Кэнники сылларга Россияҕа доруобуйатынан хааччахтаах инбэлиит оҕо ахсаана 2 төгүл элбээбитин бэлиэтииллэр. Онон уопсастыба иннигэр доруобуйатынан хааччахтаах оҕолору олоххо бэлэмнээһин боппуруоһа турар.
Биһиги улууспутугар 318 инбэлиит баарыттан 40-на оҕо. Кинилэргэ государство өттүттэн эмтэнэллэригэр, реабилитация баралларыгар, олоххо миэстэлэрин булалларыгар көмө баар. Быйыл 2 оҕо СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтиттэн реабилитациялыыр техническэй сириэстибэ көмө ылбыт, 12 оҕо Дьокуускайдааҕы реабилитациялыыр кииҥҥэ эмтэммит, 1 оҕо Нерюнгрига барбыт. Бу оҕолорго уонна кинилэр арыалдьыттарыгар бырайыастара төлөммүт. ИПР-даах буоллахтарына сыл ахсын да айанныыр бырайыастара төлөнүөн сөп. Маны таһынан бырааһынньыктарга бэлэхтэр туттарыллаллар, араас таһымнаах көмө эмиэ оҥоһуллуон сөп. Биһиги оҕолорбутуттан сыл ахсын кэриэтэ 1-2 устудьуон республикатааҕы инбэлииттэри реабилитациялыыр техникум-интернатка үөрэххэ киирэр. Быйыл Муҥурдаах орто оскуолатыттан Инесса Павлова 9 кылаас кэнниттэн иистэнньэҥ идэтигэр үөрэнэ киирдэ.
Хаһыаппыт бүгүҥҥү нүөмэрин дьоруойа, бу техникум педагога Сардана Васильевна Павлова.
Кини Муҥурдаах орто оскуолатын бүтэрбитэ. Оҕо сааһа Сыаҥааннаах көнө хонуутугар ааспыта. «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» ыҥырыынан сопхуос ферматыгар 23 ынахтаах дайаарка буолан хаалбыта.
1995 сыллаахха улахан кыыһа Дайаана төрөөбүтэ, детсадка үлэҕэ киирбитэ. Оҕотунан ыарахан сылдьан, Сардана бэйэтэ күүскэ ыалдьан, кыыһа төрүөҕүттэн истибэт да, саҥарбат да эбитин оҕото улаатан эрдэҕинэ билбитэ. 1998 с., биири иккис батыһар дииллэринии, кыыһыҥ аны көрбөт буолан эрэр, ыарыыта хараҕар охсуулаах диэн диагноз туруораннар, Нерюнгри куоракка көһөргө күһэллибиттэрэ.
Салгыы үөрэнэ, эмтэнэ 2004 с. куоракка олохсуйар буолбуттара. Кэлээт, парикмахер идэтигэр үөрэнэн, ИП арынан үлэлээн барбыта. Оннук 15 сыл үлэлээбитэ. Дьыл-хонук түргэн. Ити кэмҥэ Сардана кэргэн тахсан, кыра кыыһа төрөөбүтэ. Билигин 4-с кылааска үөрэнэр. Оҕотун кэтэһэр да кэмигэр үлэтин тохтоппотоҕо. Бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн абыйдар кэлэн кырыйтарар этилэр. Бастайааннай клиеннар баар буолбуттара. Онтон…
– Техникум-интернакка хайдах кэлэн хаалбыккыный?
– 2018 с. биир үтүө күн, ол саҕана үөһэ этиллибит техникум дириэктэрэ, биир дойдулааҕым Рина Игнатьевна Винокурова төлөпүөнүнэн эрийэн миэхэ үлэҕэ кэл, парикмахер наада диэн ыҥырбытын сонно аккаастаммытым. Мин уонна педагог диэн хайдах да барсыбат, «сир уонна халлаан» диэбит курдуга. Онтон сарсыҥытыгар үлэбэр кэлэн, наһаа үчүгэйдик наҕылыччы олорон барытын быһаарбыта, кэпсээбитэ, хамнаспын, инники олоҕум хайдах буолуохтааҕын барытын ырыппыта. Олох ыпсары этэн, сөбүлэһиннэрэн кэбиспитэ. «Ээх!» диэн тылбын биэрэн баран, «эс» диэн кэбиспэт буоллаҕым. Куттаннарбын да, тиийбитим.
