«Дьиэ кэргэн остуоруйата» сэргэх күрэскэ

Россияҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха Республикатыгар Оҕо саас сылларын чэрчитинэн С.Ф.Марков аатынан Уолбут орто оскуолатын уһуйаан сүһүөҕүн педагогическай холбоһуга иккис сылын «Дьиэ кэргэн остуоруйата» күрэс буолан ааста. Күрэс куйаар ситиминэн кэтэхтэн ыытылынна.  

Күрэс туһунан иитээччи Лариса Гаврильевна Слепцова кэпсээтэ:

Күрэскэ Абый улууһун уһуйааннара бары кытыннылар. 4-5 уонна 6-7 саастаах оҕолор уонна кинилэр төрөппүттэрэ дьиэ кэргэнинэн  саха, нуучча, араас омук остуоруйаларыттан саамай сөбүлүүллэрин сахалыы тылынан оруолларынан ааҕан аудиозапись оҥорон ыыттылар. Ол курдук, «Таал-Таал эмээхсин», «Үс эһэ», «Ойуур оскуолата», «Колобок» остуоруйалары уонна хас да оҕо биир айымньыны талбыттар. Кыттааччылар олус кыһаллан бэлэмнэммиттэрэ, оҕолор мип-минньингэстик оруолларыгар киирэн саҥараллара истэргэ наһаа үчүгэй, кэрэхсэбиллээх. Бэйэбит уһуйааммыт оҕолоро аудиоостуоруйалары сэргээн иһиттилэр. Сөбүлээбит остуоруйаларын хос-хос холботон истэллэр. Түмүк таһаарарга кинилэр санаалара эмиэ учуоттаммыта.

Кыайыылааҕы быһаарар уустуктардаах этэ. Бары да олус кыһаллан айымньыларын ис хоһоонун истээччилэргэ тиэртилэр. Ол гынан баран күрэс аата күрэс буоллаҕа. Ким эрэ кыайыылаах тахсыахтаах. «Тугутчаан» уһуйаан (Кэбэргэнэ) олус үчүгэйдик кытынна.    

(Хаартыскаҕа Сюзанна Слепцова дьиэ кэргэнин кытта)

4-5 саастаах оҕолорго I миэстэни «Тугутчаан» уһуйаан улахан бөлөҕүн иитиллээччитэ Сюзанна Слепцова дьиэ кэргэнинээн ааҕыылара ылла. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн мааны кыыһа. Аҕалара Иван Николаевич булчут. Ыал ийэтэ Снежана Семеновна уһуйаан иитээччитэ. Салайааччы С.С.Слепцова.

6-7 саастаах оҕолорго Айсан Слепцов кыайда («Тугутчаан», бэлэмнэнии бөлөх). Айсан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ортоку оҕото. Аҕалара Дмитрий Семенович «Эдек» этно-култуурунай киин уус-уран салайааччыта. Ийэлэрэ Анна Сергеевна Майыар орто оскуолатыгар омук тылын учуутала. Салайааччы Ньургуйана Владимировна Слепцова.

Маны таһынан «Көхтөөх дьиэ кэргэн», «Истээччи биһирэбилэ», «Кэскиллээх кэпсээччи», «Бастыҥ кэпсээччи», «Удьуор остуоруйаһыт ыал», «Бастыҥ остуоруйалаах дьиэ кэргэн» номинациялар ананнылар.

Күрэххэ 10 оҕо, дьиэ кэргэннэринээн аахтахха 37 киһи кытынна.

Тэрээһин төрөөбүт тылынан саҥарыыны, дьиэ кэргэн бииргэ ааҕарын көҕүлүүр уонна төрөөбүт тыл эйгэтин харыстыырга, бөҕөргөтөргө туһуланар. Эһиил эмиэ бу күрэхпитин ыытыахпыт. Кэлин элбэх үчүгэй материал түмэн, аудио-кинигэ оҥорор баҕалаахпыт.

 Олус наадалаах, бэртээхэй тэрээһин Уолбут у7уйаанын иитээччилэртэрийбиттэрин тоһоҕолоон бэлиэтиир наада. Хомойуох иһин, оҕолорбут нууччатымсыйдылар, төрөөбүт тылларынан саҥарар-кэпсэтэр дьоҕурдара сыллата мөлтөөн иһэр. Тоҕотун бары билэн олордохпут. Онон маннык тэрээһиннэр олус наадалар. Оҕолорбут сахалыы сайаҕастык саҥаралларын туһугар кинилэр интэриэстэрин тардар сахалыы эйгэни кэҥэтэ, сайыннара туруҥ!

 

Хаартыскаҕа Айсан Слепцов дьиэ кэргэнин кытта.

Сусанна Никитина.