Национальнай бырайыактар – доруобуйа харыстабылыгар

Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит салалтата доруобуйа харыстабылын салаатыгар хаһааҥҥытааҕар даҕаны улахан болҕомтону уурар. Сыллата үгүс балыыһалар, анал кииннэр аһыллан, тигинэччи үлэлииллэр. Каадыр боппуруоһугар сүрүн болҕомто ууруллар. Ол курдук, Арассыыйаҕа медицина үлэһиттэрэ тиийбэт регионнарыгар 2012 сылтан «Земскэй дуоктар», оттон 2015 сылтан «Земскэй биэлсэр» диэн анал бырагырааммалар үлэлээн, үтүө түмүгү көрдөрдүлэр.

 Бу күһүҥҥүттэн улуус кылаабынай бырааһын эбээһинэн толорооччунан Михаил Павлович Игнатьев талыллан үлэтин-хамнаһын кытта билсэн эрэр. Номнуо биир ый буола оҕуста. Бүгүн кинини кытта кэпсэтэбит.

— Михаил Павлович, ыарахан, эппиэтинэстээх үлэҕин туохтан саҕалаатыҥ?

— Балаҕан ыйын 6 күнүгэр бирикээһим тахсыбыта. Дьокуускай куоракка баран докумуон үлэтигэр, толоруутугар, билсиһиитигэр сырыттым. Саҥардыы кэлэн үлэбэр киирэн эрэбин. Элбэҕи үөрэтиэххэ-билиэххэ наада.

— Каадыр боппуруоһа хайдаҕый, хайдах үлэлэһэҕит?

— Стационарнай терапевт Кирьян Олегович Корякин кэлэн үлэлии сылдьар. Абыйдарга сэтинньи ыйтан Верхоянскайтан уопуттаах фельдшер кэлэрин күүтэбит. Сыаҥааннаахха, Уолбукка, Кэбэргэнэҕэ, Сутуруохаҕа участковай быраастар бааллар. Кадр боппуруоһугар Россия бары муннуктарын иһинэн кэпсэтии барар да, бакаа кыалла илик. Эпидемиолог, УЗИ-ст, акушер-гинеколог, лор быраастара тиийбэттэр.

— Биһиги улууспутуттан быраас идэтигэр үөрэнэр оҕолор бааллар дуу?

Целевой миэстэҕэ I-VI курстарга дылы 20-чэ оҕо доруобуйа араас хайысхатыгар, араас идэлэргэ үөрэнэллэр. Бу оҕолор үөрэхтэрин Минздрав төлүүр. Онон эһиил икки быраас, икки фельдшер үөрэхтэрин бүтэрэн кэлэллэрин күүтэбит.

— “Земскай быраас”, “Земскай фельдшер” программалары төһө туһанаҕыт?

— Сыаҥааннаахха, Кэбэргэнэҕэ, Сутуруохаҕа, Белай Гора балыыһаларыгар “Земскай быраас” программанан туһаммыттар бааллар, сорохтор билигин да үлэлии сылдьаллар. Онтон “Земскай фельдшерынан” үлэлиир идэлээх специалистар кэлэ иликтэр.

— Маннык программанан кэлбит быраастары олохсутуу, дьиэнэн хааччыйыы үлэтэ барар дуо? 5 сыл үлэлээн баран төннөллөр дуу?

— Нэһилиэктэргэ тахсыбыт быраастар дьиэнэн хаачыллаллар. Ити үөрэнэ сылдьар бэйэбит оҕолорбут кэлэллэрэ буоллар, бу боппуруос наһаа сытыытык туруо суох этэ. Төннөөччүлэр да бааллар. Хоту дойду усулуобуйатын тулуйар эрэ киһи тулуйар. Онон олохсутарга ыарахаттардаах.

— Улууска балыыһалар туруктара хайдаҕый?

— Абый балыыһата быйыл өрөмүөннэннэ. Иллэрээ сыл Ураһалаахтар өрөмүөннэммиттэрэ. Кэбэргэнэлэргэ 2021 сыллаахха модульнай балыыһа киирбитэ, Эһиил Уолбут балыыһатын өрөмүөнэ былааҥҥа турар. Сыаҥааннаахтар былыыһаларын өрөмүөнэ эбэтэр саҥа балыыһа боппуруоһа быһаарылла илик.

— Бу сылга санитарнай рейс төһө элбэхтэ кэллэ?

— Мин үлэҕэ киирбитим кэннэ иккитэ буолла.

— Үлэҕитигэр ханнык былааннар баалларый?

— Бастатан туран, суол турдаҕына,  нэһилиэктэринэн сылдьан, үлэни-хамнаһы кытта билсэн, эт харахпынан көрөн, үлэһиттэрдиин кэпсэтэн кэлиэм этэ. Саҥа саҕалаабыт киһиэхэ былааннар бааллар да, олох көрдөрөн иһиэ.

— Кэпсэтииҥ иһин махтал, саҥа саҕалааһыннар түмүктээх буоллунар, үлэҕэ-хамнаска ситиһиилэри баҕарабыт.

 

Анастасия СОРОКОУМОВА.