Сайын — Сайдыыга

“Сайыҥҥы лааҕыр “Сайдыы” этэрээтигэр бүтэһик сынньалаҥым” – диэн кэпсээнин саҕалыыр 11 кылаас үөрэнээччитэ Слава Слепцов.

Кини Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт“Спортивные якутяне” спортивнай күрэхтэһии кэнниттэн тута, оскуолатын лааҕырыгар сылдьаары, ыксаан Белай Гораттан мотуорунан кэлбитэ.

“Оскуолаҕа киириэхпиттэн, биир да сайыны көтүппэккэ, лааҕырга куруутун сырыттым. Доҕотторбун кытта бииргэ сылдьарым олус үчүгэй. Күн ахсын араас тэрээһиннэр ыытыллаллар, минньигэстик аһаталлар. Урукку сылларга өссө волонтердаан хамнастанааччыбыт. Быйыл ол суох. Дьиҥэр, үлэлиэхпит диэн табаарыстарбынаан бары былааннаах этибит.Билигин бүттэхпинэ Оттоох Атахха, эбээлээх эһэбэр баран оттоһуом, отоҥҥо сылдьыам. “Сайыммыт олус итии буолан, от кураайылаан хаалла”— диир эһэм” – диэн санаатын үллэстэр.

Анастасия Сорокоумова.