Иитии кыһатын тэрийбитэ

УҺуннук учууталлаабыт, бу идэҕэ элбэх биир идэлээҕин уҺуйбут кырдьаҕас киҺини ытыктаан «Учууталлар учууталлара» диэн уратытык ааттааһын баар. Итинник, иҺиллэрдиин истиҥник, төрөөбүт улуустарыгар, олохторо ааспыт оскуолаларыгар билиниини ылбыт учууталлар аҕыйаҕа суохтар.

Оннук дьоннортон биирдэстэринэн өр сылларга Абый оройуонун үөрэҕириитин салаатын методкабинетын сэбиэдиссэйинэн, оскуолалар дириэктэрдэринэн, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччынан, саха тылын учууталынан үлэлээбит, ыччаты үөрэтиигэ-иитиигэ үгүс сыратын биэрбит, тыыл уонна педагогическай үлэ бэтэрээнэ, улуус Бочуоттаах гражданина, РСФСР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Норуот үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, бары ытыктыыр, киэн туттар, холобур оҥостор киҺибит Слепцов Михаил Михайлович буолар.

Балаҕан ыйын 10 күнүгэр кини баара буоллар 90 сааһын бэлиэтиэ этэ.

Михаил Михайлович Слепцов Муҥурдаах оскуолатыгар үлэлиир кэмигэр, билигин республика оскуолаларыгар киллэрэбит диир хайысхалаах үлэ бу оскуола олоҕор толору баар этэ. Чахчыта да, бу оскуола үлэҕэ, олоххо иитии дьиҥнээх кыҺатынан буолбута. Кини идэлэригэр бэриниилээх учууталларынан кэллэктииби биир сыалга-сорукка түмпүтэ. Эдэр ыччаты киҺи быҺыытынан үүнэ-сайда туралларыгар, туохха барытыгар болҕомтолоох, бэрээдэктээх, ыраас, дьоҥҥо уйаҕас сыҺыаннаах буоларга, Ийэ дойдуну таптыырга уҺуйбута. Бу сылларга улууска, республикаҕа кэрэхсиир музейы тэрийбитэ. Онно баай матырыйаал мунньуллубута.

Дириэктэрдиир кэмигэр оскуола материальнай базата хаҥыырыгар күүҺүн-күдэҕин уурбута. Аҕыйах сыл иҺигэр элбэхтэ сүүрэн-көтөн, ылыннарыылаах тылынан туруорсан, спортивнай саала, спортплощадка, «шестилетка» дьиэтин, учууталлар олорор үс уопсайдарын туттарбыта, оскуоланы салҕаабыта. Ол курдук, кини тэрийбит, туппут «Уолан» оҕо сынньанар, үлэлиир лааҕыра 1987 с. Хоту улуустарга кыайыылааҕынан тахсыбыта. Бу сылларга Муҥурдаах орто оскуолата иитии-үөрэтии үлэтигэр улуус киэн туттар оскуолатынан буолбута.

Альбина Викторовна Ефимова:

Михаил Михайловичтыын мин улуус управлениятыгар үлэлии сылдьан элбэхтэ алтыһан ааспытым. Кини миэхэ үтүө сүбэһит, наставник курдук этэ. Бастаан билсэрбэр киниттэн урут РайОНО сэбиэдиссэйинэн, дириэктэринэн үлэлээбит киһи диэн толло санаабытым. Онтум олус сымнаҕас, холку саҥалаах, киһиэхэ олус үчүгэйи баҕарар, боростуой киһи буолан үөрдүбүтэ.

Кини улууспутугар дьиэ кэргэҥҥэ норуот педагогикатын туһаныыга утумнаах үлэни ыыппыта, «Хотугу Кыым» хаһыакка тиһигин быспакка суруйара. Ол ыстатыйаларын мунньан, 2005 с «Төрөппүт – маҥнайгы иитээччи» 50 экземплярдаах кинигэ бэчээттэппитэ. 2019 с. ол кинигэ Михаил Михайлович туһунан «Умнуллубат үтүөлээх учуутал» кинигэҕэ иккис түһүмэх курдук киирбитин олус сэргии, астына көрбүтүм. Маҥнайгы таһаарыы учууталларга, иитээчилэргэ, төрөппүттэргэ тарҕанан, настольнай кинигэтэ буолбута, тиксибэккэ хаалбыт да элбэҕэ.

