Кэбэргэнэҕэ толору хааччыллыылаах дьиэ хаһаайына

Көрдөххө, дьон бары биир курдуктар, ол гынан баран кинилэр араастар. Сорох үлэтэ суох сылдьан чабыланар, сорох саҥата суох оҥоруохтааҕын бүтэрэ-оһоро сылдьар. Маннык биир бүгүрү үлэһит киһилиин билистим.  Виктор Александрович Слепцов — Кэбэргэнэ олохтооҕо, манна олорбута 50 сылын туолбут, аны бэйэтэ быйыл 65 сааһа, этэргэ дылы — эргиччи үбүлүөй. Хамнастаах үлэтигэр — олох-дьаһах хаһаайыстыбатыгар — погрузчикка водителлиир. Сүрүннээн котельнайдарга таас чоҕу анньан биэрэр, ол эрэ буолуо дуо, араас үлэтэ элбэх буоллаҕа.

Ити гынан, Виктор Александрович үлэтин ыллыга техниканы кытта ситимнээх. Орто үөрэҕи Дружина оскуолатын бүтэриэҕиттэн ыла, атын училищеҕа-тойго үөрэммэтэх киһи. Белай Гораҕа совхозтар механизатордарын бэлэмниир курс аһыллыбытыгар, онно киирэн бүтэрэн, тракторист идэтин баһылаабыта. Совхозка идэтинэн сирдэрбэккэ, ситиһиилээхтик үлэлээн баран, 1986 сыллаахха суоппар буолбута, үрдүк категориялаах водитель кирбиитигэр тиийбитэ. Ити кэмҥэ ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаламмытыгар, совхоз «Камаз» автобуһугар үлэлээн, оҕолору, дьону Кэбэргэнэ-Абый-Белай Гора маршрутунан төттөрү-таары таһара. Алта сыл ааспытын кэннэ, биир сыл баһаарынай чааска үлэлээн баран, үлэтэ суох хаалбыта. Дьэ, ити саҕана, киһи уйана-хатаҥа биллэр кэмигэр, ДТ-75 тракторы булунан, дьоҥҥо араас өҥөнү оҥорор буолбута. От-мас, муус таһыыта, мал тиэйиитэ эҥин курдукка эрийсэн, ыарахан сыллары туораабыт быыһык кэмнээҕэ.

2004 сыллаахха котельнайдар газоконденсатынан оттуллар этилэр. Ол кэмҥэ кинини олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар үлэҕэ ыланнар, бензовоһунан газоконденсаты да таспыта, кэлин самосвалынан чох таһыытыгар да үлэлээбитэ. 30-туу көстөөх сиртэн 200 тонна солярканы аҕалар кэмнэрдээҕим диэн Виктор киэн тутта ахтар. Үлэтигэр эппиэтинэстээх, бэрээдэктээх буолан, итинник тыын учаастактары хааччыйыыга итэҕэйэн үлэлэттэхтэрэ, билигин да, сааһырбыккын диэбэккэ, погрузчикка үлэлэтэллэр. Дэлэҕэ да Саха Республикатын «Гражданскай килбиэн» диэн анал бэлиэтинэн, «Майыар нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин» мэтээлинэн, «Абый оройуонун коммунальнай хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын иһин» диэн бэлиэнэн наҕараадаланыа дуо…

Кэбэргэнэҕэ Виктордаахха эрэ толору хааччыллыылаах дьиэ баар диэбиттэрин көрө бара сырыттым. Бу икки мэндиэмэннээх тупсаҕай дьиэтигэр 2013 сыллаахха киирбит (эмиэ үбүлүөй). Барыта уурбут-туппут курдук, батареялара пластик турбалаахтар, систематын ситимин бэйэтэ толкуйдаан тарпыта сөхтөрдө. Иккис этээһигэр куораттартан итэҕэһэ суох душтаах ванна, атын хоһугар туалет. Уутун үөһэ хачайдаан анал баахха хаһаанар. Киэҥ-куоҥ саала, утуйар хостор. Аллараа аһыыр сир, эмиэ тус аналлаах хостор, мебель, эриэхэбэйдик оҥоһуллубут кирилиэс. Кэргэнинээн, ветеринария бэтэрээнэ Марина Михайловналыын, кырдьар саастарыгар абыраммыттар. Ол гынан баран, сиэн, кийиит суоҕа бачча улахан дьиэ толугураан хаалбытыгар сөп кэриҥнээх. Икки уоллаахтарыттан улаханнара, Виктор, ЖКХ-ҕа самосвалга үлэлиир, кыһын Белай Гораттан нэһилиэгэр «Уралынан» чох таһыытыгар сылдьар. Иккис уол, Михаил, кыһынын автобуска суоппардыыр, сайынын водовозканан ууну таһар. Бу уолаттар аҕаларын туйаҕын хатаран, техникаҕа үлэлииллэрэ хайҕаллаах, онуоха эбии дьоннорун удьуордарын салгыыллара буоллар диэн төрөппүттэрэ ыра санаалаах эбиттэр.

Тиэргэҥҥэ улахан гараж, араас тутуулар, хас да сүүрэр техника тураллара, бу ыал харыларын күүһүнэн добуоччу кыанар ыал буолбуттарын туоһулуур. Виктор Александрович этэринэн, хотугу эргимтэҕэ олорор саастаах дьон чааһынай гаражтарын итиинэн хааччыйыыга улахан чэпчэтии баар эбит, ону таһынан чааһынай техникаларыгар транспорт нолуогуттан босхолооннор, эмиэ өрө тыынныбыт диир.

«Бу бэйэлээх үчүгэй кэмҥэ киһи сүрэхтээх, чопчу сыаллаах буоллаҕына, тугу барытын кыайар, кылаабынайа, илиигин араарбакка үлэлиэххэ наада. Оҕону кыратыттан илдьэ сылдьан такайдахха, улааппытын кэннэ көмө киһилэнэҕин», — диэн Виктор Александрович өйдөөх тылларынан кэпсээммин түмүктүүбүн.

Николай Петров.