Күүстээх үлэбит, эдэр сааспыт бөһүөлэгэ

Хотугу Эргимтэҕэ толору хааччыллыылаах куоракка тэҥнээх Белай Гора бөһүөлэгэ Абый улууһун киининэн биллэриллибитэ бу дьыл алтынньы  5 күнүгэр лоп курдук 50 cыла туолар. Оройуон киинэ көһөрүллэр төрүөтүнэн  Дружина сыллата халааҥҥа былдьанар кыһалҕата этэ. 1969 c. кулун тутар ыйтан Илья Николаевич Ефимов салалтатынан эдэркээн уолаттар уонна олохтоох эр дьоннор Индигир эбэ уҥа үрдүк кытылыгар хара тыаны харыларын күүһүнэн солоон, улахан тутууну саҕалаабыттара.

Кылгастык санатан аһарар буоллахха, аан бастаан 1962 c. «Северстрой» трест иһинэн Абый оройуонугар СУ ― тутуу учаастага тэриллибитэ. Маҥнайгы начальнигынан Семен Васильевич Макухин (1962–1963 cc.), РСФСР үтүөлээх тутааччыта Владимир Николаевич Артемьев (1963–1964 сс.), прорабынан С.В.Федунов, тутааччыларынан К.И.Сорокоумов, И.П. Ефимов, В.В.Дохунаев, С.П.Слепцов, Н.И.Постников, Н.К.Чирков, М.Е.Чирков, В.Н.Корякин, Д.С.Эверстов, Е.Г.Ребров, А.З.Климовскай, Е.Д.Садовников, Е.Н.Ефимов о.д.а. үлэлээбиттэрэ.

Бу тэрилтэни 1964 с. сэтинньи 21 күнүттэн 1991 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри Октябрьскай Революция, Үлэ Кыһыл Знамята орденнар кавалердара, СР үтүөлээх тутааччыта, Абый улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, ытык-мааны биир дойдулаахпыт Илья Николаевич Ефимов эҥкилэ суох салайбыта. Кини 1928 c. от ыйын 30 күнүгэр Муҥурдаахха күн сирин көрбүтэ. 1947 с. төрөөбүт нэһилиэгэр учууталынан ананан кэлбитэ. Биир үөрэх дьылын түмүктээн баран, оройуоҥҥа араас салайар үлэлэргэ буспута-хаппыта. Онон, тутууга ылсарыгар норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар эргиччи билиилээх, уопуттаах, отут сэттэлээх эдэр, эрчимнээх киһи этэ.

1965-1969 cc. Сутуруохаҕа тутааччыларга анаан олорор дьиэлэр,  спортивнай саалалаах оскуола, оҕо саада, маҕаһыын уонна саһыл фермата тутуллубуттара. Онно комсомол путевкатынан кэлбит тутааччылар Алексей Васильевич Ильяхов, Петр Туласынов, Иосиф Гоголев, Иван Петрович Ефимов, Иван Егорович Хобров, Иван Иванович Слепцов, Николай Николаевич Слепцов о.д.а. бааллара. Тутуу учаастагар оччолорго производственнай база тэриллэ илигэ. 3 хаарбах туруктаах массыыналаахтара уонна 2 тыраахтардаахтара. Үлэһиттэри уонна тутуу матырыйаалын Сутуруохаттан өрүс уҥуор быыкаайык «Полуглиссер» катерынан туораталлара. Аһары элбэҕи тиэйэн кэбиһэннэр, ол катер саахалланар, түҥнэстэр да түгэннэрэ тахсыталыыр этилэр.

1970 c. Белай Гораҕа производственнай база: 5 массыынаны батарар гараж, хонтуора, хочуолунай, баанньык, аҕыс квартиралаах оһоҕунан оттуллар дьиэлэр, медпуун тутуллубуттара. 1971 c. сибээс узела, начальнай оскуола, «смешаннай» маҕаһыын, Набережнай уулуссаҕа аҕыстыы квартиралаах дьиэлэр үлэҕэ киирбиттэрэ. Санаан көрүҥ, иккилии мэндиэмэннээх олорор дьиэлэр 74 атахха (сыбаайаҕа) туралларын, ол сыбаайалар ортотунан 5,5 миэтэрэ дириҥнээх олохторун тутааччылар кыһынын тоҥ буору, мууһу эт илиилэринэн, хойгуонан көйөн, хаһан бэлэмнииллэрин! Оттон, оскуола, улахан тэрилтэлэр сыбаайаларын ахсаанын ааҕан да сиппэккин. Ити курдук, бөһүөлэк тутууларын үс гыммыт биирин илиинэн хаспыттара. Хайдахтаах сыралаах үлэний!

