Олох аартыгар үктэннэрбит учууталбыт

Россияҕа педагог уонна уһуйааччы сыла

Абый орто оскуолатын 110 сааһын көрсө

Учуутал! Учуутал идэтэ – сир үрдүгэр сүрүн идэлэртэн биирдэстэрэ. Саамай сырдык, кэскиллээх идэ. Кини олох муудараhыгар үөрэтээччи, ырааска-кэрэҕэ уhуйааччы, сырдыкка-сайдыыга сирдээччи. Учуутал – мындыр өйдөөх, уйаҕас дууhалаах, аhыныгас сүрэхтээх, киэҥ билиилээх, бэйэтин таптатар, убаастатар киhи. Төhөлөөх киhи таптала, махтала киниэхэ анаммыта буолуой? 

Оттон маҥнайгы учуутал кимиэхэ баҕарар оҕо сааhын умнуллубат сорҕото буолар.

Бүгүн мин Абый улууһа, нэһилиэк бары ытыктыыр, убаастыыр маҥнайгы учууталбыт Люция Константиновна Чиркова туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

Люция Константиновна 1941 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр Абый нэhилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1949-1950 үөрэх сылыгар Абый начаалынай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Оскуолатын бүтэрээт, Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ барар. Абый оройуонугар учуутал идэтин баhылыыр маҥнайгы суолу тэлээччинэн буолбута. 1962 сыллаахха үөрэҕин ситиhиилээхтик бүтэрэн, төрөөбүт дойдутугар үлэлии кэлбитэ. Люция Константиновна төрөөбүт-үөскээбит Абыйыгар учуутал идэтин ылбыт олохтоох кадрдартан бастакы буолара чуолкай. Төhөлөөх элбэх оҕоҕо билии аартыгын арыйан, «А»-тан, «Б»-тан саҕалаан ааҕарга, суруйарга үөрэппитэ буолуой, төhөлөөх оҕо, төрөппүт махталларын ылбыта буолуой?

Кини туспа оҕоҕо өйдөнүмтүө, тиийимтиэ ураты ньымалары, сонунтан-сонун уларыйыылары олоххо киллэрээччинэн куруук бастакы сылдьааччы, көҕүлээччи буолара.

Учуутал түбүктээх үлэтин таhынан методическай холбоhукка салайааччы быhыытынан, комсомольскай тэрилтэ сэкэрэтээринэн, дьахтар комитетын бэрэссэдээтэлинэн уо.д.а. общественнай тэрилтэлэр үлэлэригэр көхтөөхтүк кыттара. Хас концерт, хас бырааhынньык кинитэ суох сиппэтэх-хоппотох курдук буолара.

Түөрт уонча сыл педстажтаах учуутал, Российскай Федерация үөрэҕириитин туйгуна Люция Константиновна үөрэппит оҕолоруттан сүүрбэччэ үөрэнээччитэ кини тэлбит суолун омоонун кэҥэтэн, учуутал идэтин талан, республика, улуус араас оскуолаларыгар айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар.

Люция Константиновна билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордор, төһө да сааһа ырааттар, эдэрдии эрчимин ыһыктыбакка олох үөһүгэр оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр тирэх буолар күндү киһи.

Мантан салгыы Люция Константиновна үөрэппит, учуутал идэтин талбыт дьон ахтыыларын ааҕыҥ.

Светлана Стручкова, Россия үөрэҕириитин туйгуна, I категориялаах учуутал, педагогическай үлэ бэтэрээнэ:

—   Люция Константиновна миигин 1963 сыллаахха үөрэппитэ. Оччолорго Бүлүүтээҕи педагогическай училищены саҥа бүтэрэн, учуутал идэтин баhылааhыныгар бастакы хардыылара эбит. Биhиги 1 кылааhы кытта биир кылааска олорон үөрэнэр этибит (малокомплектнай). Кылааска, учуутал остуолугар лаампа, паарталарга чүмэчи турара. Переменаҕа учууталбыт лаампатын туппутунан көрүдүөргэ тахсара, биhиэхэ саҥаттан саҥа хамсаныылаах оонньуулары үөрэтэрэ.

