Ийэ, салайааччы, дьокутаат Мария Садовникова

Баараҕай сиринэн тайаан сытар өрөспүүбүлүкэбит ханнык да муннугар тиийдэххэ, дьоннорун-сэргэлэрин  туһугар туруулаһар, кыһалҕалары быһаарсар дьокутааттар баар буолааччылар.  Былыр да, билигин да дьахтар дьокутааттар оруоллара сүҥкэн улахан. Биир оннук киһинэн Ураһалаах нэһилиэгин дьокутаата Мария Егоровна Садовникова буолар. Биһиги кинилиин олох-дьаһах, дьиэ кэргэн, дьокутаат үлэтин, нэһилиэгин күннээҕи кыһалҕатын тула кэпсэттибит.

Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах диэтэргит …

Мария Егоровна төрүт Ураһалаах нэһилиэгин олохтооҕо. Манна төрөөн, дьиэ кэргэн тэринэн, таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар айымньылаах салайааччы, элбэх оҕолоох күн күбэй ийэ.

Ийэтэ Раиса Георгиевна Уус Алдан улууһуттан төрүттээх. Ийэтин аҕата Георгий Иванович Говоров Дьоппуоньуйаны утары сэрии кыттыылааҕа. Бу кырыктаах кыргыһыыга кини младшай лейтенант званиелаах ытааччылар роталарын политруга эбит. Ийэтэ Свинобоева Дарья Трофимовна элбэх оҕо ийэтэ, онон олоҕун барытын оҕолорун иитиигэ анаабыт.

Киин улуустан сылдьар Раиса кыыс «кыыл иитээччи» идэни баһылаан, ыраах Абый улууһугар ананан, саһыл иитэр пиэрмэҕэ үлэлии кэлбит. Хоту дойду кэрэтэ, дьоһун дьоно тутатына сүрэҕин баһылаабыттар. Манна сүрэҕин аналын, тапталлаах доҕорун Садовников Егор Дмитриевичтыын холбоһон, бур-бур буруо таһааран ыал буолбуттар.

Эдэр дьиэ кэргэн аҕата Егор төрүт Ураһалаах олохтооҕо. «Аҕам төрөппүттэрэ нэһилиэккэ ытыктанар дьон этилэр. Эһэм Садовников Дмитрий Николаевич (Уктякый) олоҕун сылгы иитиитигэр анаабыт. Оттон эбэм Ефимова Христина Николаевна эдэр сылдьан «Дьарҕалаах» учаастак пиэрмэтигэр сэбиэдиссэйдээбит. Кэлин, Сутуруоха нэһилиэгэ тэриллибитигэр, өр сылларга уһуйааҥҥа үлэлээбит. Аҕам кыра эрдэҕиттэн аҕатын батыһан Индигир өрүс көмүс хатырыктааҕын сонордоһор балыксыт, аар тайҕатын кыылын эккирэтэр байанайдаах булчут буола улааппыт. Сопхуоска каадырабай булчуттаабыт. Билигин, төһө даҕаны биэнсийэлээх буоллар, тыатыттан арахсыбат. Нэһилиэккэ саас, кыһын биир бастакынан балыктаан, дьонун күндүлүүр, бултаан дьиэ кэргэммитин аһатар. Оттон ийэм, саһыл иитэр пиэрмэҕэ бэрт кылгас бириэмэҕэ үлэлээн баран, «Кэскил» уһуйааҥҥа үлэҕэ киирбитэ, билиҥҥэ диэри онно үлэлиир, элбэх көлүөнэ оҕону иитэн таһаарда. Өр сыллаах сырата учоттанан, «Үлэ бэтэрээнэ» үрдүк ааты сүгэр. Маны тэҥэ ийэм оҕуруот аһын арааһын олордор: оҕурсуу, помудуор, хортуоппуй о.д.а. Бу Аартыка усулуобуйатыгар чэпчэкитэ суох дьарык буоллаҕа. Тэпилиисэтигэр эрдэ үүнэйилэрин таһаарар. Сайын ортотуттан хойут күһүҥҥэ диэри барыбытын сибиэһэй аһынан  күндүлүүр. Күһүн мустан олорон тууһуубут, араас салааттары оҥоробут»,  – диэн Мария Егоровна кэпсиир.

Дьиэ кэргэн – таптал уйата

Мария Егоровна бэйэтин дьиэ кэргэнэ, аныгылыы ааттаатахха – интернациональнай. Кэргэнинээн Нурбек Омурович Ашырахмановтыын 2006 сыллаахха Нам улууһун 1 Хомустаах нэһилиэгэр сүрэхтэринэн таптаһан, харахтарынан хайҕаһан ыал буолбуттара. Эмиэ ол сыл, уол дойдутугар, күннээх Кыргыстаан Бишкек куоратыгар сыбаайба тэрийбиттэр.

