Сыаҥааннаахха бастаан кэлэн баран, күһүн оскуола оҕолоро сайыҥҥы үлэлэрин туһунан кэпсээбиттэригэр, дьиэ кэргэн биригээдэтин туһунан сэҥээрэ истибитим. Онон бу сырыыга хас да дьиэ кэргэн аймаҕынан кыттыһан, оҕону үлэнэн иитиигэ уопуттаах Ефимовтар тустарынан сырдатаары оҥоһуннум. Ол туһуттан бу аймахтарга эрийтэлээн, көрсөн ыйыталаһан, кэпсээним субу курдук буолан таҕыста.
Ефимовтар аймаҕы түмпүт, үлэҕэ көҕүлээбит күндү киһилэринэн эбэккэлэрэ Акулина Константиновна Ефимова (Чиркова) буолар. Кини Абыйдар киэн туттар улуу киһибит Айыы ойууна Көстөкүүн Чирков үһүс кыыһа. Кини Иннокентий Васильевич Ефимовтыын ыал буолан, 6 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Кинилэр оҕолоро: Виталий, Иван, Валерий, Зинаида, Валентина, Светлана.
90-с сыллар бүтүүлэригэр эбэккэлэрэ Акулина Константиновна көҕүлээһининэн “Тускул” бааһынай хаһаайыстыба тэриммиттэр. Онтон ыла күн бүгүҥҥэ диэри ынах-сүөһү, сылгы ииттэн, аймаҕынан бииргэ сайыннары-кыһыннары үлэлээн-хамсаан, оҕолору үлэҕэ сыһыараллар. Кэнники сылларга үөрэхтээһин хайысхатынан оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар дьиэ кэргэн биригээдэлэригэр оҕо аһылыгар көмө харчы көрүллэр буолбута.
Ефимовтар улахан кийииттэрэ, Виталий Иннокентьевич кэргэнэ, Агафья Михайловна маннык сэһэргиир:
— Биһигини барыбытын эбэккэбит Акулина Константиновна түмпүтэ. Кини үйэтин тухары атыыга продавеһынан үлэлээбитэ. Эрэ Иннокентий Васильевич почтаҕа сибээскэ уһуннук үлэлээбитэ, эрдэ өлбүтэ. Эбэккэбит хотоҥҥо бэйэтэ сылдьан, барыбытын үлэлэтэрэ. Кини эппитэ сокуон буолааччы. Сыллаан-уураан илдьэ сылдьыбатар да, оҕолору бэйэтигэр хайдах эрэ дьиктитик тардара. Дьиэҕэ буоллахтарына, оҕолорго кумааҕы биэрэн, уруһуй бөҕөтүн уруһуйдатара. Оччолорго хос шторанан быыстааҕа. Онно, дьэ, оҕолор кэнсиэр көрдөрөллөрө.
Эбэккэбит бааһынай хаһаайыстыба тэрийэн, сыл аайы оттоон, ынаҕы иитэн кэллибит. Эбии көмө оҥоһуллубатын, нолуога үрдүгүн иһин, бааһынай хаһаайыстыбаттан тахсыбыппыт. Билигин бэйэбит чааһынайбытыгар тутабыт. Эппитин-үүппүтүн бары тэҥҥэ үллэстэн, бэйэ аһын аһаан олоробут.
Икки хотонноохпут. Кыһыҥҥы кэмҥэ ыаллар уочаратынан хотоҥҥо сылдьабыт. Холобур, мин икки хоно-хоно сылдьабын.
Хомойуох иһин, сылгыбыт халыҥ хаар кэннэ аҕыйаабыта. Билигин 7 ыанар ынахтаахпыт, барыта 23 төбө ынах сүөһүлээхпит. Урут муҥутуур элбээбитэ 14 ыанар ынахтана сылдьыбыппыт. Биирдэ хаан уларытан, Абыйтан Дохунаев Спартактан симменталь оҕуспутун колмогорскайга атастаһа сылдьыбыппыт. Дьиҥэ, симменталь боруода барыларыттан үүттээх, эттээх.
Ыабыт үүппүтүн Зинаида Иннокентьевнаҕа илдьэбит. Кини сүөгэй, кефир, суорат, арыы оҥорор. Дьиэнэн үллэрэр. Зинаида иитээччи идэлээх. Кини оҕолорго барыларыгар уруоктарын аахтаран, эбэккэбитин солбуйда. Оҕолор эдьиийкэлэрин Зинаны, Валяны, Лаананы наһаа сөбүлүүллэр. Эдьиийдэр көмөлөрө элбэх, сиэннэри кытта көрсөллөр.
Сайын аайы икки биригээдэ буолан оттуубут. Былырыын прессподборщигы атыыласпыппыт. Быйыл 300-чэ рулону оттоотубут. Хаһааҥҥытааҕар да эрдэ оттоон бүттүбүт. От үүнүүтэ өлгөм, хойуу.
Окко уонтан аҕыйаҕа суох буолан сылдьабыт. Оҕолору олох кыра эрдэхтэриттэн соһобут. Оҕото суох ходуһаҕа тахсыбаппыт. Көлөөскөлөөхтөрү кытта ылабыт. Дулҕа үрдүгэр бырдахха сиэтэ-сиэтэ олорор буолаахтыыллар. Кыралар бастаан окко тиийэн, талах быыһыгар дьиэ оҥостон оонньууллар. Ол сылдьан, улахаттар оттуулларын көрөллөр. Онтон сыыйа-баайы улаатан истэхтэрин аайы, бэйэлэрэ эмиэ оттоһон бараллар.
Оҕолор үксүлэрэ эт саастыылар, инньэ гынан бииргэ, тэҥҥэ сылдьаллар. Ол сылдьан, таабырын да таайсабыт. Таабырыннастахха, холобур, былыргыны таайтарабын. Куоталаһа–куоталаһа таабырыннаһаллар. Кэнсиэр да көрдөрөллөр.
