Олоҥхо — норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала. Норуот мындыр өйүн, ийэ тыл сүөгэйин-сүмэтин иҥэриммит сүдү айымньыбытын билиҥҥи киһиэхэ, оҕоҕо сонуннук хайдах тиэрдиэххэ сөбүй диэн санааттан сыл аайы араас көрүҥнээх үлэ барар. Манна биири тоһоҕолоон этэр наада. Урукку кэмнэргэ биһиэхэ даҕаны, Абый улууһугар, олоҥхоһуттар бааллара. Сурукка хайа да нэһилиэктээҕэр Муҥурдаахтар олоҥхоһуттарын ааттара элбэх. Ол иһин олоҥхоҕо болҕомто уурарбыт тоҕоостоох.
Былырыын Муҥурдаахха Олоҥхо күнүгэр «Уруйдан, Абый олоҥхото» диэн олохтоох олоҥхобут туһунан тэрээһин ыытан, Айыы ойууна Көстөкүүн Чирков «Тура төрөөбүт туллук тураҕас аттаах Дьураа Бөкө» олоҥхотун үгэс быһыытынан оллоонноон олорон, бөлөҕүнэн толорбут эбит буоллахпытына, быйыл П.А.Ойуунускай 130 сылыгар анаан «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотунан 7 оонньуулаах испэктээги туруордубут.
Саха чулуу уола, сэбиэскэй литературабытын төрүттээччи Былатыан Ойуунускай бу айымньытын 30 олоҥхоттон таҥан, чочуйан суруйбута. 9 ырыалаах, 36 тыһынчаттан тахса устуруокалаах бөдөҥ айымньыта саха киһитин кутун тутар, олоҥхо бастыҥ холобура буолан, үрдүктүк сыаналанар.
Биһиги бу сырыыга көрөөччүгэ бу айымньы ис хоһоонун уонна сүрүн санаатын, олоҥхо үс дойдутун, сырдык уонна хараҥа күүстэр киирсиилэрин, айыы бухатыырын хорсун сырыыларын, дьиэ кэргэнин, хас биирдии уобарас уратытын тиэрдэргэ кыһанныбыт. Холобур, судургуттан ыллахха, үгүс киһи Ньургун Боотур Туйаарыма Куону ойох ылбыта дии саныыр. Оннук буолбатах диэн өйдүүллэрин курдук, төһө кыалларынан, сүрүн персонажтары барыларын киллэрэ сатаатыбыт. Айыы дьоно бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөллөрүн, айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс, үтүө санаа өрөгөйдүүр диэн санааны арыйдыбыт. Айыы бухатыыра, эр киһи, Орто дойдуну, дьонун-сэргэтин көмүскээччи, дурда-хахха, норуот эрэлэ, ыал аҕата буолар аналлааҕын көрдөрдүбүт. Оттон айыы кыыһа, дьахтара кэрэни кэрэһэлиир, алаһа дьиэ араҥаччыта, иэримэ дьиэ иччитэ, олоҕу ууһатааччы, ийэ буолар аналлааҕа сырдатылынна. Олоҥхоҕо тоҕо урааҥхай саханы арҕаһыттан тэһииннээх айыы хаан аймаҕа, көхсүттэн көнтөстөөх күн улууһун дьоно буоларын эмиэ көһүннэ. Ону барытын олоҥхо сүрүн сюжетын батыһа, уобарастарынан оонньоон, персонажтар саҥаларынан, ырыаларынан-тойуктарынан, кэпсэтиилэринэн, дьайыыларынан, декорациянан, уотунан-күөһүнэн уонна музыканан киэргэтэн, көрөөччүнү олоҥхо дьикти эйгэтигэр киллэрэргэ дьулустубут. Сылдьыбыт сөбүлээтэ, наһаа сынньанныбыт дэстилэр. Биллэн турар, дьиҥ артыыстарга тэҥнэспэппит да буоллар, холонон көрдүбүт. Кулууп үлэтин общественниктара Николай Стручков, Елена Новикова, Надя Игнатьева абааһылар уобарастарын наһаа үчүгэйдик арыйдылар. Эдэр күтүөппүт Михаил Ноговицын олох кылгас кэм иһигэр да бэлэмнэннэр, сүрүн оруолу олус бэркэ оонньоото. Светлана Андросова, Татьяна Петровна Иванова, Татьяна Никифоровна Иванова, Валерия Стручкова, Петр Новиков ыллаан-туойан, туруоруубутун киэргэттилэр. Кыттааччыларбыт бары да үчүгэйдик оонньоотулар. Сыанаҕа тахсан, олоҥхону толоруу — бу бэйэтэ ситиһии, хорсун хардыы. Ол курдук, оруолларга оонньоотулар:
Ньургун Боотур — Михаил Ноговицын, Үрүҥ Уолан — Юлиан Слепцов, Айталы Куо — Арина Соломова, Айыҥа Сиэр тойон — Петр Новиков, Айыы Нууралдьын хотун — Татьяна Петровна Иванова, Мүлдьүн Бөҕө — Гаврилл Атласов, Айыы Умсуур удаҕан — мин, Аан Алахчын хотун — Сардаана Слепцова, Саха Саарын тойон-Илья Зырянов, Сабыйа Баай хотун — Светлана Андросова, Күн Дьирибинэ — Виктор Хабаров, Туйаарыма Куо — Валерия Стручкова, Айыыһыт-Татьяна Никифоровна Иванова, Кыыс Ньургун — Виктория Ноговицына, Уот Уһутаакы-Николай Стручков, Кыыс Кыскыйдаан-Елена Новикова, Тимир Дьигистэй — Надежда Игнатьева, кыыс-Вика Охлопкова, уол-Саян Нератов. Дьөһөгөй оҕолоро: Авксентий Павлов, Сережа Колесов, Андрей Гоголев, кыталыктар: Мила Слепцова, Света, Наталина Корякиналар, Рада Дохунаева, Лиза Соломова, Алеся Стручкова, Аня Халыева.
Костюмердар: Юлия Полушкина, Татьяна Левина, Надежда Сорокоумова, Елена Новикова, художник-оформитель- Петр Новиков, сцена үлэһиттэрэ: Слава Слепцов, Ньургустан Аммосов, Юлия Полушкина, Татьяна Левина, звукооператор, светоформитель- Василий Ребров,сценарист-режиссер-мин (авт.).
Онон А.А.Дохунаева аатынан төрүт култуура киинин аатыттан (дириэктэр Мария Подорожная) маннык улахан айымньыны кылгас кэм иһигэр туруорарбытыгар кыттыбыт, тугунан эмэ кыттыспыт, көмөлөспүт дьоммутугар бука барыгытыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Инникитин да түмсүүлээх, көхтөөх буоларгытыгар ыҥырабыт. Чэгиэн-чэбдик буолуҥ, саха олоҥхотун курдук, уһун уруйдаах олохтонуҥ.
Оттон улуу олоҥхобутун үйэтитии, тарҕатыы үлэтэ улууспутугар кэҥээн, сайдан истин!
Анжелика РЯЗАНСКАЯ.