Командировкаттан бэлиэтээһиннэр

Сыаҥааннаах сылаас күннэригэр

Сыаҥааннаах мин командировкаҕа сылдьар кэммэр тустуунан, хапсаҕайынан «түллэҥнии» олорор буолан, сыалбын-сорукпун торумнаабытым курдук астынар гына толорботум диэн аһаҕастык билиниэх тустаахпын.

Ол да буоллар, дьон барахсан, тылбын быһа гыммакка, сөбүлэһэн көрсүбүттэриттэн астыннным.

Сүөһү уонна оҕо — нэһилиэк тутула

Ордук, бу күннэргэ саамай түбүгүрбүт, үтүмэн үгүс үлэни сүрүннээбит, бары дьаһалы салайбыт, аҕа баһылыктара Олег Корякин быыс булан кэпсэппитигэр махтанабын. Ханна да буоларын курдук, олох-дьаһах туһунан, кыстык боппуруостара хара маҥнайгыттан ыйытыллааччы. Онуоха Олег Петрович кэпсээбитин ааҕыҥ.

—Нэһилиэкпитигэр 125 ынах сүөһү иитиллэн турар. Олорбутугар 604 тонна оту оттоон, бэриллибит былааны 206 бырыһыан куоһарбыппыт. Сүрүн салаабытынан — сүөһү иитиитинэн — биир ИП уонна сэттэ чааһынай хаһаайыстыбалар дьарыктаналлар. Кинилэр холбоон 9,6 тонна эти, 42 тонна үүтү валовайынан бэлэмнээн туттараллар. Быйыл да ити сыыппара оннунан хаалла, кыра арыттаах буолуон сөп, үрдэтии өттүгэр. Ыалдьыттыы кэлбит дьон дьиэлэрбит, спортсаалабыт сылаастарыттан соһуйбуттар. Кырдьык, маннык сылааһы хачыгаардарбыт түөрт хочуолу көрөн-истэн котельнайтан тахсыыга 50 кыраадыстаах итии ууну ыытан, дьиэлэр өрүү 25-26 кыраадыс сылаас буолалларын хааччыйаллар. Уолаттар үлэлэригэр бэриниилээхтэр, кадр хамсааһына суох. Аны, бөһүөлэги тупсарар программаны ылынан, уу бөһүөлэги ылбатын, тыа уота барбатын курдук улахан проблемалары быһаара сатыыбыт, ити биир күннээх үлэ буолбатын, ситимин быспакка барарын дьон өйдүүр. Ол олоххо бигэтик киирэригэр араас программа баар да, сүөһү уонна оҕо ахсаана аҕыйыы турдаҕына, туруорсуу боппуруостара олус уустугураллар. Ону сөпкө өйдүөххэ наада. Дьон атын сиргэ көһөн барыылара араас биричиниилээх, дьиҥэ, манна усулуобуйа барыта баар ээ. Эдэр ыал элбэх, онон демографиябыт тупсуо диэн эрэнэбит. Сүөһү иитиитин туһунан ахтар буоллахха, бу салааҕа көмө кырата суох — үбүнэн-харчынан, субсидиянан, граннарынан. Таба аттарыахха эрэ наада. Сүөһү диэн киһи баайа буоллаҕа, саха киһитэ этэ, үүтэ, арыыта-сүөгэйэ суох доруобай, чэгиэн сылдьарын өйүм хоппот. Дьону көҕүлээн бэйэм сүөһү, сылгы ииттэбин, Дьахтар күөлүгэр оттуур сирдээхпин. Төһө да киин сиртэн ыраах олордорбут, анал байыаннай дьайыы саллааттарыгар көмөнү оҥоро сатыыбыт. Биир дойдулаахпытыгар, билигин Белай Гораҕа олорор Н. Антоҥҥа нэһилиэк бронежилет атыылаһан биэрбитэ, ону таһынан нэһилиэнньэ араастаан көмөлөһөр. Улуус штабыгар маскировочнай сиэккэлэри киллэрэн туттартаабыппыт, «Посылка солдату» акцияҕа кыттыһабыт. Онон олохтон хаалсыбаппыт, этэҥҥэ олоробут, дьон-сэргэ санаата бөҕөх.

Ити курдук, баһылык, соло булан аҕыйах тылынан кэпсээт, эмиэ дьаһайа, түбүгүрэ «сус» гынан хаалла.

Эргэ оскуола саҥалыы тыына

1974 сыллаахха тутуллубут оскуола диэтэххэ, иһэ-таһа тупсаҕайа саҥа оскуола дуу дэтиэх курдук. Педколлектив, төрөппүттэр кыһамньыларынан итинник чэгиэн көстүүлээх. Истиэнэлэрэ араас кэрэ стендэлэринэн киэргэтиллэн, муостатын сылын аайы лааҕынан бүрүйэр буоланнар, олус ыраас, сырдык көрүҥнүүллэр, ураты настырыанньаны саҕар эбиттэр.