«2006 сылтан 2010 сылга диэри Бишкек куоракка олорбуппут. Икки оҕобун Кыргыстааҥҥа оҕоломмутум. Соҕотох улахан кыыспыт Айтурҕан. Кини аатын Кыргыстаан сиэринэн-туомунан сэттэ эмээхсин сэттэ күн устата толкуйдаабыттара. Билигин номнуо  16 сааһа, Ураһалаах орто оскуолатын 11-с кылааһыгар үктэннэ. Бэйэтэ сөбүлүүр дьарыга – кэрэ аҥаардарга тыҥырахха шеллак оҥорор соҕотох оҕо маастар. Онон билиҥҥэттэн дохуоттаах, дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр кылаатын киллэрсэр.

Улахан уолбут Мичил. Кинини мин төрөппүттэрим сүрэхтээбиттэрэ. Билигин 14 саастаах көмө киһитэ. Аҕатын, эһэтин батыһа сылдьан булка, балыктааһыҥҥа сылдьыһар, дьиэ  ис-тас үлэтигэр олус сыстаҕас.

Кыра уолбут Тимирхан үстээх. Ураһалаахха көһөн баран оҕоломмуппут. Кырачааммыт «Кэскил» уһуйаан иитиллээччитэ. Үһүс оҕону төрөппүттэр аатыыр бырааптаахтар, онон кэргэним тимир үлэтигэр чугас буоллун диэн Тимирхан диэн ааттаабыта.

Кэргэним Нурбек Саха Сирин, Абыйы, чуолаан Сутуруоханы  олус сөбүлүүр. Илиитигэр талааннаах сыбаарсык. Нэһилиэнньэҕэ ититэр ситими тардар, олбуордары туруорар, онтан да атын үлэҕэ ыҥырыыга сылдьар. «Аартыка суоллара» хааһына тэрилтэтигэр номнуо 10-тан тахса сыл үлэлээтэ.

Оҕолорбутун кэргэним дьонуттан, аймахтарыттан араарбаппыт. Икки сыл буола-буола баран, күүлэйдээн кэлэбит. Оҕолорум Ыссык Куль күөлү олус астыналлар. Үс тылынан: сахалыы, нууччалыы, кыргыстыы холку саҥараллар. Кэргэним эмиэ сахалыы тылы үөрэтэн, билигин бэйэбинээҕэр ордук саҥарар, быһаарсар. Онон, кырдьыга да, икки култуура, тыл-өй силбэһиитэ дии саныыбын»,  – диэн этэр.

Айар куттаах култуура үлэһитэ

Мария Егоровна култуура эйгэтигэр үлэлээбитэ номнуо 10-тан тахса сыл буолбут. Бу туһунан кини олус сэргэхтик маннык кэпсиир:

– Кыра сааспыттан култуураҕа эриллэн улааппытым. Ийэм иитээччи буолан, сыанаҕа таһааран үҥкүүгэ, ырыаҕа сыһыарара.

Тылы түргэник үөрэтэр, сыанаттан толлубат диэн испэктээктэргэ кытыннарааччылар. Дьонум, аймахтарым култуура эйгэтигэр үөрэниэхпин баҕараллара.

Оскуола кэнниттэн Аартыкатааҕы култуура уонна ускуустуба үнүстүүтүн бүтэрбитим, идэбинэн үлэлиибин. 2021 сылтан нэһилиэк култууратын киинигэр дириэктэрдиибин. Айар үлэм аартыгар ол кэмҥэ култуура начаалынньыга Жанна Карловна Новикова, уус-уран салайааччы Галина Афанасьевна Белоус, олохтоох бибилэтиэкэ салайааччыта Оксана Прокопьевна Бережнова баалларыттан олус астынабын, киэн туттабын. Кинилэр олус элбэххэ үөрэттилэр дии саныыбын.

Култуура киинин иһинэн ыстаатынан алта үлэһиппит. Бары дьахтар буолан, туох баар дьаһалларбытыгар кэргэттэрбитин, оҕолорбутун кытыннарабыт. Ис-тас үлэни кыһыннары, сайыннары бэйэбит күүспүтүнэн оҥоробут.  Уус-уран салайааччы Галина Афанасьевна хас тэрээһин аайы саҥаттан саҥа нүөмэрдэри туруорар. Эдэр исписэлиис Ирина Петровна Борзова көхтөөх, олус дьоҕурдаах. Нэһилиэк иһинээҕи «Дьүкээбил суһума» ыччат түмсүүтүн лиидэринэн талыллыбыта.

Култуура киинин иһинэн 18 араас түмсүү баар, манна 176 киһи дьарыктанар. Үҥкүү ансаамбыллара ыччакка, орто уонна аҕам саастаахтарга диэн бөлөхтөрүнэн арахсар. Ырыа, иис куруһуоктара тиһигин быспакка ыытыллаллар. Эр дьону эмиэ түмэбит. Маныаха бильярд оонньооһуна тэриллибитэ уонтан тахса сыл буолла. Анал хос оҥорторон, баҕалаахтар билигин хамаанданан арахсан чөмпүйэнээттэри ыыталлар, улуус күрэхтэрин тэрийэллэр.

Аҕам саастаахтар олус көхтөөхтөр. Скандинавскайдыы хаамыы үтүө үгэскэ кубулуйда. Таһырдьа сылыйда даҕаны күргүөмүнэн мустан хаамаллар, сибиэһэй салгыҥҥа сэрээккэлииллэр. Бэйэлэрин истэринэн араас тэрээһиннэри ыыталлар. Холобур, пионер күнүн, «Зарница» оонньууларын, күрэхтэһиилэри.

