Майыар нэһилиэгэр авиаплощадка өрөмүөннэннэ

Биһиги курдук киинтэн ыраах сытар нэһилиэктэрдээх, сайыннары сылдьар суола-ииһэ суох улуус авиацията суох сатаммаппыт. Нэһилиэктэргэ күһүн, саас улуус киинигэр айан ордук сөмөлүөт түһэр былаһааккатын туругуттан тутулуктанар. Нэһилиэнньэ улаханнык долгуйар боппуруоһа. Майыардар бу проблеманы сөптөөхтүк быһаарбыттар. Үлэни хайдах, хантан үбүлэнэн ыыппыттарын олохтоох баһылык Иван Атласовтан ыйыталастыбыт. 

–   Тохсунньу бүтүүтэ СӨ тырааныспар министиэристибэтэ тыа сиригэр сөмөлүөт түһэр былаһааккатын өрөмүөнүгэр куонкурус биллэрбитэ. Улуус нэһилиэктэрин авиабылаһааккаларын көрүүнү-истиини улуус сүрүннүүрүнэн,  улуус дьаһалтатын кытта бу куонкуруска кыттыбыппыт.  Куонкуруһу кыайан, үбүлээһин көрүллэн, сөмөлүөт көтөр  былаһааккатын гравийынан бүрүйдүбүт.

Полосабыт уһуна 800 м, кэтитэ 70 м. Барыта 1500 куб. кумах уонна гравий таһылынна. Бу үлэни урбаанньыт Сергей Дмитриевич Жирков, Сергей Сергеевич Жирков, Прокопий Анатольевич Никонов толордулар – бэйэлэрин самосвалларынан, погрузчиктарынан тастылар.

«Дороги Арктики» СӨ КП генеральнай дириэктэрэ Владимир Валерьевич Чусовской, Абыйдааҕы суол учаастагын начальнига Петр Владимирович Борзов көмөлөһөннөр, бульдозер ыыппыттара. Бэйэбит уолбут бульдозерист Егор Афанасьевич Шкулев дойдутугар кэлэн кумахпытын, гравийбытын астаран биэрбитэ.

Саас Абыйтан Николай Салаватович Бурцевы көрдөһөн, Алексей  Анатольевич Никоновы кытта иккиэн кэлэн тоҥ талахтары астарбыттара.

Ону таһынан бэйэбит өттүбүтүттэн тыал хайысхатын, полоса саҕаланыытын, бүтүүтүн көрдөрөр бэлиэлэри саҥардан биэрдибит.

Сирэ ирэ турар буолан, хайаҕаһа олус элбэх этэ. Онон 3 хас сылынан эбии куттарар наада буолуо.

Үбүлээһин барыта аукционунан барбыта. Тырааныспар министиэристибэтин кытта сөбүлэһии түһэрсибиппит.  

Нэһилиэнньэ күһүн, саас аллараанан суол быстарар кэмигэр сөмөлүөт харгыстаммакка көтүө диэн үөрүүтэ улахан.

Сусанна НИКИТИНА.