Михаил Михайлович улууска, үөрэҕириигэ оҥорбута наһаа элбэх. Биир оннук түгэнинэн Константин Спиридонович Чиряевы ыҥыран, улууска улахан конференция буолан ааспыта. Уонна Михаил Михайлович инициативатынан  Яков Викторович Стручков 90 сааһын бэлиэтиир кини айымньыларынан сүрдээх улахан тэрээһин буолбута.

Абый улууһугар норуот педагогикатын сайыннарыыга улахан кылаатын киллэрбит улахан киһибит буолар.

«Чөл олохтоох, бигэ туруктаах, төрөппүт тапталын билэн улааппыт, үлэҕэ эриллибит оҕо инники олоҕор сүтэн хаалбат, бэйэтин оннун үчүгэйдик булар, бэйэтигэр эрэллээх норуот кэскилэ буолар» диэн эппитин өйдөөн хаалбыппын.

Черепанова Светлана Ивановна:

Михаил Михайлович биһиги барыбыт олохпутугар улахан оруоллаах киһи. Мин 1964 с. 8-с кылааһы бүтэрэн, Муҥурдаахтан барарбар саҥа үлэлии кэлэ сылдьар кэмэ этэ. Ол кэмҥэ наһаа үчүгэй учууталларга үөрэммиппит. Будимир Дмитрьевич Слепцов, Семен Спиридонович Исаков, Игнат Алексеевич Николаев, Михаил Михайлович Слепцов, Константин Николаевич Хабаров, Василий Дмитрьевич Жирков. Бары наһаа бэрээдэктээх этилэр. Оскуолаттан олох арахпакка хойуккуга дылы үлэлииллэрэ. Ол иһин биһиги эмиэ күнү быһа оскуолаҕа сылдьар этибит. Онон наһаа үчүгэйдик үөрэнэн, оскуоланы бүтэрэн барбыппыт.

Кэнники даҕаны, Анна Егоровна аймахпыт буолан, куруук билсэ олорорбут.

Музей тэрийэн баран матырыйаалла аҕалыҥ диэн көрдөөн, биһиги дьоммутугар туспа муннук тэрийбитэ. Күтүөппүтүн Владимир Петрович Неустроевы кытта дьиэбитигэр анаан ыалдьыттаан барааччы. Наар үлэтин туһунан саныыр быһыылааҕа, ол саҥатыттан биллэрэ. Сыаҥааннаахтар да кэпсииллэринэн, Михаил Михайлович дириэктэр эрэ быһыытынан буолбатах, оскуолатын хаһаайыстыбаннай туругун барытын көрөрө-истэрэ. Дэлэҕэ даҕаны, улахан уола Вася кыра эрдэҕинэ «Аҕаҥ тугу үлэлиирий?» диэн ыйыппыттарыгар «Оскуола таһын хомуйар киһи» диэ дуо?! Туох баар хаарын-маһын тэҥҥэ сылдьан дьаһайсара. Оскуолатын иһэ-таһа наһаа аккуратнай буолара. Оройуоҥҥа оскуола үбүлүөйэ диэн аан маҥнайгынан Сыаҥааннаахха буолбута. Онно наһаа үчүгэй бырааһынньык тэриллибитэ, киһи бөҕө мустубута.  1974 с. саҥа оскуоланы кини туттарбыта.

Бар дьоммор барыларыгар үчүгэйдик олороллоругар баҕарабын. Михаил Михайлович туттарбыт ыраас, сырдык турукка киллэрэн хаалларбыт, аныаха дылы үлэлии турар оскуолаҕытын харыстааҥ. Мария Михайловна аҕатын туйаҕын хатаран, өссө да үчүгэйдик үлэлиэҕэ, аҕатын курдук бар дьонугар холобур буола сылдьыа диэн баҕа санаалаахпын.

