«Оҕолорбор холобур буолуохпун баҕарабын»

Хаһыат үлэһитэ ханна-ханна тиийбэтэҕэ, киһи үөйбэтэх сиригэр интервью ылбатаҕа буолуой… Бүгүҥҥү кэпсэтэр киһибин —Дарианна Иннокентьевна Игнатьеваны кытта оҕо уһуйааныгар көрүстүм. Кини манна иитээччинэн үлэлиир. Саха сиригэр Ийэлэр күннэрин иннинэ сэһэргэспит буоламмыт, дьиэ кэргэн сыаннастарын, оҕону иитии боппуруостарын таарыйбыппыт сиэрдээх бөҕө буоллаҕа.

Дарианна Иннокентьевна идэтинэн үрдүк үөрэхтээх учуутал, физиканы, информатиканы биэрэ сылдьыбыт кэмнээҕэ. Кэргэнэ Михаил Павлович стоматолог идэлээх буолан, Дьокуускайтан ананан, манна көһөн кэллэхтэрин утаа, үөрэх салаатыгар иитии хайысхатыгар кылаабынай специалиһынан үлэлээбитэ. Онтон оҕолонон баран, детсадка көһөн, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы сылдьар. Икки бэртээхэй оҕо тапталлаах ийэтэ. Кыыһа Алена Белай Гора гимназиятыгар ахсыс кылааска ситиһиилээтик үөрэнэр, онтон кыра уола, Илья, Белай Гора орто оскуолатыгар төрдүс кылаас үөрэнээччитэ. Ийэлэрэ оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэ үөрэнэллэригэр иитэр эбит. Уол эр киһи быһыытынан аҕатыгар убанара өйдөнөр. Оттон Алена мааматын кытта ас астыырга, дьиэ ис өттүгэр үлэҕэ такайыллан билигин ийэтин суохтаппат. Ийэлэрэ «Чэмэлиинэ» диэн үҥкүү ансамбылыгар дьарыктанар, концертарга кыттар, үлэлиир тэрилтэтигэр күнүн барыыр буолан, солото суох сылдьар кэмнэрдээх.

Мин оҕолорбун ийэ-аҕа тыыннаах холобуругар иитэ статыыбын. Онуоха бэйэм олохпор үтүө дьайыыны оҥорбут ийэм уонна аҕам оруоллара улахан, — диир Дарианна Игнатьевна, — ийэм Бүлүүттэн төрүттээх, «Сахабулт»  фирмаҕа бэргэһэ тигиитигэр дизайнердыыр, эбэм Волкова Анна Алексеевна диэн биллэр норуот маастара, республика үтүөлээх худуоһунньуга. Кинилэр курдук туйгуннук да буолбатарбын иистэнэрбин, баайарбын сөбүлүүбүн. Үҥкүү көстүүмүн бэйэм тигэбин, супер наада буоллаҕына, таҥас да тигиэхпин сөп. Аҕам Чурапчы киһитэ, ювелир, онон эскиһин бэйэтэ уруһуйдааччы, онтон үөрэммитим дуу, син ону-маны уруһуйдааччыбын. 

Дьиэ-уот кыһалҕата диэн баар буолааччы…

Манна биһиэхэ молодежнай диэн ааттыыр дьиэҕэ квартира биэрбиттэрэ, олус үчүгэй, тупсаҕай, итии-сылаас. Онон абыранныбыт. Өссө икки оҕобор ийэ хапытаалын ыламмыт, Дьокуускайга биир хостоох квартираны атыыласпыппыт, Кыыспыт аҕыйах сылынан вузка үөрэнэ барыа дии. Бу — олус туһалаах дьаһал тахсан оҕону иитиигэ улахан көҕүлээһин буолла. Урут биһиги ийэлэрбит уонунан оҕону төрөтөллөрө да, судаарыстыба тугу да утары ууммат этэ. Арай мэтээл биэрэллэрэ. Билигин ийэҕэ улахан суолта, болҕомто ууруллар буолла. Доруобуйаҕын көрдөрүүттэн саҕалаан бырааһынньыгар тиийэ — Россия ийэлэрин күнэ, Саха сирин ийэлэрин күнэ, аны кулун тутар 8 күнэ…

Эһиги Дьокуускай төрүт дьоно буоллаххыт. Абый хайдах дойду эбитий?

Уопсайынан, Абыйга кэлбиппитин сирбэппит, дьоно-сэргэтэ эйэҕэс, бэйэбит саастыылаахтарбыт элбэх буоланнар, алтыһар дьоннордоохпут. Оҕолорбутун, доҕотторбутун кытта айылҕаҕа сылдьабыт, Индигири көрөн үөрэбит, араас дьаһалларга кыттабыт, онон чуҥкуйарга бириэмэ суох. Быйыл сайын уулуссалар суолларын оҥороннор, улахан тупсуу буолла. Сибиэһэй оҕуруот аһын ылан арааһы астанабыт, хаһаанабыт. Олорор сирбит историятын, дьонун-сэргэтин, бэлиэ сирдэрин билиэхпитин баҕарабыт. Онуоха бу уон икки сыл устата кыра-кыратык да буоллар, ааҕан да, дьон кэпсээниттэн да син билэ сатаатыбыт. Хаһан да хаһыакка тахсыам дии санаабат этим, ол гынан баран, мин курдук эдэр ийэлэр кыбыстыбакка, бэйэлэрин туһунан кэпсииллэрэ буоллар. Түгэнинэн туһанан, Сахабыт сирин ийэлэрин күнүнэн, бары дьүөгэлэрбин эҕэрдэлиибин. Өссө Аҕалар күннэринэн тапталлаах кэргэммин, саамай эрэллээх аҕабытын, Михаилы, эмиэ эҕэрдэлиибин, наар биһигини араҥаччылыы, арчылыы сылдьарыгар баҕарабын.

Кэпсэттэ Николай Петров.