэ улахан болҕомтотун уурдаҕына эрэ, оҕолортон ыраастык саҥарары ситиһиэн сөп.

Биллэн турар, биир уруогунан, биирдэ тахсан, аҕыйах мүнүүтэлээх кэпсээнинэн учуутал өр сыллаах уопутун быһа тардан көрдөрөр судургута суох, онно сыана быһар тутах. Ол да буоллар, күрэс буолбута олус үчүгэй. Сайдыы бэлиэтэ. Ийэ тылбытыгар болҕомто ууруллубута хайҕаллаах. Манна даҕатан эттэххэ, үөрэҕирии салалтатын салайааччыта Александр Винокуров идэтинэн саха тылын учуутала буоларын үөрэ иһиттим.

Түмүккэ: Кыайыылаах — Анна Чиркова, II үрдэли икки учууталга үллэһиннилэр – Сардаана Слепцова уонна Марфа Хабарова.

Салгыы тэрийээччилэртэн, кыттааччылартан интервью ылбыппын ааҕыҥ.

Абый улууһун үөрэҕириитин салайааччыта Александр Винокуров:

Биһиги бу үөрэх дьылыгар иккис күрэҕи ыыттыбыт. Бу иннинэ кылаас салайааччыларыгар оҥорбуппут. Мин бэйэм методическай өттүн салайабын. Оскуолалар бары материальнай-техническэй баазалара толору хааччыллыылаахтар, онон хаачыстыба үрдүүрүгэр, учууталлар иитэр-үөрэтэр таһымнара үрдүүрүгэр үлэлэһэбин.

Төрөөбүт тыл уонна литература учууталларыгар аналлаах күрэс бастакытын буолла. Былырыын олунньутааҕы мунньахха саха тылын учууталлара мустан, ыытыахха диэн былааҥҥа киллэрбиппит. Дьиҥэ, кулун тутар ый бүтүүтэ буолуохтаах этэ. Ону өрөспүүбүлүкэҕэ кулун тутар 13-15 күннэригэр ыытыллар буолла. Инньэ гынан кылгас кэм иһигэр улууспутугар тэрийэн ыыттыбыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыахтаах күрэс бастакы үс түһүмэҕинэн барда. Учууталлар кэлэн кыттыбыттара наһаа үчүгэй.

Уруоктарга тохтуур буоллахха, биир тэҥ тииптээхтэр. Методикаларыгар саҥа технологиялары киллэрэн, эбэн биэриэххэ наада эбит. Уруккулуу соҕус. Марфа Ивановна уруогун ураты соҕустук саҕалаата. Билиҥҥи олоххо сөп түбэһиннэрэн, онлайн ньыманы туһанна. “Чүөчээски уонна Айдаар уобарастарын ырытта. Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо сыла, ону уруогар түмтэ, түмүгэр оҕолор ону өйдөөтүлэр. Туох баар сыаннас барыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар уонна киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах диэн санааҕа кэллилэр. Чүөчээскилээх Айдаар дьоллоох оҕо сааһы билбиттэр дуу, суох дуу диэн эмиэ толкуйдатта. Ону оҕолорыарырҕаттылар (геройдар ыарахан оҕо саастаах буоллахтара дии). Салгыыбу геройдар улааттахтарына, хайдах дьон буолуохтарай диэн ыйытыыга үөрэхтээх, үлэһит дьон буолуохтара диэтилэр. Оттон биир кыыс нэһилиэк баһылыга буолуо этэ диэн интэриэһинэй көрүүлээх эбит. Ол аата оҕолор киһи хайдах буолуохтааҕын толкуйдууллара көһүннэ. Ону таһынан оскуола идэҕэ туһаайыылаах иитиитэ үчүгэй эбит диэн санааҕа кэлэҕин.

