Дьоллоох киһи элбэх оҕолоох

«Герой ийэ эбиккин дии», — диэн 5 оҕолооҕун истэн саҥа аллайбыппар, утары олорор эдэр ийэ Марфа Алексеевна үчүгэй баҕайытык күлэн кэбиһэр уонна киэн тутта оҕолоро ханна үөрэнэллэрин, туох ситиһиилээхтэрин кэпсээбитинэн барар.

«Улахан кыыһым Виолетта Кэбэргэнэҕэ 11 кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэр, араас конкурстарга, олимпиадаларга кыттар, литератураҕа Россияҕа I степеннээх дипломант буолбута, — ийэ барахсан хараҕа чаҕылыйа олорор. — Өссө үҥкүүлүрүн таптыыр, спордунан дьарыктанар. Алинам Белай Гора оскуолатыгар 8 кылааска үөрэнэр, үҥкүү фестивалларыгар кыттан хаста да дипломант буолбута. Илиана гимназияҕа 6 кылааска үөрэнэр, дуобатынан үлүһүйэр, улууспутугар оҕолорго чемпион. Алексия Белай Гора оскуолатыгар 3-кэ уонна Алешам быйыл 1 кылааска үөрэнэллэр. Үөрэхтэригэр бары туйгуннар, хорошистар. Кэргэмминээн Станислав Петровичтыын оҕолорбут олоххо бэлэмнээх буолалларын туһугар иитэбит, дьиэ ис-тас үлэтигэр такайабыт. Улахаттар кыраларын иитэргэ күүс-көмө буолаллар. Кыргыттарбын илиинэн тигиигэ, оҕуруо тиһиитигэр, өрүүгэ үөрэтэбин, браслет, оберег, моойго иилинэр харысхаллары оҥоробут. Индигир биэрэгэр, аллараа, сайын сынньанар, таптаан балыктыыр, хаппыттыыр, отоннуур, тэллэйдиир даачалаахпыт. Күһүн ол аспытын кыһыҥҥыга хаһаанан барыанньалыыбыт, сибиэһэйдии ларьга тоҥоробут, балыкпытын туустуубут, хатарабыт. Биһиги дьиэ кэргэн иллээхпит, бииргэ сынньанарбытын, араас үчүгэй сирдэргэ сылдьарбытын, кэпсэтэрбитин таптыыбыт. Кэргэним билигин самозанятай, оҕолорго амарах сыһыаннаах аҕа. Ийэлэр күннэрин тэҥэ Аҕалар күннэрэ дии, аҕабытын таарыччы эҕэрдэлиибин, кыайыылаах-хотуулаах буоллун диэн ыра санаабын тиэрдэбин.

Мин бэйэм Кэбэргэнэттэн төрүттээхпин. Аҕам, Шкулев Алексей Афанасьевич, сааһын тухары сопхуоска булчуттаабыта, ийэм Раиса Гаврильевна оҕо уһуйааныгар завхоз. Үс оҕолоохторуттан мин улаханнарабын, икки бырааттаахпын. Билигин бэйэм элбэх оҕолоох ийэбин. Улуус дьаһалтатыгар уопсай отделга специалистыыбын. Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэнэ сылдьан, төрдүс курстан кэтэхтэн үөрэниигэ көспүтүм. Билигин сессияларбар бэлэмнэнэбин, аны балтараа сылынан бүтэриэхтээхпин», — диэн соруттарыыта суох кэпсээнин түмүктүүр.

Николай Петров.