Завуч Алена Кычкина экскурсиялатан, кылаастары аһан көрдөрөн сэһэргээбититтэн быһа тардан суруйуубун ааҕыҥ.

Манна 36 оҕо үөрэнэр, ол иһигэр XI кылааска үһүөлэр. 10-ка — икки эрэ оҕо. Оҕо уһуйаанын кытта бииргэ үлэлиир буоланнар, Сыаҥааннаахха 57 эрэ оҕо баар диэн аахтым, баҕар икки-үс эһээхий баара буолуо, оччоҕо 60 оҕо. Бу сыыппара киһини толкуйдаппат буолуон табыллыбат. Быыбардааччы ахсаана 266 киһи буоллаҕына, итинтэн аҥарыгар чугаһыыра эдэр ыччат, ол аата кинилэр син олохсуйан эрэллэр, оҕо да элбиэ турдаҕа диэн санаа үөскүүр. Сөптөөх усулуобуйа олохтонноҕуна, оҥоһулуннаҕына. Билиҥҥитэ интернет бытаана учуутал үлэтигэр улахан мэһэйдээх. Онлайн-уруоктары ыытыы, отчуоттары оҥоруу сүрдээх элбэх бириэмэни сиир. Онуоха эбии математика, информатика, эбии үөрэхтээһин педагога суохтар. Ону ол диэбэккэ, сатабыллаах коллектив бэйэлэрин истэриттэн ити вакансиялары сабан, үлэ тохтоло суох ыытыллар. Биолог-химик суох этэ, ону республиканскай программанан кэлэн, биир учуутал иккис сылын үлэлии сылдьар. Онон кадр баар, ол тэҥинэн көхтөөх, ситиһиилээх үлэ ыытыллар. Ол туоһутунан быйыл оскуоланы 4 оҕо бүтэрбититтэн, биир үрдүк үөрэххэ, үс орто анал үөрэххэ киирбиттэр. Билигин ГИА-ҕа киирии түмүктүүр сочинениетын суруйан, оҕолор, учууталлар Москваттан түмүгүн кэтэһэллэр, бэйэлэригэр эрэллэрэ улахан. Сайынын «Эйгэ» диэн үс этэрээттээх лааҕыр, алын кылаастарга «Непоседа» диэн түмсүү, орто кылаастарга производственнай учаастак, улахаттарга спортивнай хайысхалаах секция, икки дьиэ кэргэн биригээдэтэ үлэлииллэр. Оскуола, агропрофилированнай буоларынан, оҕуруот аһын үүннэриинэн производственнай маастар Елена Садовникова салалтатынан дьарыктанар. Оҕолору үлэ уруогар үөрэтэр кылаас баар, уолаттар столярнай, токарнай станоктарга, кыргыттар иистэнэр массыынаҕа, ас астыырга уһуйуллаллар. Онно эбии музей тэриллэн, олус сэргэх экспонаттары туоруортаабыттар, остолобуойга оҕо тото-хана аһыыр усулуобуйата баар. Аҕыйах оҕолоох оскуола диэтэххэ, баһаам түбүк… Оҕолор нэһилиэк культурнай үлэтигэр, араас дьаһалларга төһүү күүс буолаллар. Бу ыытыллыбыт тустуу бырааһынньыгар бары кытыннылар, дьону-сэргэни үөртүлэр, тэрийээччилэргэ көмөлөстүлэр. Онон көҕүлүүр, наҕараадалыыр хайаан да наада диэн санаабын тириэртим.

Эр санаалаах эмчиттэр

Уруккуттан Сыаҥааннаахтар киэн туттар балыыһаларыгар сырыттым. Эргэ дьиэ да буоллар, тупсаҕайа, үлэлииргэ бэрдэ, кадрдара бары идэҕэ бааллара сөхтөрдө. Балыыһа ис-тас өттүн үлэһиттэр бэйэлэрэ оҥороллор эбит, оннооҕор шифер хоруобуйаны профлиис кырыысаҕа уларытан саппыттар, бэл остуолу оҥорор, лобзигынан уһанар Светлана Андросова диэн повар кыыстаахтар эбит. Киирэргин кытта нэһилиэк бастакы фельдшерэ Семен Игнатьевка уонна уһун сылларга балыыһа коллективын салайбыт Саха Республикатын үтүөлээх бырааһа Екатерина Дохунаеваҕа анаммыт экспозициялар туруоруллубуттара манна доруобуйа харыстабылыгар улахан кылааттарын киллэрбит үтүө үлэһиттэрин умнубаттарын туоһулуур. Салайааччылара командировкаҕа барбытынан уонна өрөбүл күн буолан бэтэрээн үлэһиттэр эрэ баалларын көрүстүм.

