Саҥа үөрэх дьылыгар «Биир ньыгыл партия» итиэннэ Абый улууһунааҕы анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү сүрүннүүр штаб саллаат уолаттар оҕолоругар ону сэргэ оҕо уһуйааныгар сылдьааччыларга үөрэххэ наадалаах набордары туттартаатылар. Ити бэлэхтэр Абый улууһуттан мобилизацияламмыт дьон Дьокуускайга, Өймөкөөҥҥө, Орто Халымаҕа уонна Абыйга олорор оҕолоругар, барыта 27 оҕоҕо бэрилиннэ.
Маны таһынан Өрөспүүбүлүкэ Баһылыгын гранын ылбыт «Саллааттар ийэлэрин сүрэҕэ» диэн коммерческайа суох общественнай тэрилтэ быйыл Саха сирин үрдүнэн бастакы кылааска киирээччилэргэ эмиэ бэлэх-туһах бэлэмнээн туттартаата. Кэбэргэнэттэн анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыт Афанасий Дмитриевич уолугар, I кылаас үөрэнээччитигэр Айхалга маннык набору эмиэ туттардылар.
«ХК» корр.