Ааспыт үйэ 70-80 сылларыгар отут да сааспын туолбакка сылдьыбыт, учууталлаабыт кэмнэрбэр элбэх да араас саастаах, идэлээх, дьарыктаах саха да, атын да омук табаарыстардаах этим. Ол бэйэтэ билигин үгүстэрэ суохтар — ким көһөн, ким төннүбэттии айаннаан. Ол оннугар билигин соһуйа көрөбүн эһээ, эбээ буолбут үөрэнээччилэрбин. Кэм-кэрдиис тохтообот. Эгэ, уонча-сүүрбэччэ сылынан аҕа доҕотторбун, бииргэ үлэлээбит дьоммун көрүстэхпинэ, миигин ол кэмнэри санатар, сүрэх кылыстарын таарыйар санаа-оноо долгуппата, сиппэтэ буолуо дуо…
Тохсунньу 21 күнүгэр 90 ытык сааһын туолбут олус убаастыыр, эриэккэс үчүгэй майгылаах аҕа саастаах тыыл бэтэрээнигэр (убайбар диибин) анаан-минээн массыынанан тиэллэн баран көрсөн, ахтылҕаны таһаарар кэпсэтиини сэһэргэһэн кэллим.
Гаврил Семенович Слепцов — «Индигирторг» (саастаахтар наар «Колымторг» диэн ааттыылар) легенда буолбут үлэһитэ. Оҕо сааһыттан холкуоска, атын сирдэргэ — кулуупка, ааҕар балаҕаҥҥа, Муомаҕа — үлэлээтэр даҕаны, үлэ кинискэтэ холкуостаахтарга хойут толоруллубут буолан, 1962 сылтан, Уолбут начальнай оскуолатыгар иитээччинэн киириэҕиттэн, үлэтин кинигэтигэр син балачча тэрилтэ суруллубут. Олортон атыы-эргиэн хонтуоратыгар киин, сүрүн ыскылаат сэбиэдиссэйинэн уһуннук үлэлээбитэ. Ол, гынан баран, мин кини олоҕун, үлэтин кэрдиистэрин суруйар сыалы туруорумматаҕым, ону суруйдахха, элбэҕэ бэрт — кинигэ да иэнэ татым буолуон сөп. Биири эрэ бэлиэтиэхпин баҕарабын: киһи дьоло — кини оҕолоро, сиэннэрэ диэн мээнэ тыл оонньуута буолбатах. Гаврил Семенович кэргэнинээн Татьяна Васильевналыын 47 сыл бииргэ олорон, сэттэ оҕоломмуттара, билигин оҕонньор 16 сиэннээх, 15 хос сиэннээх — баай киһи!
Мин бу 90 саастаах киһи хайдах бэйэтин көрүнэн олорорун билиэхпин баҕарарым. Биир табаарыспынаан 80-90 саастаах киһи бэйэтин олоҕун сатаан тэринэн олоруо дуо диэн боппуруоска бассааптаспыппытыгар эппиэт-хоруй биэрэргэ бэрт түгэн тосхойдо дии саныыбын.
Гаврил Семенович пенсияҕа тахсан баран, олоҕор кутурҕаннаах, кутугар-сүрүгэр оҕустарыылаах ыар күннэри аһарбыт киһи. Кэргэнэ Татьяна Васильевна суох буолуоҕуттан, соҕотохсуйан хаалбыта. Ол гынан баран, модун санаатын түмэн, бэйэ бодотун өрө тардынан, санаа кулута буолбатаҕа. Оҕолоро, сиэннэрэ өйөбүл, күүс-көмө буоланнар, бэттэх кэлбитэ. Бэйэтэ да чөл олоҕу тутуһар, чэгиэн олоххо тардыһан, хамсанан-ипсэнэн, хааман, тыаҕа күүлэйдээн, куурусса иитэн, теплицаланан, оҕуруоттанан, хортуоска олордон (билигин да) салгыҥҥа сылдьар буолан төбөтүгэр тутара, өйдүүрэ диэн чаһы курдук. Холобур, түөрт уонтан тахса сыллааҕыта кэргэнин быраатын Бурхалей Васильевичтыын Солкооҥҥо андылаабыппытын, генгрузка ыскылааттарга саамай харыстанар маллары, — мебели, хурустаалы, сервизтэри, тирии таҥастары — учууталларга эрэ итэҕэйэн куруустуурбутун өйдөтөн, күлүстүбүт. Кырдьык, онно көрдөххө, ыскылааттар бигэ-таҕа, чиҥ көрүҥнээхтэрэ, иһигэр табаар талбыта анал долбуурдарга үчүгэй баҕайытык кыстаммыттара, тиэргэн ырааһа, сибэккинэн толорута, уолаттар-кыргыттар үөрэ-көтө үлэлии сылдьаллара манна дьиҥ-чахчы хаһаайын баарын туоһулуурга дылыта. Төрөөбүт дойдутун Уолбут былыргытын, онно үөскээбит мин урууларбын билэрэ сөхтөрдө.
Бэтэрээн икки этээстээх үс хостоох дьиэҕэ соҕотоҕун олорор эбит. Дьиэ үлэтин бэйэтэ оҥорор. Бэйэтэ тас көрүҥүнэн сэнэх, сүрэҕим-быарым космонавт кудук диэн мичээрдиир, арай харахпынан уонна кулгаахпынан мөлтөөтүм диир. Аһыыр аһын кыргыттара, күтүөттэрэ хааччыйаллар эбит, ону буһарааччы, астааччы — бэйэтэ. Саастаах киһи быһыытынан рис, овсянка хааһыны, миини, үүт аһы ордорор эбит, чэйи, кофены испэт буолбута ырааппыт, ыраас уунан утахтанар, морсу иһэр.
Кэпсэтиибитигэр төнүннэххэ, 50-с сылларга Михаил Корякинныын Красноярскайтан хара саһыллары Муомаҕа уонна Абыйга аҕалбытын, кэлин РТК-ҕа Филимоновтыын, Мяринныын, Владимир Соломовтыын үлэлээбитин астына сэһэргээтэ. Онуоха чугас сылдьыбыт кыыһа Саргылаана: «Аҕам дуобаччыт бөҕө, Абый нэһилиэгин чемпиона, араас элбэх мэтээллээх, соҕотоҕун олордор да, кыҥкыйдаабат, тыла-өһө хоп курдук, билигин да олохпутугар сүбэлии-амалыы олорор», — диэн көрсүһүүбүтүн ытаһалаан кэбистэ.
Гаврил өйө билигин да чөлүн, кини редакторбытын дуобаттаан кыайбытыгар илэ көрөн, итэҕэйдим.
Кырдьык, Гаврил Семенович уонна кини үөлээннээхтэрэ үлэлэрин, хаһыат иэнэ кыараҕаһынан ырыппакка, маннык кырдьаҕастар баар буоланнар, биһиги, кинилэргэ холоотоххо эдэрчи дьон, ааспыт үйэ 60-90 сылларыгар Абый оройуонугар коммунизм кэлэн барбытын билэн хааллахпыт. Абый улууһун бочуоттаах гражданиныгар, СР атыы-эргиэнин туйгунугар, үлэ уонна тыыл бэтэрээнигэр Гаврил Семеновичка араас баҕа санааны тириэрдэн, уһуннук олорон, 100 сааһыгар тиийэрин ыралаан, араҕыстыбыт.
Николай ПЕТРОВ.