СӨ Ил Дархана Айсен Николаев “2024 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылын ыытар туһунан” 164-с нүөмэрдээх ыйааҕа тахсыбыта. Онон сиэттэрэн, Оҕо саас сылыгар аналлаах рубрикабытын саҕалыыбыт.
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт — В.Н.Дохунаев аатынан Муҥурдаах орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ Арина Старостина.
Арина ийэтэ, Евдокия Викторовна, «Почта России» тэрилтэҕэ үлэлиир, аҕата, Константин Константинович, Оҕо успуордун оскуолатын тустууга тренерэ. Арина — үөрэх туйгуна, бастыҥ үөрэнээччи, кылаас лидерэ, соторутааҕыта Дьокуускайга Баһылык Харыйатыгар кыттан кэллэ. Кинини көрсөөрү киэһээҥҥи дьарык бүтүүтэ спортзалга тиийдим. Мин киирбиппин көрөн, теннистээн биллэ тириппит-хоруппут кыыс, чуумпу сири көрдөөн, кэпсэтээри, хоско сирдээн илтэ. Мантан салгыы киниттэн ылбыт интервьюбун ааҕыҥ.
— Быйыл эйиэхэ улахан эппиэтинэстээх сыл, оскуоланы бүтэрээри сылдьаҕын. Үөрэххэ туох ситиһиилээххиний?
— Мин Старостиннар диэн түөрт оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ үһүс кыыс оҕонон төрөөбүтүм. 17 саастаахпын. Сөбүлүүр предметтэрим биология, физкультура. Олимпиадаларга кыттабын, 2022 с. улууска уонна региоҥҥа нуучча тылыгар кыайан турабын. Быйыл Биир кэлим экзамеҥҥа математиканы, нууччатылын туттарабын. Атыны талбатым.
— Ханна туттарсар былааннааххыный?
— Юридическай полицейскай колледжка туттарсар баҕалаахпын. Тоҕо диэтэххэ, 6-7 кылаастан полицейскай буолуохпун баҕарабын. Мин санаабар, бу идэ миэхэ ордук чугас. Кэлин Хабаровскайга МВД үөрэҕэр киириэм этэ. Ол гынан баран, ол үрдүк үөрэх, ол иһин орто үөрэх кэннэ туттарсыам.
— Эн успуорду сөбүлүүргүн билэбин. Ханнык көрүҥнэри ордорон дьарыктанаҕын?
— Мин сөбүлүүр көрүҥнэрим — волейбол, остуол тенниһэ, сүүрүү, мас тардыһыыта. Волейболга, теннискэ улууска 5 кылаастан, сүүрүүгэ кыра кылаастан дьарыктанабын, улууска 6 кылаастан кыттабын. Былырыын Хотугу оонньуулар спартакидаларыгар кыайбытым. Оскуола Сүбэтин спортивнай сектора, оскуола волейболга хамаандатын хапытаанабын. Успуордунан дьарыктанар киһи чэгиэн-чэбдик туруктаах, этэ-хаана эрэ буолбакка, бары өттүнэн сайдарыгар тирэх буолар. Киһи олоҕун тухары хамнана сылдьыахтаах.
— Быйыл Дьокуускайга бара сылдьан научнай конференцияҕа ситиһиилээхтик кытынныҥ. Наукаҕа эмиэ ситиһиилэриҥ туһунан кэпсээ.
— НПК-ҕа салайааччым Ирина Анатольевна Слепцова. 8 кылаастан саҕалаабыт тиэмэбитин сайыннаран, быйыл оройуоҥҥа лауреаттаабытым, онтон Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ баран кыттан, үһүс истиэпэннээх диплом ылан үөрдүм. Тиэмэбит аата: «История, кыраайы үөрэтэр түмэл этнографическай экспонаттарын чинчийии». Былыргы экспонаттары үөрэтэн урукку историяны билэбит. Биһиги түмэлбитигэр наһаа сыаналаах былыргы үрүҥ көмүс ыҥыыр, ону кытта үрүҥ көмүс кур баар. Ыҥыыр намнар гиэннэрэ, оттон кур хаһаайына — Лебедева Евдокия Михайловна.
— Дьонуҥ былырыыҥҥыттан нэһилиэк сүөһүтүн ылан, үлэ бөҕөтүн көрүстүлэр. Дьоҥҥор көмө киһитэҕин.
— Дьиэ үлэтигэр куруук көмөлөһөбүн. Сүөһү ииттиэхпититтэн сүөгэй эрийэбин, күөрчэх ытыйабын, сайын ынаҕы сылгылыыбын, кыһын хотон сааҕын күрдьэбин, таһаарабын. Сайын үлэ лааҕырыгар хамнаска үлэлээччибин. Былырыын волонтердаан 21 тыһыынча солкуобайы ылбытым. Үлэ киһини киэргэтэр. Кыра эрдэҕиттэн үлэлиир оҕо бэйэтин салайынар, эппиэтинэстээх, үчүгэйдик толкуйдуур, дьон үлэтин сыаналыыр буолар.
— Оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Сыаҥааннаахха оҕо сайдарыгар, мин санаабар, барыта баар. Күн солото суох араас дьарыктаахпыт. Оскуолабытыгар арай учууталлар тиийбэттэр. Ол иһин, үөрэххитигэр кыһаллыҥ, олоххо көхтөөх буолуҥ, барыта бэйэҕититтэн тутулуктааҕын умнумаҥ диэм этэ.
Ити курдук сэһэргээн, Арина киэһэ тоҕус саҕана спортзалтан тахсан, тиэтэйэ-саарайа дьиэтин диэки бара турда. Кини ааҕааччыларга санаатын үллэстибитигэр махтанабын, инникитин ситиһиилэри, баҕа санаалара туолалларыгар, бары үтүөнү баҕарабын.
Анджела Рязанская.