Туспа кылаастаах, 10 устудьуон «ийэтэ, аҕата», парикмахердар группаларын үөрэтэр мастер производственного обучения буолан хаалбытым. Үлэлээбитим быйыл 5-с сылым.
Билигин «Абилимпикс» регионнааҕы чемпионатка экспертыыбын,, «Я профи» чемпионатка сүрүн эксперпын, аан дойдутааҕы «Deaf Skills» чемпионат национальный эксперинэн үлэлиибин. Үөрэнээччилэрбин кытта араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттабыт. Иллэрээ сыл Уфа куоракка баран кыттыбыппыт. 15 кыттааччыттан 6-с миэстэ буолбуппут. Былырыын аан дойдутааҕы фестивальга Саха сирин аатыттан Гурьев Айтал диэн устудьудьуоммунуун бүрүчүөскэ оҥоруутугар 1 миэстэ буолан кэлбиппит. 3 өрөспүүбүлүкэ иһинэн ыытыллыбыт бырайыактаахпын. 2019 с. «Путь к красоте» куонкурус ыыппытым. 2020 с. ковид саҕана «Марш победы» диэн Кыайыы күнүгэр аналлаах кэтэхтэн куонкуруспут буолбута. Бу сылтан волонтерскай көмө диэн оҥоробут. Ол иһинэн оҕолорбун кытта кырдьаҕастар дьиэлэригэр баран баттахтарын босхо кырыйан, бүрүчүөскэ оҥорон, сэргэхситэн кэлэбит. Саамай улахан бырайыакпынан 8 араас номинациялаах «Таланты особенных людей Севера» буолар. Онно 159 киһи кыттыбыта. Спонсор бөҕө булбуппут. Онон хас биирдии кыттааччы кыайыылаах курдук буолан тахсыбыта.
НПК-ларга куруук кыттабыт. «Мобильная парихмахерская» бырайыакпытыгар автобус иһигэр салон оҥорон баран, чугас дэриэбинэлэринэн сылдьыбыппыт. Үргүлдьү оҕолорбун практикалатабын, сири-дойдуну көрөллөр, дьоннуун билсэллэр, клиеннары кытта үлэлии үөрэнэллэр. Иккис бырайыакпыт – «Автоняня». Онно оҕолору дьиэнэн хомуйан дестадка, кружоктарга таһаллар. Үһүспүт эмиэ волонтерскай хабааннаах. Бу бырайыактарбыт бары араас НПК-ларга кыттан, ситиһиилээх миэстэлэргэ тиксибиттэрэ.
– Ураты оҕолору кытта үлэлиир хайдаҕый?
– Бастакы уочарат, кинилэри хайдах баалларынан ылыныахха уонна таптыахха наада. Эйиэхэ араас оҕо кэлэр. Хас биирдии оҕо араас дьиэ кэргэнтэн кэлэр. Оннук оҕолортон биһиги дьону кытта тэҥҥэ алтыһар, социальнай эйгэҕэ чугас оҕону иитэн таһаарыахтаахпыт. Биһиэхэ 9-с, 11-с кылаас кэнниттэн үөрэнэ кэлэллэр. Дальнай Востокка маннык техникум соҕотох буолан устудьуон элбэх.
Кыыспын кытта верботанальнай методиканан дьарыктаммыт үөрэҕим билигин бэйэбэр наһаа көмөлөстө. Миэхэ элбэх истибэт оҕо кэлэр. Кинилэри кытта тэҥнээхтэрим курдук кэпсэтэр кыахтаахпын.
Кэтэхтэн үөрэх кэмигэр оҕолору дьиэбэр ыҥыран дьарыктааччыбын. Дьарыга суох хайдах куонкурустарга кытта кыттыахпытый? Ураты оҕолору кытта үлэлиир буоллаххына, бэйэҕэр эмиэ оннук ураты эппиэтинэс наада. Бэйэҥ бэйэҕэр эмиэ усулуобуйа оҥостуохтааххын. Онон киһиттэн бэйэтиттэн элбэх тутулуктаах.
– Выпускниктаргыт төһө үлэ булуналларый?
– Үлэ булунуутугар, бастакы уочарат, төрөппүт көмөтө уонна интэриэһэ наада. Элбэх оҕо дэриэбинэттэн кэлэр. Ол оҕолор дьиэлэригэр үлэ миэстэтин оҥостон, эбэтэр тэрилтэни кытта кэпсэтэн үлэлииллэр.