1972-1974 cс. Белай Гораҕа орто оскуола, квартальнай хочуолунай, баһаарынай депо, ДЭС, иккилии этээстээх олорор дьиэлэр дьэндэйбиттэрэ. Манна даҕатан эттэххэ, I квартальнай хочуолунайы уонна олорор дьиэлэри уунан Николай Александрович Суздалов салалтатынан ыччат комсомольскай тутар биригээдэлэрэ хааччыйаллара. Киэһэ үлэ чааһын кэнниттэн күн ахсын ойбонтон тимир буочукаларга ууну баһан, сыарҕалаах тыраахтарынан тиэйэн таһаараллара. Буочукаларын айаҕын бириһиэнинэн хам баайдаллар даҕаны, сыыры дабайыыга уулара аара суолга дэлби дьалкыйан, эбиитин мэниктээн уунан ысыһан, уолаттар таҥастара илийэ сатаан баран, дороччу тоҥон хаалара. Дьиэлэригэр кэлэн уһуллахтарына, таҥастара хороччу турар буолара үһү. Ити эбээһинэстэрэ төлөммөт, буор-босхо общественнай ноҕурууска этэ. Ол курдук икки төгүрүк сыл устата, биирдэ да бүдүрүйэн көрбөккө, үрдүк эппиэтинэстээхтик таспыттара. Онтон цистерна, носуос булан, уу баһар массыынаны таҥан оҥорбуттара.

1974 c. от ыйын 1 күнүттэн тутуу учаастага «Якутстрой» трест 1124 №-дээх ПМК-та (көһөрүллэ сылдьар механизированнай колонната) буолбута.  1978 c. Белай Гора образцовай бөһүөлэк быһыытынан ВДНХ дипломунан, Н.А.Суздалов биригээдэтэ көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамянан наҕараадаммыттара, эдэр тутааччы, комсорг И.И.Полушкин чемпион болуотунньук аатын ылбыта.

Саха сиригэр биллэр-көстөр «Стройкон» тутуу тэрилтэтин салайааччыта, Россия уонна Саха сирин үтүөлээх тутааччыта Иван Иванович Полушкин ол кэмнэри бу баардык саныыр. Кини үлэҕэ уһуйуллубут Белай Горатын үбүлүөйүн долгуйа көрсөр, бүгүн биһиги кэккэбитигэр суох тутааччы доҕотторун истиҥник махтана ахтар:

Тутааччы саамай гуманнай идэ. Киһи аймах дьиэлээх эрэ буоллаҕына дурдалаах-хаххалаах, олоҕо уйгулаах, үлэтэ тахсыылаах буолар. Тутааччы үлэтин түмүгэ үйэлэргэ хаалар, ― диир Иван Иванович. Мин тутааччы гынан иитэн-такайан таһаарбыт салайааччым Илья Николаевич Ефимов хараҕын далыгар бэһис кылаастан киирбит эбиппин. Сутуруоха оҕолоро: Олег, Емилий, Костя Бережновтар, Вася Стручков уонна мин буолан дырааҥка бэлэмнээһинигэр үлэлээбиппит. Илья Николаевичтыын аҕам кэпсэппит этэ. Онтон сэттис, ахсыс кылаастарга тэлиэгэлээх атынан уу таһааччы буолбутум. Тохсус кылаастан сүгэ тутан, Белай Гораҕа  ыччат комсомольскай биригээдэтигэр ылыллыбытым. Оскуоланы бүтэрэн баран, Дружинаттан Сутуруохаҕа дьиэбэр кэлэн, икки эрэ күн сынньаммытым. Үөрэххэ киирэр толкуй суоҕа тутууга болуотунньуктуу барбытым.  