Анна Чиркова өрөспүүбүлүкэҕэ баран кыттарыгар проеһа төлөнөр. Бу үс түһүмэҕи аастаҕына, финалга киирэр. Онтон салгыы кылаас чааһа уонна ыйытыыларга хоруйдааһын түһүмэхтэрэ.

Марфа Хабарова, кыттааччы:

  • Мин 1994 сылтан идэтэ суох сылдьан, оскуолаҕа учуутал суоҕуттан саха тылын үөрэппитим. 2000 с. СГУ саха тылын учууталын идэтин кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. Массыына суоҕуттан кыттыа суох курдук этим. Онтон кыттар буолбуппар, аҕыйах күн иһигэр бэлэмнэнэн кэллим. Кыттарбар методическай холбоһугум учууталлара көмөлөстүлэр.

Түһүмэхтэртэн учууталлар бэйэни билиһиннэриилэрин, маастар-кылаастарын сөбүлээтим. Уруогум тиэмэтэ “Икки суол төрдүгэр”. “Чүөчээски” уонна “Икки суол төрдүгэр” икки айымньыны ырыттыбыт. Уруокка 6-7-с кылаас үөрэнээччилэрэ көхтөөхтүк кытыннылар. 7-с кылаастар былырыын үөрэппит тиэмэлэрэ буоллаҕа, өйдүүллэр эбит. Бу куонкуруска кытта кэлбиппиттэн дуоһуйдум, элбэҕи биллим. Төһө да уһуннук үлэлээтэрбин, киһи син биир саҥаны ылара баар. Биир идэлээхтэрбэр маннык куонкурустарга толлубакка кыттар буолуҥ диэн баҕа санаабын этэбин.

Сардаана Слепцова, кыттааччы:

  • Оскуола барыта кыттыбыта буоллар, үчүгэй буолуо этэ. Абый уонна Уолбут учууталлара наһаа үчүгэй учууталлар. Уруккуттан билсэбит.

Уруогум 5-6 кылаастарга буолла, тиэмэтэ: “Сэмэн Данилов “Кыһыҥҥы күн” хоһооно. Судургу күннээҕи уруогу ыыттым.

Анна Чиркова, кыттааччы:

  • 20 сыл үлэлиирим тухары саха тылын учууталларын куонкуруһа мин өдүүрбүнэн аан бастакытын буолла. Элбэх күрэскэ кыттыбытым да, бэйэм биир идэлээхтэрбин кытта саҥа кытынным. Оскуолалар бары кыттыбыттара буоллар, өссө интэриэһинэй буолуо этэ. Биһиги, дьиҥэ, биир эрэ күннээх түһүмэҕи көрдөрдүбүт. Оскуолабар көмөлөһөөччүлэрдээх уонна кытта үөрэхтээх буолан, наһаа улаханнык долгуйбатым. Төһө кыайарбынан бэлэмнэнэн кэлбитим. Ыарырҕаппытым диэн оҕолор симиктэр, саҥата-иҥэтэ суохтар. Уруогум тиэмэтэ: “Сахалыы хоһоон”. Судургу, үгэс буолбут уруогу көрдөрдүм.

Ыстатыйам түмүгэр этиэм этэ, күрэххэ хотугу омук тылын үөрэтэр учууталлар эмиэ кыттыахтарын сөп. Онон кэлэр сырыыга Майыартан эбээн тылын учуутала киирсэр ини диэн эрэниэҕиҥ.

Абый улууһун өрөспүүбүлүкэҕэ көмүскүү барар Чиркова Аннаҕа ситиһиини баҕарабын. Улууспутугар үлэлии сылдьар саха тылын уонна литературатын учууталларыгар, биир идэлээхтэрбэр, инникитин маннык тэрээһиннэргэ кыттар буолуҥ, үүнүҥ-сайдыҥ диэн баҕа санаабын этэбин.

Саха саҥата сатараатын, саха омук сайыннын!

 

Анджела Рязанская,  СӨ Үөрэҕириитин ситимин туйгуна.