Мин үксүн уолаттары кытта үлэлиибин. Кинилэр охранниктыыллар, тутууга да үлэлээччи баар. Ол кэнниттэн киэһэ кэлэн баран дьиэлэригэр эбэтэр үлэлиир сирдэригэр баттах кырыйаллар. Анаан тэринэн үлэлээтэхтэринэ инструменнарыгар кырата 100000 солк барар. Ону социальнай хантараак түһэрсэн ылыныахтарын сөп. Маныаха барытыгар, биллэн турар, төрөппүт өйөбүлэ наада. Аны ыарыһах оҕолор буолан саас, күһүн бэргииллэр, түргэнник сылайаллар. Биһиги оҕолорбут үлэ миэстэтин булуналларыгар интэриэстээх буолан, куорат парихмахерскайдарын кытта бэйэбит эмиэ кэпсэтиһэн, биир эмэ оҕоҕо миэстэ буларга көмөлөбүт.
– Араас бырайыактарга спонсордары хайдах булаҕыт?
– Сурук суруйабыт. Быйыл саамай улахан иэннээх кылааһы биэрдилэр. Онон мебель ылынарбытыгар эмиэ спонсор көрдүүбүт. «Сэттэ» хампаанньа олус үчүгэйдик көмөлөһөр. «Таланты особенных людей Севера» бырайыакпытыгар 80000 солк аҥаардас бу тэрилтэ биэрбитэ. Биллэр ырыаһыттар, артыыстар олус боростуой дьон. Кинилэр хаһан да аккаастаабаттар. Дьону кытта элбэхтэ кэпсэтиэххэ, барыларын кытта үчүгэйдик сыһыаннаһыахха наада.
— Педагог идэтин сөбүлээтиҥ, бу миэнэ эбит диэтиҥ дуо?
– Мин практик буолан, докумуон толоруутун, кумааҕы волокитатын сөбүлээбэппин. Онтон оҕолору кытта алтыһарбын, араас тэрээһиннэри ыытарбын астынабын.
– Педагог буолан баран туох өттүнэн уларыйдыҥ?
– Олоҕум өссө интэриэһинэй буолла. Бары өттүнэн сайдыы баар, наар үөрэнэҕин, араас куораттарга стажировка бараҕын. Ол барыта уоппут бөҕөтө буолар. Киһи көрөн үөрэнэр. Атын дьон үлэтин эмиэ үөрэтэбин. Киһи сатаабата суох диэн сөпкө этэллэр эбит. Баҕардаххына сатаабаккын да сатыыр буолаҕын. Уонна учуутал буоллуҥ да, барыгын сатыахтаах эбээһинэстээххин. Оннооҕор саамай сатаабаппын наада тирээбитигэр уруһуйдаабытым, үҥкүүлүү улахан сыанаҕа тахсыбытым.
– Бэйэҥ учууталларгын саныыгын, кинилэр уопуттарыттан үлэҕэр, олоххор туһанаҕын дуу?
– Саамай сөбүлүүр предметтэрим физкультура уонна история этэ. Физкультураны Иван Иннокентьевич Ефимов, историяны Иван Христофорович Климовскай үөрэтэллэрэ. Кэнники санаатахпына, олохпор саамай туһалаабыт куруһуогум саахымат эбит. Учууталым Александр Иванович Андреев этэ. Кини наар сөптөөх хаамыыны оҥорорго хас да варианы толкуйдатара. Бу хаамыынан хас проблеманы суох оҥоробун, ханнык ыарахаттары көрсөбүн эбэтэр барыыстаах хаалабын диэн бастаан толкуйдатара.
Үлэ уруоктара буолалларын да өйдөөбөппүн. Иискэ-аска, кыптыый-иннэ тутарга оннук сыһыана суох этим. Мотоцикл үрдүттэн түспэт, ыстаантан атын таҥаһы билбэт этим. Уол оҕо дьарыга дьарыктааҕым, оннук үлэлээҕим.
– Дайаана?
– 3 сааһыгар Нерюнгрига реабилитационнай кииҥҥэ барбыппыт. Онно 8 сыл верботанальнай (киһи уоһа, айаҕа хамсыырынан саҥарарын өйдүүр) методиканан дьарыктаммыппыт. Онтон куоракка школа глухих бүтэрбитэ. Новосибирскайдааҕы государственнай техническэй университетка художник-мастер үөрэтээччи идэтин бүтэрбитэ.
