Саха сирин бары улуустарыгар Саха Республикатын экология, айылҕа баайын туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министерствотын территориятааҕы инспекциялара бааллар. Кинилэр функциялара олус киэҥ, дириҥ. Ол чэрчитинэн, кинилэр бу сыл от ыйын 22 күнүттэн нэһилиэнньэҕэ 2023-2024 сыллааҕы булт сезонугар уу уонна мас көтөрүн бултааһыҥҥа көҥүлү биэриини саҕалааатылар.
Санатар буоллахха, Саха сиригэр быйыл күһүн куһу бултааһын атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан көҥүллэнэн турар диэн СР Экология министерствотын сайтыгар суруллубут. Ол гынан баран, анал үөрэммит легавай, спаниель, ретривер ыттаахтар атырдьах ыйын иккис субуотаттыттан бултуохтарын сөп.
Урут көҥүлү ылыы диэн анал хампаанньа суоҕа, кэлин хас да сылтан ыла бултааһын быраабылаларыгар араас уларыйыылар киирэннэр, ирдэбил күүһүрдэ. Онон куһу уонна мас көтөрүн бултуон баҕалаахтар сайабылыанньаларын государственнай уонна муниципальнай өҥөлөр улуустааҕы порталыгар, итиэннэ «Мин докумуоннарым» диэн элбэх функциялаах кииннэр нөҥүө биэриэхтэрин сөп.
Иккис вариант — гражданнар улуустааҕы Экология уонна айылҕа баайын туһаныы инспекциятыгар тус бэйэлэрэ кэлэн ылыахтарын эмиэ сөп.
Абыйдааҕы Экологическай надзор государственнай инспекциятын аадырыһа: Белай Гора, Строителлэр уул. 12/4. Телефоннара — (411-59) 21-396
Николай Петров.