II нүөмэрдээх оҕо искусствотын оскуолатыгар «Музыка барыбытыгар» бырайыак чэрчитинэн «Көмүс Дорҕоон» XVI республиканскай араас хайысхаҕа күрэх буолан ааста.
Биһиги оҕолорбутугар бу күрэх сүрдээх тыҥааһыннаах уонна долгутуулаах буолла. Сарсыардаттан хойут киэһээҥҥи дылы «Дьоҕурдар» хоту оҕолорун дьиҥнээх тулуурдарын көрдөрдүлэр. Тэрээһин түмүгэр грамота эгэлгэтин ылан үөрдүлэр.
«Дьоҕур» бөлөх фольклор ырыаларын толорон I истиэпэннээх дипломунан наҕараадаланна (уус-уран салайааччы Алина Слепцова). Хомуска оонньоон II истиэпэннээх ларуеат анал ааты сүктэ. Маны таһынан саха музыкальнай инструменнарыгар оонньоон II истиэпэннээх лауреат буолла. Үөрэнээччилэргэ улуутуйар ытык сирбит, Ленскэй очуостарыгар босхо билиэт туттардылар.
Аркадий Егоров,
«Дьоҕур» фольклорнай бөлөх уус-уран салайааччыта.