Оҕо саас сылынан рубрикабытын салгыыбыт. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт Муҥурдаах орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ Валерия Стручкова.
— Үтүө күн буолуохтун, Валерия. Бэйэҥ тускунан кылгастык ааҕааччыларга билиһиннэрэргэр көрдөһөбүн.
— Мин сэтинньи 21 күнүгэр 2006 сыллаахха төрөөбүтүм. Ийэм – Александра Валерьевна, “Кэнчээри” уһуйаан старшай иитээччитэ, аҕам – Александр Александрович, ОДьКХ-ҕа хачыгаардыыр. Ыал улахан оҕотобун, балтылаахпын уонна бырааттаахпын. Быйыл оскуоланы бүтэрээри сылдьабын. Үөрэхпэр туйгуммун. Ойуччу сөбүлүүр предметим диэн суох, барытыгар биир тэҥ сыһыаннаахпын. Дьокуускайга финансовай-экономическай колледжка уонна педколледжка туттарсар былааннаахпын.
— XI кылааска үөрэнэр туох эмэ ыарахаттардаах дуу?
— Биир кэлим эксээмэн. Ону кытта ханна үөрэнэ бараргын талар ыарахан. Олоҕуҥ устатын тухары үлэлиир идэҕин талар эппиэтинэстээх, таба талыахха наада. Оскуолабар “Элгэс эрэллэрэ” пресс-киин редактора буолабын. Хаһыаппыт чиэппэргэ биирдэ тахсар. Үөрэх дьылыгар, уопсайа, биэстэ. Бүтэһиккэ анал таһаарыылаах буолар. Биирдэ эмэ улахан тэрээһин буолар буоллаҕына, онно эмиэ тахсааччы. Хаһыаты таһаарарга барытын бириэмэҕэ оҥоруохтааххын. Биһиги хойутаан хаалааччыбыт. Ыстатыйа суруйарга информация көрдүүр ыарахан. Хаһан эрэ буолбуту элбэх дьонтон ыйытан суруйаҕын. Редактор колонката диэн баар. Онно ыарырҕатабын. Санаабын, оҕолорго этиилэрбин суруйабын. Наһаа уһуннук толкуйдаан суруйабын. Тугу баҕарар суруйуохха сөп. Нууччалыы суруйабын.
— Сөбүлүүр дьарыгыҥ тугуй?
— Иллэҥ кэммэр нууччалыы айымньылары ааҕабын. Ордук приключенческай жанры. Сахалыы ааҕар романнарбыт наһаа интэриэһинэйдэр эбит. Уруһуйдуурбун уонна ыллыырбын сөбүлүүбүн. Аймахтарбыттан Зинаида Иннокентьевна Ефимова, эһэккэм Валерий Иннокентьевич бииргэ төрөөбүт эдьиийэ ыллыыр, баҕар кинилэри баппытым буолуо. Уруһуйдуур дьону билбэппин. Миигин ырыаҕа аан бастаан Степан Новиков нэһилиэк оҕолорун конкурсугар кытыннарбыта. Онно кыайбыт оҕолору ырыаҕа дьарыктыахпыт диэбиттэрэ. Үһүс миэстэ буолбутум. Онон миигин аан бастаан ырыаҕа үөрэппит учууталым Степан Новиков буолар. Онтон кэнники Петр Новиков салайар.
Араас куонкурустарга кыттабын. “Индигиир талааннара-2022” улуустааҕы куонкуруска – II истиэпэннээх дипломант, “Эбээлэрбит ырыалара-2021” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ II истиэпэннээх лауреат. Быйыл Людмила Ильяхова (Бережнова) кэриэһигэр ыытыллыбыт «Олох устун ырыанан» улуустааҕы куонкуруска II истиэпэннээх дипломант буолбутум уонна Степан Новиков кэриэһигэр ыытыллыбыт “Ырыа — олох аргыһа” куонкуруска “Саҥа аат” анал аакка тиксибитим.
— Эн ыллыырыҥ таһынан туойаҕын. Тойугу бөлөҕүнэн толорууга кытааччыгын. Ону таһынан театрализованнай туруорууларга оонньоон холоннуҥ. Ааспыт Олоҥхо күнүгэр “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоҕо Туйаарыма Куону оонньуургар табыллан туойбутуҥ уонна “Төлкө” романынан инсценировкабытыгар Маайа уобараһын бэрт иэйиилээхтик арыйбытыҥ. Онон эйиэхэ ити хайысхаҕар өссө да ситиһиилэри баҕарабын. Онтон уруһуйдуурга ким эмэ үөрэппитэй?
— Детсадка сырыттахпына, онтон кэлин уруһуй уруогар Елена Ивановна Садовникова үөрэппитэ. Бэйэм санаабар, кэнники быдан үчүгэйдик уруһуйдуур буолбуппун. Киһи сирэйэ ордук табыллар. Айылҕаны, кыыллары төрүт сатаан уруһуйдаабаппын. Елена Ивановна “Мин төрөөбүт кыраайым-2021” бүтүн Россиятааҕы куонкуруска кытыннаран, III истиэпэннээх дипломунан наҕараадаламмытым.
— Спордунан дьарыктанаҕын?
— Спартакиадаҕа кыттабын. Волейболлуубун. Быйыл мас тардыһыытыгар 60 киилэҕэ бастаабытым, хамаанданан кыайбыппыт. Теннистиибин. Хамаанданан үһүс буолбуппут. Хайыһарга кыттыбытым. Абсолютнайга уонна хамаанданан эмиэ кыайбытым.
— Оҕо саас сылынан оҕо сайдарын туһугар туох баар буолуон баҕараҕын?
— Барыта баар курдук. Арай учуутал тиийбэт. Оҕолор үчүгэйдик үөрэниҥ, кыһаллыҥ, көхтөөх буолуҥ диэн ыҥырабын. Учууталларбар кытаанах доруобуйаны, тулууру баҕарабын.
— Валерия, эйиэхэ эппиэтиҥ иһин махтал. Оскуолаҕын ситиһиилээхтик бүтэрэн, талбыт үөрэххэр киирэн, үрдүк таһымнаах идэлээх киһи буоларгар, сөбүлүүр дьарыккын салгыы сайыннараргар баҕарабын.
Анджела РЯЗАНСКАЯ.