«От-2023» диэн хамсааһын күн бүгүн түмүктэннэ. Атырдьах ыйын 28 күнүнээҕи туругунан улуус үрдүнэн 2445,5 тонна от оттонон, сезоннааҕы былаан 139 бырыһыан аһара толорулунна. Санатар буоллахха, Абый улууһугар 1764 тонна сүөһү дороххой аһылыга бэлэмнэниэхтээҕэ.
Нэһилиэктэринэн көрдөрүү маннык:
Абый нэһилиэгэр 776 га ходуһа охсулунна, 936 тонна от кэбиһилиннэ. Манна Дьооску участагар 355 га иэннээх сиртэн 420 онна от ылылынна. Муҥурдаах нэһилиэгэр 317 галаах ходуһаттан 604 тонна от бэлэмнэннэ. Майыар нэһилиэгэр 167 га сир охсулунна уонна 193,5 тонна от кэбиһилиннэ. Уолбут нэһилиэгэр 231 га сиртэн 292 тонна от күрүөлэннэ.
От үлэтигэр барыта 231 отчут үлэлээтэ. Ходуһаларга 54 тыраахтар, 85 звено, ол иһигэр 15 механизированнай, 32 механизированнай аҥардаах, 9 көлө-илии уонна 29 илии звенолара үлэлээтилэр.
Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, быйыл сайын 554,5 тоннанан аһарыы буолла, ити өссө биир ый эрдэлээн ситиһилиннэ.
М. СЛЕПЦОВА, улуус тыатын хаһаайыстыбатын салаатын кылаабынай специалиһа.