Кини үчүгэйдик үҥкүүлүүрэ, ыллыыра. Биhиэхэ «Петушок», «Первый звонок», «Песенка о грибе», «В лагере» диэн ырыалары үөрэппитэ. «Танец с ленточками», «Маки», «Юла», «Матрёшки» үҥкүүлэрин билигин да өйдүүбүн.

Пионер күнүн, саҥа дьылы ким да умнубата буолуо. Люция Константиновнаны тула олорон, ёлкаҕа бэлэмнэнэн, кумааҕылары кырааскалаан, флажоктары, цепочкалары, араас оонньуурдары онорорбут. Онтуктарбытын ёлкаҕа ыйатара. Слепцов Володя бэстилиэтин көрдөөн булбакка, ытыы сыспыта, хата иhирдьэ ыйанан турарын көрөн уоскуйбута.

Уруокка кинигэ, тэтэрээт тастаах буолуохтааҕын, тэтэрээккэ ыраастык үлэлиэхтээхпитин ирдиирэ. Мин тэтэрээтим муннуга куруук имиллэн тахсара, элбэхтэ сэмэлэнэрим.

Аҕам оскуолаҕа киириэм иннинэ улахан дьон буквардарынан аахтара үөрэтэн, добдугураччы ааҕан киирбитим. Учууталым кылаас иннигэр таhааран «доргуччу аах» диэн соруйара. Онтон диэри текст ис хоhооннооҕун, тугу эрэ кэпсиирин, ааҕар интэриэһинэйин өйдөөбүтүм. Кинигэни таптаан, аргыс оҥостор буолбутум. Учууталым сирэйинхараҕын, таҥаhынсабын, саҥарар саҥатын, туттанхаптан сылдьарын мэлдьи ымсыыра көрөрүм. Учуутал маннык буолуохтаах эбит диэн өйдүүрүм. Учуутал эбитим буоллар диэн элбэхтэ сананар буолбутум. Ол баҕа санаам туолан, 1969 сыллаахха эмиэ Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбитим. 1973 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн, төрөөбүт Абыйым нэhилиэгэр үлэлии кэлбитим. Люция Константиновна сүбэтинэнаматынан, хонтуруолунан үлэбин саҕалаабытым. Кинилиин 20-тэн тахса сыл Абый оскуолатыгар үлэлээбиппит. Кини уруоктарыгар элбэхтэ сылдьарым. Уруоктара эбэhээт, ким да туттубат саҥа «кыырпахтардаах» буолара. Оҕолор болҕомтолорун тардар, истэр интэриэhи үөскэтэр «аптааҕа». Ол абын, кыырпахтарын биhиэхэ, эдэр учууталларга, харыстаабакка ыhара.

Методическай үлэтигэр сурдээх боччумнаахтык, ирдэбиллээхтик сыhыанаhара. Дакылаатын эрдэ туран бэлэмнээн, бастаан тоҕо эрэ миэхэ ааҕан иhитиннэрэрэ, ырыт диэн модьуйара. Ол эрэ кэнниттэн педсовекка тахсара. Аны санаатахпына, бэйэбин үөрэтэр эбит. Сотору миигин методическай холбоhук салайааччытынан таланнар, 20-чэ сыл үлэлэппиттэрэ.

Онно билбитим методическай үлэҕэ проблема хайдах быhаарыллан тахсарын, үлэ форманан былааннанарын, учуутал бэйэтин үлэтин (индивид) туохтан саҕалаан, туохха олоҕуран оҥоруохтааҕын.

Yлэлиирбитигэр маннык сүбэлиирэ: «Учуутал уруогун министр да киирэригэр бэлэм оҥоруохтаах».