Үлэттэн куттамматтар. Хата, ардах түстэҕинэ хомойоллор. Оттуу бараары: “Хаһан ардах бүтэрий?” — дии-дии кэтэһэллэр. Биирдэ даҕаны “бардыбыт, айа” дииллэрин төрүт өйдөөбөппүн. Биһиги чэйдээн кэпсэтэ олордохпутуна, оҕолор туран, үлэлии баран хаалаллар. Онон оҕо үлэлиирин көрө-көрө киһи астынар.
От үлэтэ бүттэҕинэ, күһүн балаҕан ыйыгар үлэбитин түмүктүүбүт. Билигин үйэ уларыйан, оҕолорго харчынан бириис биэрэбит. Урут оннук суоҕа. Оттон күһүн идэһэ саҕана сарсын өлөрүү диэтэххэ, бары биир киһи курдук тиийэн кэлэллэр.
Ону таһынан куурусса иитэбит. Кууруссалаах наһаа үчүгэй. Сымыыт наар баар. Чоппуускалары үстэ таһаартаатыбыт. Ол гынан баран быйыл сатамматылар. Инньэ гынан ыалтан эбии куурусса атыыластыбыт. Биирдэ куруолук ииттэ сылдьыбыппыт, билигин Людмилалаах ииттэллэр. Куруолук аһылыга үчүгэй, бичигэ суох. Кини оту, талаҕы, комбикорму сиир. Этэ наһаа минньигэс.
Тыа сиригэр ынаҕы ииттэр үчүгэй. Ол гынан баран, биһиги сааһырдыбыт, сылтан сыл ыарахан буолан иһэр. Сүөһүбүтүн көҕүрэтиэхпит. Эстэхпитинэ даҕаны, оҕолортон биир эмэ киһи иитэр киһи көстүөҕэ дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, сүөһү иитиитигэр барытын билэллэр, сатыыллар.
Салгыы кийиит Людмила Васильевна Ильина сэһэргиир:
— Оҕо аһын, харчытын эдьиийбит Зинаида Иннокентьевна дьаһайар. Оттон докумуонун Светлана Иннокентьевна быһаарар. Сүрүн үлэни бырааттыы Виталий, Иван, Валерий Иннокентьевичтар, ону кытта кийииттэр Агафья Михайловна уонна Вера Ивановна салайаллар, түмэллэр. Икки сиргэ оттуубут. Ыраах Ампаардаахха эр дьон сылдьаллар. Бэтэрээ сиргэ Самныбыкка уонна Орто Күннээххэ иккис биригээдэ оттуур. От сиппитин-сиппэтэҕин, окко хаһан киирэри Виталийдаах Агафья быһаараллар.
Оҕолор 2 саастарыттан сылдьаллар. Эһэккэлэрэ оҕолорго кыра кыраабыл оҥорон биэрэллэр. Бастаан ол кыраабылларынан харбыы үөрэммиттэрэ, онтон бугуллуур, ас астыыр, уу баһар, балыктыыр буолбуттара. Сынньалаҥҥа тыаҕа тахсан отонноһоллор.
От бүтүүтэ оҕолорго хайаан да бырааһынньык тэрийэбит. Ким хайдах үлэлээбитинэн бэлэх туттарабыт. Бэлэхпит кэмпиэт, бэчиэнньэ, наушник, кэнники кэмҥэ харчы.
Дьиэ кыылын иитэр буоллахха, оҕо кыылга сыстаҕас, аһыныгас буола улаатар. Окко сылдьан, уол оҕо техникаҕа үөрэнэр. Холобур, улахан уолбут Тима трицикл, тыраахтар, массыына ыытарга үөрэммитэ. Ону таһынан эр дьон уолаттары куска, балыкка илдьэ сылдьаллар.
Аймахтарбыт бары оҕуруоттаахтар. Барыларыттан кыраһыабай тэлгэһэлээх, элбэх сибэккини олордооччулар Зинаида Иннокентьевна, Вера Ивановна, Агафья Михайловна буолаллар.
Зинаида Иннокентьевна сүөгэйинэн кремнээх туорт оҥорор, барыбытын күндүлүүр. Хас биирдии оҕо төрөөбүт күнүгэр бэлэхтиир. Саҥа дьылга хайаан да ыал аайы тиксэр. Инньэ гынан оҕолор үчүгэй туорт сии үөрэнэн хаалбыттар. Атыны сиэтэхтэринэ, наар эдьиийдэрин Зина гиэнигэр тэҥнии көрөллөр. Куоракка тиийэ кэһии гынан ыытабыт. Зина туорда оннук күндү.
Үлэни барытын бииргэ, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөн үлэлиибит. Холобур, трициклынан перегной таһыы, саас хотон хаарын түһэрии, кыһын тоҥ сааҕы ыраастааһын, күһүн идэһэ. Бары бииргэ мустан олорон, үөрэ-көтө кэпсэтэ-кэпсэтэ ис кырбыыбыт, амсайабыт. Төһөнөн элбэхпит да, соччонон үлэ түргэнник бүтэр.
Дьэ, ити курдук үлэни өрө тутан, Ефимовтар сатабыллаахтык тэринэн, эйэ-дэмнээхтик, оҕолору үлэнэн иитэллэр. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бу үгэс салҕанан бара турарыгар, нэһилиэк аайы хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэр ыал элбии турарарыгар эрэниэҕиҥ. Оттон судаарыстыба өттүттэн күүстээх өйөбүл баар буоларыгар баҕарыаҕыҥ.
Анжелика Рязанская, Муҥурдаах нэһилиэгэ.