Билигин Дайаана Питерга олорор, үлэлиир. Кэргэнэ профессиональнай баскетболист. Быйыл массыына ылынаннар үөрүүлэрэ үгүс.
«Таланты особенных людей Севера» бырайыак идеятын Дайаанам эппитэ. Кулгааҕынан истибэт кыыс модель буолан, аан дойдутааҕы куонкуруска кыттыбытын көрөн: «Мама, сморти, какие талантливые люди есть!» Итинник да оҕолорго талааннаах дьоннор бааллара сөхтөрөр.
Биирдэ дьиэбэр алаадьы астыы олордохпуна бу бырайыак торума төбөбөр көтөн түспүтэ. Дьиҥэр ити наар саныыртан тахсар буоллаҕа. Тугу да гына сырыттарбын толкуйга сылдьааччыбын. Сонно завучпар уонна Рина Игнатьевнаҕа эрийбиппэр «Делай!» диэбиттэрэ. Онуоха сол киэһэттэн бу бырайыакпын олоххо киллэрэр соруктары туруорунан, үлэбин саҕалаабытынан барбытым. Бу куонкуруска, кырдьыга да, олус үчүгэй үлэлэр бааллар этэ.
Билигин кыыспынан, кини ситиһиилэринэн киэн туттабын. Сатаан истибэт, саҥарбат оҕо Новосибирскайга биир аадырыстаах соҕотох көтөн тиийэн, үөрэх туттарсан, киирбитэ. Бэйэтэ олохсуйан, кылаас старостатынан үлэлээбитэ. Общежитиетын хоһугар эмиэ старосталаабыта. Былырыын институттарын бүтэрбиттэрэ 5 сылыгар куратордарын кытта Новосибирскайга көрсүбүттэрэ. Оҕом онно эмиэ баран кэлбитэ. «Самая красивая, самая добрая, самая-самая», – диэтилэр диэн видеозвоногунан кэпсээн үөрдүбүтэ. Кыра оҕо эрдэҕиттэн дьону кытта сөпкө алтыһа үөрэммит буолан, комплекса суох. Онон наһаа элбэх табаарыстардаах, доҕоттордоох. Дьиэ иһинэн хааччахтаммат киһи.
Питерга да көһөн барарыгар соҕотох барбыта. Мин бэйэм да туора сиргэ собус-соҕотох көһөрбүн толлуом этэ дии саныыбын, киниэхэ буоллар аан барыта аһаҕас.
– Тугунан дьарыктанаҕын. Урут спортсменка бэрдэ этиҥ дии. Иллэҥ кэм диэн баар ду?
– Үлэбиттэн атын дьарык суох. Иллэҥ кэм диэн суох кэриэтэ. Спортивнай хайысханы ылар буоллахха, миэнэ волейбол уонна канат тардыһыыта. Оттон ытыыга как любитель кыттабын. Триумф стадиоҥҥа ыыттыллыбыт «Бал чемпионов» техникум үлэһиттэрэ үөрэнээчилэрбитин кытта тахсан, жестовой ырыаны ыллаабыппыт. Бу иннинэ хаһан да сыанаҕа тахсыбатах киһи олус долгуйбутум. Дьону да кытта таҕыстарбын олох салыбырааһын бөҕө буолбутум. Ол эрээри сыалбын сиппитим.
– Ураты оҕолор төрөппүттэригэр тугу этиэҥ, сүбэлиэҥ этэй?
– Дьиҥэ, аан бастаан маннык оҕолоох төрөппүт реабилитацияны ааһыахтаах эбит. Тоҕо диэтэххэ, сорох төрөппүт оҕотун ыарыытын ылыммат, кыра эрдэҕинэ кыһаммат, оҕотун кытта хайдах дьарыктаныан, туохтан саҕалыан билбэт. Оҕоҕутун хайдах баарынан ылынан таптааҥ, кэпсэтиҥ, өйөөҥ. Биир идэни, хайысханы талан баран, оҕо ис кыаҕын, сайдыытын учуоттаан, ол өттүгэр эрэ тохтоло суох дьарыктааҥ. Холобур, повар буолуо диир оҕоҕор кыра эрдэҕиттэн ас астыыр тэриллэри булан, оонньотон, көрдөрөн, үтүгүннэрэн дьарыктаныҥ. Парикмахер буолар оҕоҥ 7-8 чаас атаҕын үрдүгэр тура сылдьар кыахтаах дуо? Ону толкуйдааҥ. Оҕоҥ оҥорон көрөр, толкуйдуур дьоҕурдаах буоллаҕына, баҕар, уруһуйдьут буолаарай? Киистэтэ, кырааската туттарыҥ. Оҕоҕутун араас өттүттэн ырытан, үлэ сатабылларыгар үөрэтиҥ.