Ол иhин уруоктарбытыгар дууhабытын ууран туран бэлэмнэнэрбит. Сэрэппэккэ эрэ кини миэхэ, мин киниэхэ уруокка киирсэрбит. Итэҕэhи уонна саҥа «изюминканы» эбэhээт ырытыллыахтаах диэн сүбэлэhэрбит.

Оскуолаҕа кини курдук үөрэ-көтө, күлэ-сала, үҥкүүлүү сылдьар киhи суоҕа. Кини курдук дьыалабыай, куруук түбүнэ, куруук үөрэтэр оҕолорун туhунан эрэ кэпсиир киhи аҕыйаҕа. «Ханнык да төрөппүттээх буоллун, төhө да куhаҕан үөрэхтээх, куhаҕан бэрээдэктээх буоллун, оҕо туhунан хаhан да, ханна да куhаҕаны саҥарбат, эппэт буол. Оҕо үчүгэй өрүттэригэр өйгүн хатаа, ол өрүккэ өйөнөн, бу оҕону иит», — диэн билигин да этэр, урут да этэрэ.

Олоҕум устата холобур оҥостубут киhим, убаастабыллаах учууталым, Люция Константиновна. Оҕо сааhым кэрэ кэмнэригэр холбуу тутан, күндүтүк саныыр киhим. Оҥорбут үчүгэйбин, ситиспит үрдэллэрбин, санаам кэрэтин эйиэхэ аныыбын — мин күндү киhим.

 Екатерина Слепцова, РФ уопсай үөрэхтээhинин Бочуоттаах үлэhитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, СР Президенин уонна Абый улууhун баhылыгын Граннарын кыайыылааҕа, Абый нэhилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, үрдүк категориялаах математика учуутала:

—   Люция Константиновна 1962 с. Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрэн кэлэн, Абый начальнай оскуолатыгар учууталынан ананан үлэтин саҕалаабыта.

Бастакы үөрэнээччилэринэн биhиги 6 оҕо этибит: Ефимова Галя, Черемкин Толя, Стручкова Лина, Стручкова Лина, Жирков Володя уонна мин. Оччолорго биhиги Таала Күөл учаастагар олорор этибит. Оскуолаҕа киириэхпит иннинэ Люция Константиновна Таала Күөлэгэ тахсан дьиэлэринэн сылдьан, оскуолаҕа киирэргэ туох таҥас-сап, үөрэнэр мал-сал наадатын төрөппүттэрбитигэр сүбэлээбитэ.

Мин оскуолаҕа киириэм иннинэ ааҕа үөрэммитим, ону билэн миэхэ оскуола аhыллыытыгар илиискэ хоhоон суруйан биэрбитин, үөрэппиппин өйдүүбүн.

Оскуолаҕа киирэр күммүн, учууталбын көрсөрбүн, саҥа школьнай формабын кэтэрбин, үрүҥ бантикпын баанарбын уhуннук да кэтэспитим.

Кэтэhиилээх күммүт тиийэн кэлэн, Люция Константиновна биhигини сиэтэн оскуолаҕа киллэрбитэ. Барыбытыгар бэйэбит ааппытын кыраасканан суруйан суумка кэтэрдибитин бу баардыы өйдүүбүн.

Кини биhигини кэрэни кэрэхсииргэ, айылҕалыын алтыhарга, болҕомтолоох буоларга, туохха барытыгар оттомноохтук сыhыаннаhарга үөрэтэрэ. Мин киниттэн хаhан да мөҕүллүбүппүн, куолаhын үрдэппитин өйдөөбөппүн. Сыыстахпына даҕаны тулуурдаахтык быhааран биэрэрэ. Кини куруук үөрэ-көтө сылдьара, санаатын түhэрбэт этэ. Элбэх ырыаны-хоhоону, үҥкүүнү үөрэтэрэ. Переменаҕа кылаастан иккилии буолан сиэттиспитинэн тахсан, коридору тула хама сылдьан ырыа ыллыырбыт, хороводтуурбут, онон коридорга туох да айдаан суох буолара. Ону барытын учууталбыт сатабыллаахтык тэрийэрэ.