Биһиги тутуубут учаастагар үлэ-хамнас «бригаднай подряд» ньыматынан көдьүүстээхтик тэриллэрэ. 10-16 киһилээх 56 биригээдэлээх этибит, биригээдэлэр аҕыстыы киһилээх үстүү звеноҕа арахсаллара. Социалистическай күрэхтэһии барыбытын күөртүүрэ. Дьэ, чахчы даҕаны, айылҕаттан мындыр дьоннор биригэдьиирдэринэн үлэлээбиттэрэ. Мин, сүгэни илиибэр ылыахпыттан, Николай Александрович Суздалов (22.05.193302.03.1985) биригээдэтигэр сылдьыбытым. Николай Александрович Уолбуттан төрүттээх, эдэрчи, күүстээх-уохтаах, күөгэйэр күнүгэр сылдьар киһи этэ. Байанайдаах булчут. Уолаттара Илья, Иосиф тайаҕы туруору тардыбыт курдук бөдөҥ-садаҥ дьон, аҕаларын биригээдэтигэр болуотунньуктууллара. Иосиф сыбаайа олоҕун биир күн иһигэр хаһан бүтэрбитин өйдүүбүн. Тоҥ буор мээнэ хайдыбат, сатабылы уонна үчүгэй хойгуону, хойгуонан сатаан туттары эрэйэр. Онно дьаамабыт иһигэр күнү быһа сылдьабыт, иккитэ эрэ үөһэ тахсабыт, сынньалаҥ кэмигэр. Киэһэ аҕыска бүтэбит. Күүстээх үлэҕэ сылдьан олох тоҥмот этибит. Охсубут буорбутун тардан таһаарар дьонноохпут. Иосиф кыараҕас дьаамаҕа баппат, онон кини биһигиннээҕэр өссө киэҥник хаһар буоллаҕа. 

Николай Александрович Суздалов эдэр ыччакка сыстаҕас майгылаах, тэҥҥэ күлэр-үөрэр, сүүрэр-көтөр  бэртээхэй наставник этэ. Сүгэни сытыылыырга, муннугу, түннүгү, холуоданы уурарга бэйэтэ үөрэтэрэ. Биригээдэбит үлэтин былаанын куруук аһары толороро. Үлэ кэмигэр сарсыарда 11-гэ уонна күнүс түөркэ чаас аҥаара сынньанарбыт. Онно биригэдьиирбит уоннуу мүнүүтэлээх политинформацияны оҥороро. Кэлин барыбытын кытыннаран, дьуһуурунайдар булгуччу политинформацияны ыыталларын ситиспитэ. Дьуһуурунай бэйэтин харчытынан чэй атыылаһар, остуолу тардар, иһит сууйар. Политинформацияны аахпатаҕына сарсыныгар иккистээн дьуһуурунайдыыр. Ону ким сөбүлүөй, ол иһин бары тук курдук бэлэмнэнэр, сонуннары истэр, кэпсиир буолбуппут, сайдыбыппыт. Ити кэнниттэн биригэдьиирбит хайаан да 20 мүнүүтэ устата араас күрэхтэһиилэри ыытар. Тустабыт, хапсаҕайдаһабыт (онно бэйэтэ биһигини киһилээбэт), ыстаҥалыыбыт, дуобаттыыбыт, саахыматтыыбыт, хары баттаһабыт. Арай хаартыны өлөрдүү абааһы көрөрө, ким эмэ хаартылаах кэллэҕинэ уокка быраҕара. Николай Александрович бэйэтин дьуһуурустубатын кэмигэр булт аһын дэлэччи буһарара, кыыл таба, тайах этинэн маанылыыра. Биһиги биригэдьиирбит элбэх соцкүрэхтэһии кыайыылааҕа, пятилетка ударнига, САССР үтүөлээх тутааччыта, Октябрьскай Революция, Үлэ Кыһыл Знамята орденнар, РСФСР Тыа хаһаайыстыбатын уонна ууга эмсэҕэлээбиттэри быыһаабытын иһин медаллар кавалердара буолбута.

 Иван Петрович Ефимов, Үлэ Албан аатын III степеннээх орденын кавалера, бэйэтэ туспа иитэр ньымалаах, билиилээх, болуотунньуктар биригээдэлэрин биригэдьиирэ этэ. Муҥурдаахтан төрүттээҕэ, бастакы тутааччылартан биирдэстэрэ. Иллэҥ кэмигэр ааттаах хайыһардьыт, оройуоҥҥа, хотугу зонаҕа чемпионнуура. Кини биригээдэтэ элбэх улахан тутууну, ол иһигэр 200 миэстэлээх культура дьиэтин, сибээс узелын, оройуон дьаһалтатын дьиэтин, о.д.а. олоххо киллэрбитэ, куруук инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Иван Петрович, саҥата суох туруу үлэһит киһи, уолаттарын тылынан буолбакка, бэйэтин күүстээх үлэтинэн, сатабылынан, тус холобурунан үөрэтэрэ. Үлэ чааһын сөкүүндэтигэр тиийэ тутуһара, холобур, сарсыарда тоҕус буолла даҕаны, кими да кэтэспэккэ, сүгэтин туппутунан тепляктан тахсан барара. Оннук кытаанах бэрээдэктээх киһи этэ, кининэн бириэмэни кэтиэххэ сөп курдуга. Үлэһиттэр хойутуулларын, тардыллалларын олох сөбүлээбэт этэ. Ону кини тылынан мөхпөт. Бүтэйдии сэрэйэрбит уонна сүрдээҕин бэйэ бодобутун тардынар буоларбыт.