Елизавета Ильинична Старостина:

Михаил Михайлович норуот киһитэ этэ. Сүрдээх ирдэбиллээх, аккуратнай, үлэһит. Бэйэтин дьонуттан, коллегаларыттан эмиэ оннугу ирдиирэ. Сарсыарда эрдэттэн дьиэтин таһын күрдьүбүтүнэн турара.

Кэргэнэ Анна Егоровна дьүөгэм этэ.  Кини Мишатын аһыгар-үөлүгэр олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһан бүөбэйдиирэ. Куртаҕа ыалдьарыттан кытаанах аһы аһаппакка, куруутун пельмень, кэтилиэт астыыра. Михаил Михайлович кэргэнигэр, оҕолоругар олус үчүгэй сыһыаннааҕа.

Туласынова Евдокия Петровна:

– Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр доҕоро Будимир Дмитрьевич биһиэхэ олорор этэ. Михаил Михайлович онон биһиэхэ элбэхтэ сылдьара. Оскуолаҕа үөрэнэриттэн ыла холобур эрэ буолар киһи этэ. Кинилэр кылаастарыгар наһаа элбэх буолбатах этилэр. Бары учууталлары кытта тэҥҥэ сылдьар, дуоспуруннаах дьон этэ. Бары тус туһунан эбээһинэстээх буолаллара. Оскуолаларын бүтэрэн бары күргүөмүнэн үөрэнэ барбыттара. Соннук күргүөмүнэн кэлэн улуустарыгар учууталлаабыттара.

Михаил Михайловичтыын Дуруһунаҕа сүрдээх үчүгэйдик ыаллыы олорбуппут. Биһиги сынньалаҥнарга уһуннук утуйа түһэрбитин, киэһэ хойутуурбутун сөбүлээччибит. Ону наар: «Күн үчүгэйин куоттараҕыт», – диэн сэмэлиирэ. Дьиэлэрбит күрүөлэрэ суох буолан, мас саһаанынан быысаһар буолаллара. Онно дьэ кини сэрээккэлиирин, илиитэ-атаҕа саһаан үрдүнэн күөрэҥниирин көрөрбүт. Түргэн, сылбырҕа буолара. Субуотунньуктарга бэйэтинэн сылдьан мас көтөхсөн, тасыһан тэҥҥэ сылдьара.

Муҥурдаах учууталлара дириэктэрдэрин курдук дуоспуруннаах, үлэҕэ наһаа диссипилиинэлээх, хаһан да хойутаабат, оҕолорго үчүгэй билиини биэрэр этилэр. Билигин да оннук диэн истэбит уонна биһиги Мэхээлэбит үөрэҕэ таах хаалбатаҕыттан үөрэбит. Абыйга оскуола баарын тухары Михаил Михайлович аата үчүгэйинэн эрэ ахтылла туруо диэн эрэнэбит.

 Михаил Михайлович  тус санаалара

Мантан киһи дьылҕата быһаччы тутулуктаах.

— Күн аайы үлэҕэр былааннаах буоларыҥ, ону толоро сатыырыҥ, онорбут үлэҕин түмүктүүрүҥ, ону бэлиэтэнэн иһэриҥ наада эбит. Ити киһи-аймах сыаналаммат баайын — бириэмэтин харыстыырга, табатык туһанарга үөрэтэр. Өр кэмҥэ «Күннүк» оҥостон үлэлээбитим. Ол олохпор, үлэбэр улаханнык көмөлөстө. Ким ханнык үлэлээҕинэн (үлэ эрэ туһунан буолбакка), туохха интэриэстээҕинэн оносторо туһаны эрэ аҕалыаҕа. «Күннүк» бэйэни иитиниигэ, бэйэ үөрэҕириитигэр (самовоспитание, самообразование), бириэмэни табатык туһаныыга олус көмөлөөх.