Хас биирдии үөрэнээччигэ ураты болҕомтолоохтук сыhыаннаhара. Мин үөрэхпэр үчүгэй буоламмын эбии сорудахтары биэрэрэ. 1966 сыллаахха Абый начальнай оскуолатын бүтэрэн, Дружина орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. 1966-1967 үөрэх сылыгар 5 кылааhы үчүгэйдик бүтэрэн, Москва-Ленинград туристическай путевканан наҕараадаламмытым. Ол бара сылдьыбытым туhунан Абый оскуолатын оҕолоругар тахсан кэпсээбитим, учууталбар Люция Константиновнаҕа улаханнык махтаммытым.

Учуутал оҕоҕо үтүө холобур. Кини профессиональнай хаачыстыбаларын көрөн, үлэҕэ сыhыаныгар иитиллэн улааппытым, үлэhит буолбутум. Кини үөрэтэн-такайан оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар бастыҥ үөрэнээччи, общественник, онтон бастыҥ студеннар кэккэлэригэр сылдьыбытым.

Билигин оскуолаҕа учууталынан үлэлээбитим 40 тахса сыл буолла, ол сыллар усталарыгар мин иннибэр куруук маҥнайгы учууталым мөссүөнэ турар.

 Анастасия Афанасьева, Абый орто оскуолатын үрдүк категориялаах учуутала, СР Υөрэҕириитин туйгуна:

—   Мин 1972 сыллаахха Абый аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Маҥнайгы учууталым Люция Константиновна. Кини оччолорго олус эдэр, саҥа олохтоох специалист учуутал этэ. Күhүн оскуола аhыллыыта учууталбын көрөөт да, олус сөбүлээбитим. Кини наhаа элбэҕи билэрэ, сытыы-хотуу, киhини кытта биир тылы булан кэпсэтэрэ, сүбэлиирэ-амалыыра. Тутта-хапта сылдьарыгар наhаа эмоциональнай буолара. Олоххо олус активнай позициялааҕа.

Алын кылааска үөрэнэрбэр өйдөөн хаалбыт түгэннэрим элбэхтэр. Ол курдук, учууталым интэриэhинэй уруоктара, араас күрэхтэрэ, бырааhынньыктара, октябрятскай, пионерскай сбордара буолаллар. Перемена кэмигэр бары сиэттиhэн баран, сороҕор иккилии-үстүү буолан үҥкүүлүүрбүт. Маны таhынан наhаа элбэх ырыаны, хоhоону үөрэтэрэ. Өйдөөн хаалбыт ырыаларым «Тропинка школьная моя», «Веселый барабанщик», «Октябрята», «Мамочка моя» уо.д.а.

Биhиги пионер кэккэтигэр киирэрбитигэр араас быраабылалары, андаҕары үөрэтэрбит. Ону наhаа уhуннук үөрэппиппин өйдүүбүн. Учууталбыт олус ирдэбиллээх киhи буолан үөрэттэхпитинэ, биллэхпитинэ эрэ ыытара. Оҥоhуллуохтаах үлэни эбэhээт толортороро. Кэлин бу ирдэбиллэргэ үөрэммит үөрүйэхтэрбит тус олохпутугар олус туhалаатылар.

Мин оскуоланы бүтэрэн баран, учууталым курдук, алын кылаас учууталын идэтин таларга санаммытым. Билигин төрөөбүт нэhилиэкпэр, оскуолабар 20-тэн тахса сыл учууталынан үлэлээн кэллим. Санаан көрдөхпүнэ, кини үөрэппитэ-такайбыта педагог буоларга төhүү күүс буолбут эбит. Онон күндү учууталбар улаханнык махтанабын.

Анна Чиркова.

(Абый орто оскуолата таhаарбыт «Учууталлар учууталлара» брошюрата туhанылынна).