Саргылана Голикова 41 сыл устата палатнай медсестранан үлэлээбит, оттон Мария Ильяхова 47 сыл ыстаастаах. Кинилэр кэпсииллэринэн, ыарыһахтары көрөр, эмтиир усулуобуйа тэриллэр, үс куойкалаах стационар үлэлиир. Мобильнай биригээдэ кэлэн нэһилиэнньэ доруобуйатын сирийэн көрбүттэрэ — харах ыарыыта, сүрэх, тымыр ыарыылаах элбэҕин булбуттар. Ити чааһыгар олохтоох эмчиттэр кыһаллан туран үлэлииллэр дэһэллэр. Мин санаабар, идэлэригэр маннык бэриниилээх, кыһалҕалартан чаҕыйбат эр санаалаах эмчиттэр баар буоланнар, кырыы нэһилиэк балыыһата тулуһан турар, ыарыы арааһын утары охсуһар. Саҥа балыыһа тутуллан, Екатерина Николаевна Дохунаева аатын сүгэрэ буоллар диэн эппиттэрин кытта толору сөбүлэһэн, дьыала оҥоруутун түргэтэтиэххэ баара.

Социальнай эйгэҕэ

Социальнай үлэһит Маргарита Реброва тохсус сылын бу эйгэҕэ үлэлиир. Нэһилиэккэ 114 пенсионер, 39 инбэлиит киһи, ол аата нэһилиэнньэ аҥарын кэриэтэ олорор. Ону таһынан — үлэ бэтэрээннэрэ. Билигин участактааҕы социальнай үлэһит баар буолбутунан үлэтэ арыый чэпчиэн сөп. Маргарита Ивановна бэйэтэ уон киһини көрөр-араҥаччылыыр. Ол курдук, 1 группаллаах икки киһилээх, атыттара иккис-үһүс группалаахтар. Олох соҕотоҕун олорор кырдьаҕастардаах. Кинилэргэ нэдиэлэҕэ биирдэ, эбэтэр суһал наадаҕа телефоннаатахтарына, түргэнник баран, дьиэ үлэтин барытын толорор эбээһинэстээх эбит. Астарын, эмтэрин да атыылаһан биэрэр. Социальнай фондаттан памперстары, кэлээскэлэри, торуоскалары ИПРиА программатынан аҕалтарар. Бу олус сылаалаах, бэйэтин туһугар кыһалҕалардаах үлэ буоларын үгүс киһи билбэт. Арай, үгэс быһыытынан Инбэлииттэр декадаларыгар, Саастаах дьон күннэригэр тэрилтэлэринэн продуктовай набордары бэлэхтииллэр, эдэрдэр муус ылан биэрэллэр. Кыһалҕалаахха кыра да болҕомто, кыһамьы баар буолара кинилэргэ олус наадалаах диэн Маргарита Ивановна саамай сөкө этэр..

«Хааччахтанныбыт дии санаммаппыт»

Бэтэрээннэр уонна пенсиялаахтар түмсүүлэрин салайааччытынан Николай Стручков талыллан үлэлээбитэ тохсунньу ыйга биир сылын туолар. Ол араас таһымнаах үлэтигэр кини активыгар тирэҕирэн үлэлээбитин бэлиэтиир. Наталья Семеновна Ефимова, Екатерина Семеновна Соломова, Маргарита Ивановна Реброва, Тамара Васильевна Ильина, Татьяна Петровна Иванова, Петр Иннокентьевич Новиков, Василий Григорьевич Ребров курдук үтүө көмөлөһөөччүлэрдээхпин, кинилэргэ махталбын тиэрдэбин диир. Нэһилиэккэ барыта 116 пенсиялаахтар бааллар, онтон үлэлиирэ 39, тыыл бэтэрээнэ билигин үстэр эрэ. Маны сэргэ 74 үлэ бэтэрээнэ, 13 сэрии оҕолоро, 18 инбэлиит учуокка тураллар. Бастаан үлэҕэ талылларын саҕана Николай Яковлевич үлэтин таайтарыылаах Таҥха киэһэнэн саҕалаабыт. Онтон ыла  ыйдарынан араас тэрээһиннэри тэрийэллэр, итии чэйдээх, оонньуулардаах сынньалаҥ күннэрин ыыталлар. Быстах хомуурга ыҥырыллыбыт оҕолор дьиэ кэргэттэригэр болҕомто ууруллар, акцияларга кыттыһаллар. Маны таһынан Кыайыы 80 сылын көрсө «Ийэҕэ махтал» сквери туруоруспуттарын киэн тутта кэпсиир Николай, нэһилиэкпитигэр биир көстүүлээх кэрэ миэстэ буолуо этэ диэн баҕатын этэр уонна пенсиялаах дьон инникитин даҕаны көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырар.

Дьэ, итинник кылгас сырыым. Сыаҥааннаах дьоно олус түмсүүлээхтэрин, үлэ бары хайысхатыгар иллээхтик, дьоһуннаахтык ылсалларын кэрэһэлээн астынным, Хоту дойду хоһуун дьоно майгылара холкутун, тулуурдаахтарын көрөн, тугу барытын кыайар дьон эбиттэр диэн сыана быстым.

 

Николай ПЕТРОВ.