— «Ырыа — олох аргыһа» диэн мээнэҕэ эппэттэр эбит. Мин олоҕум, үлэм ырыа
аргыстаах этэ диэтэхпинэ омуннааһын буолбатах. Оскуолаҕа, университекка үөрэнэр кэмнэрбитигэр үгүстүк ыллыырбыт. Дружина орто оскуолатыгар перемена аайы, уол кыыс диэн аахсыбакка, араарсыбакка, сиэттиһэ сылдьан, үгүстүк ыллыырбыт. Элбэх ырыаны билэр, үчүгэйдик ыллыыр оҕолор аҕыйаҕа суохтара. Ырыаны анаан үөрэпэт этибит. Истэн, ыллаһан иһэрбит. Ис хоһоонун өйдүүр буолан истэҕиҥ аайы, ырыа барахсан ордук умсугутуулаах буолара, үтүөҕэ угуйара,билиигэ кынаттыыра, тылгын-өскүн чочуйара, өйгөр-санааҕар, эккэр-хааҥҥар умнуллубат гына бигэтик иҥэрэ. Фронтовик, ырыа учуутала М.Г.Копотилов барахсан оскуола оҕотун барытын байыаннай-патриотическай ырыаларынан абылаабытын умнубаппын. Ол кэмҥэ кыра этим. 5-6 кылаастарга үөрэнэрим. Анаан ырыанан дьарыктамматарбын даҕаны, айылҕа ырыаһыт гына айбатаҕын да иһин, ырыаны оҕо сааспыттан сөбүлүүбүн. Ол көмөтө үгүс. Эмтэниэххэ да сөп. Билигин, хомойуох иһин, оҕо, ыччат, орто, үөһээ саастаах дьон ырыаны үтүө дьарык оҥостубат. Бэйэ дьоҕурун учуоттаан, ырыаны олох аргыһа оҥостор олус наадалаах.

—  Олоҕум устата чэбдик уонна чөл олох сиэрин тутуһууга үлэлэстим. Доруобуйа олох төрдө буоларын бигэтик өйдөөтүм. Кинини тупсарыыга мэлдьи кыһанабын. Онно манныктары тутуһар наада:

  • Күннээҕи режимнээх буолуу, ону тутуһуу.
  • Үгүстүк хамсаныы, сатыы хаамыы.
  • Күннэтэ таһырдьа физическэй үлэни толоруу.
  • Эти-хааны эрчийии (салгыҥҥа сарсыарда аайы хамсаныы, хаамыы).
  • Тымныы уунан суунуу, куттуу.
  • Куһаҕан дьаллыктары тумнуу (арыгылааһын, табахтааһын уо.д.а.).
  • Дьоҥҥо сыһыаны тупсарыы.
  • Араас түгэннэргэ киэҥ-холку буолуу уо.д.а.

Балар доруобуйаҕын тупсараргар, олоххун сөптөөхтүк дьаһанаргар, үлэҥ таһаарыылаах буоларыгар быһаарыылаах оруоллаахтар.

 Бу күннэргэ кырдьаҕастар декадалара саҕаланна. Михаил Михайлович өр сылларга бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайан үлэлэппитэ. Кини үлэлиир кэмигэр туох барыта олохтоох уонна туруктаах буолара. Бииргэ улааппыт үөлээннээхтэригэр анаан суруйбут хоһоонун убаастабыллаах бэтэрээннэрбитигэр анаан бэчээттиибит.

 Олоруохха уһуннук

Көмүрүө хара баттах

Күрэҥсийэ маҥхайда,

Кэрэ, үтүө сэбэрэ

Кэрэкэтэ кэҕиннэ.

Атах-илии ыарыыта –

Ааһан биэрбэт дьарҕата,

Ама тумуу буларын

Аахсыллыбат букатын.

Эдэр сааһы санаахтаан,

Эгди буолан ылабыт,

Кырдьар кэми билиммэт

Кырдьаҕастар буолабыт.

Орто дойду олоҕо

Умсулҕана улахан,

Олох тиһэх бэлиэтэ

Улаҕата көстүбэт.

Орто туруу дойдуга

Отой кэлбит курдуктук,

Оҕо, уруу дьолугар

Олоруохха уһуннук.

Анастасия Сорокоумова, Сыаҥааннаах с.