Иван Петрович саамай сытыы сүгэлээҕинэн биллэрэ. Туттар тэрилэ эҥкилэ суох буоларын ирдиирэ. Ким эмэ куһаҕан сүгэлээх кэллэҕинэ, былдьаан ылан тоһоҕоҕо саайара уонна «баран сытыылан» диэт, ыраах элитэн кэбиһэрэ. Үлэҕиттэн үүрүлүннэҕиҥ ол. Сарсыныгар сытыыланан, ох курдук оҥостон кэлэҕин. Кини үлэһиттэригэр наһаа үчүгэй сыһыаннааҕа, мүчүк гына сылдьара бу баар курдук.

Валерий Егорович Слепцов, бытаан соҕус курдук хамсаныылаах эрээри, барыбытыттан таһыччы мындыр, уран, хаачыстыбалаах туттуулаах болуотунньук этэ. Миигин олус элбэххэ үөрэппитэ. Былыр-былыргыттан быһах биитэ баппат ыпсыылаах «немецкэй муннугу» сатыыр бэрт аҕыйах уус төрөөн-үөскээн ааһааччы. Дьэ, ол муннугу талбытынан оҥорор Валерий Егорович буолара! Майгытынан сүрдээх элэккэйэ, көрү-көрүдьүөһү оройуттан тутара, айаҕын аһан баран саппат элбэх кэпсээннээх эриэккэс убайбыт этэ. Валерий Егорович сыралаах хоһуун үлэтэ Үлэ Албан аата III степеннээх орденынан бэлиэтэммитэ.

Бэйэм напарникпын Иван Константинович Бережнову (06.12.195714.11.2022) ахтан ааһыам этэ. Кини уонна бииргэ төрөөбүт убайдара оҕо сааспар бииргэ улааппыт бастыҥ доҕотторум Емилий, Олег, Леонид көстөр дьүһүннүүн, майгылыын-сигилилиин үтүө-мааны дьоннор, хомойуох иһин, уһун үйэлэммэтилэр. Ваня миигиттэн уҥуоҕунан улахан, сүрдээх күүстээх, кыайыгас-хотугас этэ. Мин киниэхэ сарсыарда туттар маһым кээмэйин эрэ этэбин, ону лоп курдук бэлэмнээн биэрэр. Үлэлиирбин көрө сылдьан, пакляны тэлгэтэр. Бэрэбинэбитин иккиэн уурабыт. Ол курдук тапсан, бүтэрэн-оһорон, чемпион болуотунньук буоллахпыт дии.  

Белай Гора бөһүөлэгэ тутуллуутугар сыраларын биэрбит үгүс дьоннор ааттарын, ситэтэ суох да буоллар, туспа испииһэктээн киллэрдибит. Кинилэртэн анаан-минээн Илья Николаевич Ефимов иитэн таһаарбыт бастыҥ каадырдарын, тирэх буолбут көмөлөһөөччүлэрин ааттаталыам этэ. Начальник уларыйбат солбуйааччытынан (бастаан 1965 с. маастарынан, кылаабынай механигынан) Анатолий Александрович Чирков үлэлээбитэ.  ПМК үлэтэ оройуон киинин эрэ тутуунан муҥурдаммат этэ, нэһилиэктэр, совхозтар объектарын тутуулара, дьиэлэрин өрөмүөннэрэ, суол оҥоруута эмиэ киирсэллэрэ.  Онно үтүмэн элбэх тиэйии-таһыы үлэтэ, техниканы аттаран туруоруу барыта Анатолий Александрович салалтатынан барара. Кини сахаҕа биир чулуу, бухатыыр киһи этэ. Олус үчүгэй, элэккэй майгылааҕа, дьон-сэргэ сүрдээҕин ылынар, сөбүлүүр салайааччытынан биллэрэ, улаханнык ытыктанара. Ырыаһыт, баянист, спортсмен – дэгиттэр талааннааҕа. Кэлин, Илья Николаевич соһуччу олохтон туораабытын кэннэ, Анатолий Александрович 19911996 cc. МПМК сирэй салайааччытынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Кылаабынай инженердэр Иван Алексеевич Старовойда, кини быраата Леонид Алексеевич Старовойда, Алексей Иванович Федоров, Гаврил Петрович Максимов; прорабтар Григорий Григорьевич Кычкин, Никита Егорович Борисов, Иннокентий Егорович Чирков, Николай Васильевич Иванов, Валерий Платонович Унаров; ПТО начальнига Иван Петрович Эверстов;  биригэдьиирдэр Анатолий Иванович Попенко, Владимир Грань, Иван Иосифович Шевченко, отделочниктар биригээдэлэрин салайааччыта, «За трудовое отличие» орден кавалера Зоя Петровна Рассадина; күүстээх механизатордар Валерий Иннокентьевич Худаев, Үлэ Албан аата III степеннээх орден кавалера Сергей Александрович Трушков о.д.а. уһуннук, бэриниилээхтик үлэлээбит, Белай Гораҕа  улахан өҥөлөөх, тутаах дьоннор. Кинилэргэ биһиги махталбыт муҥура суох.

