Биһиги, борустуой дьон, олохпут эриэ-дэхси буолбатах — араас тахсыылаах-түһүүлээх, ыллыктаах-эндирдээх. Мин редакция бүгүҥҥү ыалдьыта Александр Черемкин кэпсээнин истэ олорон, ити тыл номоҕун санаан кэллим. Олус кылгастык эттэххэ, Александр биир киһи олоҕор балачча тургутууну ааспыт киһи эбит. Араас ыарахаттары, сымыйанан күтүрээһини, таҥнарыылаах тапталы ыардык аһаран, 4 уол оҕону иитэн-такайан, улахана 22-гэр, кырата 17-гэр тиийиэхтэригэр диэри, көрөн-харайан, булка, балыкка илдьэ сылдьан баччаҕа аҕалбыт. Соҕотох эр киһи диэтэххэ, киһи эрэ итинниги тулуйара биллибэт ээ… Хаһыаппыт иэнэ кыратынан бу туһанан кэлин суруйуохпут. Билигин кини урукку алҕастарын хатылаабакка, саҥа олоҕун саҥалыы тута, иккис кэргэниниин төрөппүт оҕолорун (эмиэ уолаттар!) иитэ, олох олоро үлэлии-хамныы сылдьар.
Үлэлиир сирэ — нефтебаза. Манна кини уонча сыллааҕыта баһаарынай депоттан көһөн кэлбитэ, билигин АЗС старшай заправщик-оператора.
—Александр, үлэ-хамнас, үлэн ис хоһооно хайдаҕый?
—Үлэм ис-иһигэр киирдэххэ олус эппиэтинэстээх, тулуурдаах, холку буолары ирдиир үлэ. Тоҕо диэтэххэ, дьон араас буоллаҕа дии. Биһиги нэһилиэнньэни АИ-92 бензининэн, солярканан хааччыйабыт, ардыгар «Бураҥҥа» анаан арыыны атыылыыбыт. Өссө АИ-95 мааркалаах бензин эмиэ кэлбитэ. Түөрт колонкалаахпыт, иккитигэр — бензин, иккитигэр — солярка. Онуоха сорохтор атыылаһар уматыктарын мыыналлар, ордук ыраах сэлии муоһун хостуу барааччылар. Биллэн турар, 5-6 буочуката суох табыллыбаттар. Киһи кинилэри өйдүүр, ол гынан баран, биһиэхэ лимит диэн баар, атын дьоҥҥо эмиэ тиийиэн наада буоллаҕа. Олохтоохтор элбэххэ дураһыйбаттар. Кэлиҥҥи сылларга улууска массыына элбээтэ, ону кытта биһиги кыахпыт улаатан иһиэхтээх. Аны үлэбит тэриллиитин туһунан этиэхпин баҕарабын. Дьуһуурунай оператордар сайынын үһүөбүт, уон иккилии чаас дьуһуурустубалыыбыт, кыһын төрдүө буолан суукканы быһа үлэлиибит. Биир суукка утуйбакка олоруохтааххын, ол оннугар үс суукка сынньанаҕын. Үлэлиир сирбит мөлтөх диэн билиниэххэ наада, олус кыараҕас будкаҕа мөхсөбүт, этэргэ дылы салгын тиийбэт. Урут уматыгы уу харчынан төлүүллэр этэ, ол кумааҕы харчыны ааҕан муҥ бөҕө буолааччы, сыыһа ааҕан мөккүөр тахсааччы. Ону оччотооҕу начальникпар Влалимир Никулиҥҥа этэммин, терминал туруорбуттара, онно эбии электроплитка, микроволновка баар буолбуттара. Билигин абыранныбыт, киһи хайаан чэйинэн, кофенан эрэ олоруой, эбиэт да буһарынар кыах үөскэтиллибитэ. Ол гынан баран, дьон соһуйар — бачча баай тэрилтэҕэ хамнаскыт кыра эбит диэн. Кырдьык да оннук, биһиги оператордар 22 тыһыынча солкуобайы ылар этибит. Билигин туруорсан-туруорсан, ону-маны эбэннэр, 40 тыһыынча кэриҥэ буолла. Ол да кыра, бэйэҥ салларын буолуо сыана үрдүгүттэн, бородуукта ыараханыттан. Аны 1С диэн программаны киллэртэрбитим, онно барытын суруйан, бэлиэтээн иһэбит.
—Хааччыллыы, үлэ миэстэтин оҥоруу туһунан кылгастык кэпсээ эрэ.
—Хааччыйыы туһунан эттэххэ, мантан ордук ханна баара буолуой дии санааччыбын. Дьээбэлэнэммин, наскыны туруусугу тоҕо биэрбэттэр диэччибин. Ол олохтоох даҕаны — аҥардас атах таҥаһын алта көрүҥүн биэрэллэр. Ол курдук, сайыҥҥы, демисезоннай бачыыҥкалар, эрэһиинэ, кыһыҥҥы, бензиҥҥэ кэтэргэ саппыкылар, хаатыҥка. Футболка, ыстаан, куртка эмиэ бэриллэр. Суунар тэрил. Үтүлүк арааһын эппэппин даҕаны. Таҥаспытын, көрүҥүттэн көрөн биир-икки сылга уларыталлар. Урут велотренажер, беговой дорожка бааллара, универсальнай тренажер билигин котельнайга турар. Хонтуораҕа киллэрэллэрэ буоллар, уолаттар иллэҥ кэмнэригэр дьарыктаныахтара этэ. Спорка сыһыаннаах уолаттар суох буолбатахтар. Быйыл үс уолбут «Саханефтегаз» Спартакиадатыгар элбэх көрүҥҥэ кыттаннар, иккис миэстэни ылан кэлбиттэрэ. Коллектив оһуобай. 30-ча киһилээх. Бары дьаһалларга бииргэ сылдьабыт үбүлүөй буоллун, өлүү буоллун — харчы бырахсан көмөлөһөбүт. Саас эбэһээтэлинэй субуотунньук, Үлэбит хаамыытын торумнуубут. Эйэлээх эдэр коллективка үлэлиибин диэххэ наада. Бородууктаны, араас табаары Дькуускайтан сүрүн тэрилтэбит ыытар, наценката олох кыра, онон барыстаах, маннааҕы курдук буолбатах. Маннык, киһи туһугар кыһаллар тэрилтэҕэ, суобастаахтык үлэлиэххэ эрэ наада.
—Баҕа санаан…
—Мин баҕа санаам улахана бэрт уонна хаһан да туолара биллибэт. Ол — Сахабыт сирин баайын-дуолун бэйэбит бас билэрбит эбитэ буоллар диэн. Оттон чугастааҕынан, бэйэбит эйгэбитинэн — саҥа нефтебаза тутулуохтаах дииллэр. Түргэнник тутулуннун диэн баҕарабын, кыамтабатын улаатыннарар хайаан да наада. Киһи сааһыран баран кыра оҕоҕо тардыһар эбит. Ол иһин дьон сиэннэригэр ыксалаһаллар, оҕолорунааҕар таптыыллар дии. Итинник чувствоны билиэхпин баҕарабын. Уонна киһи идэтинэн үлэлиириттэн дуоһуйуохтаах, итини уолаттарбар наар этэн, кинилэртэн күүтэбин.
—Махтал, Александр Алексеевич, үлэҕэр, тус олоххутугар барыта үчүгэй буоллун.
Николай ПЕТРОВ.