«Дьол диэн — оҕолорум, кэргэним, сөбүлүүр үлэм»  

Аҕа күнүн көрсө бүгүҥҥү ыалдьыппыт Кэбэргэнэ биир тутаах киһитэ, урбаанньыт, култуура үлэһитэ, Абый улууһугар маҥнайгы үрдүк үөрэхтээх хореограф Сидор Сидоров. Бу — саха төрүт аһыгар, култууратыгар ураты көрүүлээх киһини кытта кылгас кэпсэтиибитин эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабын.

 — Сидор Сидорович, кэпсэтиибитин саҕалыахха, хайдах-туох олороҕут?

Күн бүгүн сэттэ ыанар ынахтаахпын. Быйыл икки ньирэй төрөөбүтэ, онон улаханныын-кыралыын уон икки төбө буолла. Сүөһү иитиитинэн дьарыктаммытым ыраатта Икки сыллааҕыта икки мөлүйүөннээх кредит ылбытым, 2027 сыллаахха сабыахтаахпын. Саха киһитэ бэйэтин аһын аһыахтаах диэн өйдөбүллээхпин, ол иһин ынах, сылгы сүөһүнү анаан дьарык оҥостон иитэбин. Наймылаһан үлэлэтэр дьонум суохтар. Бэйэм көрөбүн-харайабын. Ынахтарбын сарсыарда биэс чааска туран аһатабын, уулатабын, ыыбын. Күнүс, киэһэ эмиэ итинник түбүк. Билигин барыллаан уон лиитэрэттэн ордук үүтү ылабын. Кэргэним сүөгэйдиир, ону тута ылан бараллар, уочарат бөҕө. Күөрчэҕи, суораты бэйэбитигэр оҥорор.

— Эн олохтоох бородууксуйаны Белай Гораҕа батарар туһунан этиилээх этин дии?

—  Манна логистика-атыы киинигэр эппитин туттараммыт харчыланыахпыт этэ буоллаҕа диэн ыра санаалаахпын. Переработкалыыр сыах аһыллара наада. Олох сайдыыта итинниккэ тириэрдиэ дии саныыбын. Отону, үүт бородууксуйатын, балыгы, эт арааһын тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир дьон туттарыахтара этэ. Билигин омук этин 400 солкуобайга атыылыылллар дии. Миэнэ сибиэһэй этим 650 солкуобай, ону ыарахан диэн атыыласпыттар. 3 тонналаах морозильниктаахпын, онно уган харайабын. Кэбэргэнэлэр сайын атыылаһар үгэстээхтэр, онон син биир батарыам.

— Наар хотон эрэ буолбата ини, атын туох дьарыктааххыный?

Оттуур, балыктыыр базалаахпыт Улуннаахха. Онно кутум-сүрүм, этим-хааным сынньанар сирэ. Култуурунай олохтон тэйбэппин, «Ногдан» ансаамбылга хамнастаах хореографпын. Араас дьаһалларга, конкурстарга бэлэмниибин, концертарга кыттабыт. Урукку састааптан мин соҕотохпун. Олох барыбытын араас сирдэринэн тарҕатта. Били эн үөрэппит оҕолорун, кыргыттарын — БСШ онус выпуһа — Дьокуускайга, Покровскайга, Москваҕа, Чукоткаҕа тиийэ баран олохсуйдулар, үлэлииллэр.

Кэргэним Надежда Кэбэргэнэҕэ кийиит буолан кэлиэҕиттэн 29 сыл буолла библиотекарынан үлэлээбитэ.

Биһигини дьылҕабыт Бурятияҕа Улан-Удэ куоракка көрүһүннэрбитэ. Иккиэн Илин Сибиирдээҕи культура институтугар үөрэнэ сылдьан ыал буолбуппут. Маҥнайгы оҕобут Инга Бурятияҕа төрөөбүтэ.

Кэргэним хайҕалга сылдьар үлэһит, үчүгэй хаһаайка, ийэ, эбээ. Республикаҕа «Лучший работник культуры» буолан, 50 тыһ. солк. наҕараадаламмыта.

Дьиэ кэргэнинэн «Далбар хотун» республикатааҕы куонкуруска кыттан турабыт.  «Сайдам Хотун» номинация ылбыта.

Улахан кыыспыт Инга куоракка кыраасканы атыылыыр бизнестээх этэ, ону санкция бобон, атыылыырга күһэллибиттэрэ. Уолбут Женя Маҕаҥҥа вертолет борт-механига. Иккис кыыспыт Саша эмиэ урбаанньыт, кэргэнэ Казахтаҥҥа оҕотун үөрэттэрэр. Үһүс кыыс Люба Санкт-Петербурга таможенник үөрэҕэр үөрэнэ сылдьар. Бэйэбитин кытта баар Эмма 9 кылааска үөрэнэр. Улахан оҕолорбут бары хастыы да оҕолоохтор, кэргэттэрин кытта үөрэ-көтө үлэлии олороллор.

Кырдьык, улахан ыал дьоһун олоҕун тэрийбит эбиккин, ситиһиилэри баҕарабын.

 

Балаһаны бэлэмнээтэ Николай ПЕТРОВ.