Уһук хотугу дойдуга бүтүн бөһүөлэги атаҕар туруорарга тутуу матырыйаалын таһыы манан аҕай дьыала буолбатаҕа биллэр.  Булуу-талыы, кэпсэтии, тиэйии-таһыы түбүгэ Иван Порфильевич Слепцов (22.06.193101.06.1997) курдук чаҕылхай киһиэхэ сүктэриллибитэ. Кинини, Дружинаҕа речфлокка бастакы шкиперинэн үлэлии сырыттаҕына, Илья Николаевич Ефимов таба көрөн, көһөрөн аҕалбыта уонна тутуу саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри начальнигы хааччыйыыга (снабжениеҕа) солбуйааччынан үлэлэппитэ. Матырыйаал баһыйар үксэ (буруус, хаптаһын, цемент, тимир, кырааска о.д.а) Иван Порфильевич сүүрэн-көтөн «Ан-12» cамолетунан Дьокуускайтан тиэйиллибитэ, сороҕо навигация кэмигэр уунан кэлэрэ. Ону барытын кини Дьокуускайтан эрэ буолбакка, Новосибирскайтан кытта аҕалтарар этэ. Биирдэ даҕаны матырыйаалынан быстарбатахпыт, ол иһин үлэ хаамыыта бытаарбатаҕа. Кини туттарбыт бөһүөлэгин Бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл ветерана этэ, элбэх наҕараадалардааҕа.

Дьиҥнээх саха саарына, уһулуччулаах салайааччы Илья Николаевич Ефимов олоҕум суолун таба тайанарбар улахан сабыдыаллааҕын өссө төгүл дириҥник махтанан бэлиэтиибин. Үөһэ ахтыбытым курдук, кини миигин бэһис кылаастан тутууга сыһыарбыта. Ыччат тутар комсомольскай биригээдэтигэр үлэлии киирбит кэммэр Илья Николаевичтан сүрдээҕин толлор, ырааҕынан сылдьар этим. Кини дьоҕурдаах, үлэһит оҕолору анаан кэтиир эбит быһыылааҕа. Комсомольскай мунньахтарга хайаан да кыттааччы. Онно биригээдэбит былаанын кэпсээччибит, ону ырытыһааччы. Үлэлии сырыттахпына кэлэн көрө турар буолааччы. «Ити тугу гынаҕыный?» диэн ыйытар. «Шкан оҥоробун», диибин. Онуоха: «Шкан оҥорор диэн боростуой буоллаҕа. Дьоҥҥор оҥортор, сатаабат буоллахтарына – үөрэт. Эн былаан толоруохтааххын, дьиэни үлэҕэ киллэриэхтээххин», диэн такайан ааһар. Олус ирдэбиллээҕэ. Былаан туолумуох курдук буоллаҕына, эрдэттэн, ый ортотугар ыҥыран ылан, соруктары туруорара. Куруук инникигэ туһаайара. Биир үтүө күн миигин кэтэхтэн үөрэххэ бар диэн дьаһайбыта. Кини салайбатаҕа буоллар, мин үрдүк үөрэххэ киирэр толкуйум суоҕа. Үһүс куурустан маастардаппыта, онтон үөрэхпин бүтэрбиппэр прорабынан анаабыта. Сурунар блокноппун, тугу бэлиэтэнэр эбитий диэн, арыйан көрөрө. Буочарбын сирэрэ уонна былааны маннык оҥорор баҕайыта диэн сүбэлиирэ. Прорабтыы сырыттахпына профсоюз председателинэн үлэлэппитэ. Олох баҕарбакка эрээри сөбүлэспитим. Оччолорго дьиэҕэ, миэбэлгэ туохха барытыгар уочарат буолара. Илья Николаевич тутааччылары барыларын, туспа микрорайон оҥорон, дьиэлээбитэ. Ол гынан баран, уочараппыт кытаанах быраабылалаах этэ. Холобур, ханнык да үчүгэй үлэһит арыгылаан кэбистэҕинэ, уочарата кэннигэр тэбиллэрэ. Сорох ардыгар иккитэ оннукка түбэспиттэр бааллара. Дьэ, ол олус кыһыылаах буолара эрээри, Илья Николаевич биһигини иитэр, өрө тардар ньымата этэ. 

