1953 сыллаахха Оттоох Атах тоҕус күндээлээх күөлүн Уйаандьы үрэххэ хаһан түһэрэри саҕалаабыттар. Бастаан Хара Кустаах диэн сиргэ олохтообуттар. 1959 сыллаахха манна быйаҥнаах сир киэҥиттэн, от-мас өлгөмнүк үүнэриттэн дьон ынах, сылгы сүөһүнү дэлэйдик ииттэн олорбуттара. 1961 сыллаахха Оттоох Атах киинин Дьооскуга көһөрбүттэрэ. Сана дьиэ-уот тутуллан дьон-сэргэ олохсуйан барбыта. Үлэ-хамнас күргүөмнээхтик ыытыллыбыта.
Тыа сирин сайдыыта тыа дьонун олохторун туругуттан улахан тутулуктаах. Хас биирдии тэрилтэ, ыал кыстыгы этэҥҥэ туоруурга бэлэмнэнэр.
Нэһилиэккэ туох саҥа сонун баарын, туох үлэлэр ыытыллалларын, дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын туһунан Дьооску учаастагын сүрүннүүр специалиһа Анна Корякина маннык сэһэргээтэ:
«Билигин учаастакпытыгар 57 киһи олорор. Тэрилтэлэр барылара кэминэн үлэлииллэр. Нэһилиэнньэ сайыны быһа оҕуруот аһын арааһын олордон, отонноон, оттоон олордубут. Биһиги, Дьооску олохтоохторо, былыр-былыргыттан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанабыт. Олохтоох дьон бары сылгылаахтар, ынахтаахтар. Онон, барыта бэйэ киэнэ, иҥэмтэлээх аспыт дэлэй. Икки ыал куурусса ииттэн, сибиэһэй сымыыкка тиийэ хааччыллан олоробут.
Кыстыгы бэлэмнээх көрсөн эрэбит. Былааҥҥа турбут оппут толору кэллэ. Ас-үөл, табаар өттүнэн хааччыллыылаахпыт, сылын ахсын «Зеленай рейс» бэйэбитигэр тиийэр аһы тиэйэн ыытар. «Якутопторг» табаара бириэмэтигэр тиэрдиллэр.
Самолет быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэхтэ көтөн, дьону абыраата. Урут маннык буолбатах этэ.
Киһи олоҕор саамай сүрүнэ — доруобуйа буолар. Кэнники сылларга мобильнай биригээдэ быраастара олус болҕомтолоохтук, ыксаабакка дьону-сэргэни, оҕолорбутун барыларын көрөн, сүбэ-ама биэрэн барбыттарыгар Саха сирин правительствотыгар, Доруобуйа харыстабылын министерствотыгар, улуус, нэһилиэк дьаһалтатыгар олохтоохтор ааттарыттан өссө төгүл барҕа махталыбытын улууспут хаһыатынан нөҥүө биллэрэбит.
Хайа баҕарар нэһилиэккэ курдук, биһиэхэ эмиэ кэккэ кыһалҕалар бааллар. Ол курдук, бастакы уочарат сибээспит мөлтөҕө буолар. Ол эрээри, быйыл «Билайн» сибээс кэлэрэ былааҥҥа туран, үөрүүбүт баһаам. Биһигиттэн ирдэнэр үлэтин барытын оҥорон, бэлэмнээн олоробут. Суол турдар эрэ, тустаах үлэһиттэр кэлиэхтээхтэр.
Эдэр ыччат олохсуйа сатаабат буолла. Дьиҥэ, эдэр, кыайыгас-хотугас ыалга тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар усулуобуйа толору баар. Урут уруккутан дойдубут, Оттоох Атах сирэ, мэччирэҥэ, ходуһата элбэҕинэн, киэҥинэн аатырар.
Төһө да аҕыйах буолан бүгэн олордорбут, бэйэбит испитигэр араас тэрээһиннэри ыытабыт. Дьон көхтөөх, түмсүөхтэрин баҕараллар. Бу билигин «Комсомол күнүн» ылаары түбүгүрэ сылдьабыт. Абыйга «Муус күрэххэ» кытта киирээри бэлэмнэнэбит. Сыл ахсын ыытыллар бильярд, дуобат күрэҕэ тыҥааһыннаахтык ыытыллар. Календарнай бырааһынньыктар, бэлиэ күннэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Кулууп аана олохтоохторго куруук аһаҕас. Манна кэлэн бильярд, теннис оонньууллар, ким баҕалаах караокенан ыллаан аралдьыйар.
Ити курдук, дьоһун дьонноох Дьооску учаастагын дьоно-сэргэтэ, былыргы өбүгэлэриттэн ылан кэлбит саха төрүт дьарыгынан дьаһанан, быр-бааччы олороллор. Ыарахаттартан толлубакка, тыа сиригэр олорон сүөһү иитиитигэр үлэлиир-хамныыр, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга сыралаһан үлэлиир дьоммутугар махтал буоллун!
Анна Чиркова.