Кылаабынайа модун санаа, күүстээх үлэ

Кэбэргэнэҕэ улууска биллэр дьон суох буолбатахтар. Биир оннук киһинэн балачча ыраах сыллартан бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэн, билигин быр-бааччы олохтоох Слепцов Алексей Николаевич буолар.

2009 сыллаахха кини «Илин эҥэр» диэн бааһынай хаһаайыстыбатын тэрийбитэ. Бастаан утаа, кырдьык, улахан тургутуулары, уйаны-хатаны быһаарар кэмнэри ааспыта. Оччолорго юридическай өрүттэргэ удумаҕалатар эрэ, үчүгэйдик быһаарсыбат, киирэр-тахсар үүтү-хайаҕаһы соччо билбэт буолан ыарырҕатара, үп-харчы да өттүнэн татымнык олороллоро. Онуоха ханнык да анал үөрэҕэ суоҕа — эмиэ моһуок. Итинник кыһалҕалары бэйэтин модун санаатынан, күүстээх үлэтинэн, ыра санаата туоларыгар дьулуурунан туораталаан, билигин хаһаайыстыбатыгар түөрт уонча сылгылаах, онтон отута — биэлэр, үс ыанар ынахтаах, алта төбө кыра сүөһүлээх, икки сибиинньэлээх, сүүрбэ кууруссалаах — нэһилиэккэ бөдөҥүнэн ааҕыллар хаһаайыстыба салаайааччыта буолан олорор. Сылгылара билигин биэс үөргэ араарыллан тураллар. Үс оттуур сирдээх. Икки звено оттуурун оттуубут диир Алексей Николаевич. Ону сэргэ «Опора» диэн аҕыйах ахсаанаах норуоттар общиналарыттан учаастак ылан, онно балыктаан, атыыга таһааран эмиэ дохуот киллэринэр.

Бачча улахан хаһаайыстыбаны көрөргө-истэргэ, бары силигин ситэрэргэ үлэһит илии бөҕө наада буолуо дии диэн ыйыппыппар, атын дьону наймыласпаппын, аҕам, убайым уонна бэйэм эрэ үлэлиибит, дьиэ кэргэним субуотунньуктаһар диэн мичээрдиир. Ыарахан үлэлэригэр техника оруола улахан, ол курдук «Каракас-6» диэн тоҕус киһи батан олорор кузовтаах массыыналааҕа абырыыр.

2016 сыллаахха сылгы базата тутаары тыа хаһаайыстыбатын министерствотын Граныгар киирсибит эбит, онно сэттэ уон киһи иһигэр киирсэн, икки мөлүйүөнү ылаары сырыттаҕына, айылҕа катаклизма мэһэйдээн, ытыс соттон хаалбытым диэн сонньуйар Алексей Николаевич. Ол гынан баран, итинтэн наһаа хомойбокко, үлэтин салҕаан, сылгыларыгар сүүс миэтэрэ усталаах, түөрт уон миэтэрэ кэтиттээх хараалы сиэрдийэни хатырыктаан, суоран туппута элбэҕи этэр. Кырдьык да, хаһаайыстыбата билиҥни туругун көрдөххө, санаатын түһэрбэккэ, дьаныһан туран үлэлээбит үлэтэ үтүө түмүктээҕин ити үөһэ аахтыгыт. Киһи сэргиирэ-хайгыыра диэн – бу бааһынай хаһаайыстыбата сүөһүттэн ылар бородууксуйатын — сылгытын этин манна миэстэтигэр батарар буолан, олохтоохторго табыгыстаах эбит.

Алексей Николаевич нэһилиэк общественнай олоҕор актыыбынай позициялааҕын бу улахан быыбардарга учаастактааҕы быыбардыыр комиссия чилиэнинэн үлэлээбитэ да бигэрэтэр. Кини түөрт оҕолоох, бары оскуолаҕа үөрэнэллэр, кэргэнэ Майыар орто оскуолатыгар информатика уонна физика учууталынан үлэлиир. Бары көмөлөөн оҕуруоттарын көрөллөр, икки теплицалаахтарыттан оҕурсуу, помидор ылан остуолларыгар эбиискэлэнэллэр, күһүн аайы уонча куул хортуоппуйу хостооннор, аймахтарыгар түҥэтэллэр, бэйэлэригэр да, сиэмэ буоларга да хааллараллар. Алексей Николаевич үлэни таҥара оҥостубут киһи – олорор дьиэтин уу ылан, онтон көһөөрү, икки этээстээх саҥа дьиэни тутта сылдьар. Бэйэтэ үлэһит, үлэһит аймахтардаах, күтүөттээх киһи итини да уһун дьааһыкка хаайбакка, сотору малааһынныа диэн эрэл баар.

 

Маннык дьон баар буоланнар, кинилэртэн холобур ылан, тута-айа олорор, биирдэ бэриллэр олоххо чопчу сыалы-соругу туруорунан, көҕүл олоҕунан олорор интэриэһинэй да интэриэстээх бөҕө буоллаҕа…

 

Николай ПЕТРОВ.