Миигин комсомолга, оройуон салайар үлэтигэр дэлби кучуйалларын Илья Николаевич олох ыыппатаҕа. Онтон Иван Иванович Горохов Илья Николаевиһы тылыгар киллэрэн, райсовекка тутуу отделын начальнигынан ананан көспүтүм. Туһугар эмиэ табыллан үлэлии сырыттахпына, Илья Николаевич путч буолбут күнүгэр сарсыарда сэттэ аҥаарга миигин хонтуораҕа ыҥыран ылбыта. Дойдуга улахан уларыйыылар тахсаары туралларын, бэйэни салайынар, судаарыстыбаттан көмөтө суох иннибитин көрүнэр кэммит иһэрин, тэрилтэбит аҥаарын чааһынайга көһөрүөхтээхпитин, Сутуруоха пуордун бульдозерынан хоруттаран, хортуосканы хото олордуохха сөбүн, сылгы иитиитэ барыстаах салаа буолуоҕун туһунан дьикти кэпсэтиини таһаарбыта. Мин, кэм уларыйарын туһунан долоҕойбор оҕустара илик киһи, өссө коммунист эрээри тугу-тугу тыллаһарый диэх курдук санаабытым. Мас-таас курдук кылаабынай инженеринэн төттөрү төннөрбөр соруйбута. Үлэбэр арбы-сарбы буолан тиийэн, Иван Ивановичка тылым тахсан эппэтэҕим. Эбиэттэн киэһэ Будимир Дмитриевич Слепцов көрсөн: «Иван Иванович бэйэтэ этиэҕэ, тугу кэпсэппиппитин», диэтэ. Ол киэһэ сэттэ чааска Илья Николаевичка иккистээн тиийдим. «Атырдьах ыйын 24 күнүгэр Дьокуускайга көтөҕүн. «Якутсельстрой» начальнига Евгений Викентьевичтыын барытын быһаарыстыбыт», диэн буолла. Онтон икки хонон баран бирикээһим таҕыста. Хомойуох иһин, дойдубар төннөн кэлиибэр, 1991 c. балаҕан ыйын 1 күнүгэр, Илья Николаевич Ефимов орто дойду олоҕуттан  соһуччу күрэммитэ. Билигин санаатахпына, кини тиһэх дьаһалынан миигин тутааччы идэтигэр букатыннаахтык хаалларбыт, инники суолбун түстээбит эбит…

Белай Гораттан уһаарыллан, Саха сирэ киэн туттар үгүс ахсааннаах көстүүлээх тутууларын дьэндэппит Иван Иванович Полушкин ― тутуу баарын тухары олох баар диэн бигэ өйдөбүллээх. Кини эдэр эрчимин биэрэн туппут бөһүөлэгин, бииргэ алтыспыт доҕотторун, уһуйааччыларын дириҥник сүгүрүйэ, махтана ахтар. Иван Иванович этэринэн, үйэ аҥаардаах Белай Горабыт өссө да сайда-үүнэ турарыгар тутуу тирэх буолуохтаах. Онуоха дойду үрдүнэн ыытылла турар федеральнай программалары мүлчү туппакка, дьоҥҥо-сэргэҕэ өйдөтөн, хаарбах дьиэттэн көһөрүү, эргэ дьиэлэри чөлүгэр түһэрии о.д.а. хайысхаларыгар хото киирсиэхтээхпит, тутууну элбэтиэхтээхпит диэн санаалаах. Инники көлүөнэ туруу үлэһит дьонун көмүс көлөһүнэ тилиннин, Белай Гора үрдүү-үүнэ турдун.

 

  Мария РЕШЕТНИКОВА.