Аны маннык оҕону кытта дьарыктанар ийэ эрэ эбээһинэһэ буолбатах. Дьиэ кэргэн барыта кыһаныахтаах. Аймахтара көмөлөһөр буоллахтарына өссө үчүгэй. Үөрэнэн бүттэхтэринэ үлэ булуналларыгар, атхтарыгар туралларыгар көмөлөһүҥ.
Мин ийэм, үйэтин тухары педагог, Павлова Анна Алексеевна. Дайаанам уратытын, истибэтин бастаан кини бэлиэтии көрбүтэ. Ити саҕана кыыһым саҥа 2 сааһын туолан эрэрэ. Кини бастаан оҕобор тэтэрээт, харандаас туттара үөрэппитэ. Раскраска бөҕөтүн уруһуйдаппыта. Ол түмүгэр, оҕом художник-мастер преподаватель диэн идэҕэ үөрэннэҕэ. Бастакы сылбытын бэйэбит дьарыктыы сатаабыппыт. Оҕом уратытын ылынарбар эмиэ кини көмөлөспүтэ, өйөөбүтэ.
Ийэм миигин олоххо бэлэмнээбитэ, үөрэппитэ элбэх. Киниэхэ бараммат махталлаахпын. Кини баар буолан, кини өйөөн, мин кэмигэр күүстээх санаа ылынан, оҕом туһугар атын сиргэ көһөн барбытым. Ханнык да түбэлтэҕэ, ийэм курдук туохтан да иҥнэн турбакка, инним диэки дьулуһабын. Кини үөрэҕинэн, сыалы көрдүм – ситиһиэхтээхпин диэн бэйэбэр сорук туруорунабын. Ийэм барытын сатыыра. Сатаабата диэн суоҕа. Суоҕу баар оҥороро. Биир киэһэнэн да бүтэрэрэ. Олус түргэн этэ.
– Саамай улахан ситиһиилэриҥ?
– Төрөппүттэрим уонна үөрэнээччилэрим махталлара. Оҕолорум кыайбыт харахтара. Быйыл «Человек труда-2024» 50 000 солк. харчылаах Ил Дархан бириэмийэтин тутар чиэскэ тиксибитим. АО «РНГ» анал бириэмийэтинэн – 100 000 солк. наҕараадаламмытым. Ол иннинэ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэрстибэтиттэн эмиэ 50 000 солкуобайынан бириэмийэлэммитим.
– Түмүккэ тугу этиэххиний?
– Киһи ханнык баҕарар ситиһиитэ бу киниэхэ ким эрэ сабыдыала буолар. Холобур, миэхэ араас кэмҥэ наар дьон көмөлөһөрө. Махтанабын ийэлээх аҕабар Анна Алексеевна, Василий Кириллович Павловтарга, бииргэ төрөөбүттэрбэр, доҕотторбор, бэйэм дьиэ кэргэммэр, Сыаҥааннаахтааҕы эдьиийдэрбитигэр, учууталларбар, миэхэ баттах кырыйтарар биир дойдулаахтарбар. Махтанабын учуутал идэтигэр угуйбут, ыҥырбыт Рина Игнатьевна Винокуроваҕа, өйүүр-өйдүүр коллегаларбар, таптыыр устудьуоннарбар уонна кинилэр төрөппүттэригэр. Махтанабын олоҕум саамай ыарахан кэмигэр күүс-көмө, өйөбүл буолбут Абый улууһун социальнай харалтатын коллективыгар, ордук чуолаан, биһиги саҕана салайбыт Елена Афанасьевна Ильяховаҕа. Нус-хас, байылыат, иллээх олох барыгытыгар баар буоллун!
Анастасия СОРОКОУМОВА, Сыаҥааннаах.