Сыбаайбалаахтар, үбүлүөйдээхтэр үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэн, көмө-тирэх буолан тэрийсэбит. Үөрүүнү-хомолтону тэҥҥэ үллэстэн, биир дьиэ кэргэн буолан олоруу кыра нэһилиэктэр ураты көстүүлэрэ буолуо дии саныыбын.

Дьокутаат – үрдүк эппиэтинэс

– Дьокутаат — уустук үлэ, үрдүк эппиэтинэс диэн бэлиэтиибин. Мин 2021 сыллааҕы быыбарга талыллан, бастакыбын дьокутаат үрдүк аатын сүкпүтүм. Нэһилиэкпитигэр көрүллэр үп үксүтэ олох-дьаһах хомууналынай хаһаайыстыба өҥөлөрүгэр, хамнаска ананар. Ол кэннэ хаалбыт үбү тыыран, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, дьиэ тутуутугар, эдэр исписэлиистэр олохсуйууларыгар уура сатыыбыт.

Уопсастыбаннай үлэлэргэ дьону көҕүлүүбүт. Уопсайынан, култуура кииннэрэ нэһилиэк иһигэр дьону түмэр ураты аналаахтар дии саныыбын. Ырыанан-тойугунан эрэ буолбакка, үлэҕэ, аһымал аахсыйаларга о.д.а. дьону мунньан, биир санааҕа тиэрдэр сыаллаахпыт.

Холобурдаан эттэххэ, нэһилиэк сыбаалкатыгар сыл ахсын субуотунньук тэрийэбит. Тиэхиньикэлээх эр дьон, дьахталлар, оҕолор кыраабылларын, лаппаакыларын туппутунан тахсан нэһилиэкпит ис-тас өттүн ыраастыыбыт, оҕолору, ыччаты  бөҕү-сыыһы хаалларбакка, хомуна сылдьалларыгар тус холобурбутунан үөрэтэбит.

Сааһын уу кэлбитин кэннэ кытыл талаҕынан туолар. Маны эмиэ субуотунньуктаан ыраастыырбыт үтүө үгэскэ кубулуйда.

Хоту сир  уустуктара

Ханнык даҕаны сиргэ олор – уустуктар баар буолаллар. Маныаха үлэлиэххэ, ону туората эрэ сатыахха наада.

Биһиэхэ сүрүн кыһалҕабыт – аска-үөлгэ сыана ыарахана буолуо дии саныыбын. Усулуобуйата тыйыс. Саас хойутуур, күһүн эрдэ кэлэр. Ол эрэн, төрөөбүт дойдум буолан, миэхэ ол күндү, чугас. Суол-иис эмиэ уустуктардаах. Холобур, Сутуруоха нэһилиэгэ Белай Гораттан Индигир өрүс утары турар буолан саас, күһүн хаайтарыы тахсар. Маныаха эрдэтинэ эмпитин-томпутун, туһанар малбытын-салбытын саппаас атыылаһабыт.

Дьокуускай куоракка диэри бырайыас сыаната ыарахан. Биир билиэти 40-тан тахса тыһыынчаҕа атыылаһаҕын, ону даҕаны, сорох түгэҥҥэ, булбаккын. Чэпчэтиилээх билиэттэр киирэн, хата олохтоох дьоҥҥо көмө буолла. Ол эрэн, ахсаана аҕыйаҕыттан, тигистэххэ тиксэҕин.

Аны өссө биир кыһалҕа –  интэриниэт мөлтөҕө. Анал спутник тэриэлкэтин туруорунан үлэлиибит. Хата, уопсай туһаныыга диэн нэһилиэк дьаһалтатыгар туруортарбыттара эрээри, бытаан. Аныгы олох ирдэбилинэн туох баар докумуон барыта интэриниэтинэн ыытыллар, толоруллар, бигэргэтиллэр. Биир кумааҕы, уруучука атыылаһаары интэриниэппит хас да чаас «эрийэрин» күүтэбит. Онтукайбыт ардыгар отой даҕаны «тэбэн» кэбиһэр. Эдэр исписэлиистэр кырыы нэһилиэккэ  олохсуйбаттарын биир төрүөтэ эмиэ итиннэ сытара буолуо.

Түмүккэ

Бу курдук салайааччы, дьокутаат, ийэ Мария Садовникова бэйэтин санаатын үллэһиннэ. Кырдьык даҕаны, ханна даҕаны олор, уустуктар бааллара саарбаҕа суох. Ол эрэн, санааны түһэрбэккэ, ылсыбыттан илиини араарбакка үлэлээтэххэ, туох барыта табыллар, ситиһиллэр. Онон эдэр киһиэхэ ситиһиилэри, ыарахантан толлубакка иннин хоту баран иһэригэр баҕарабын.

Галина МАТВЕЕВА

Хаартыскалар: М.Е.Садовникова дьиэ кэргэнин архыыбыттан