«Бураны» ыытар бырааптаах элбиир  

Бу күннэргэ Дьокуускайтан Гостехнадзор специалиһа кэлэ сылдьан Ураһалаах нэһилиэгэр «Буран» көлөнү ыытааччыларга А1 категориялаах ыытар быраапка тургутууну ыытта. Быйыл ити тургутууну ааһаннар, 12 киһи бырааптарын ыллылар, кинилэр ортолоругар кыргыттар бааллара кэрэхсэбиллээх.

Манна даҕатан эттэххэ, Ураһалаах орто оскуолата бураны, гусеничнай тракторы, мини тракторы ыытарга үөрэтэр лицензияны 2009 сыллаахха ылбыта. Кэнники сэттэ сылга 14 үөрэнээччи быраапка тургутууну ааһаннар, сорохторо билигин «Дороги Арктики» тэрилтэҕэ тиийэ үлэлии сылдьаллар. Бу тэрилтэ директора Петр Борзов Ураһалаах орто оскуолатыгар трактористары бэлэмнээһиҥҥэ партнерскай сыһыаны олохтообута хайҕаныах эрэ тустаах.

Быйыл онус кылааска үөрэнэр оскуола оҕолоро эһиил быраабы ыларга тургутууну ааһыахтара, кинилэр производственнай маастар Гаврил Оконешников салалтатынан агрооскуолаҕа от тиэйиитигэр практикаланаллар. Кини иннинэ Дмитрий Саввин, Дмитрий Степанов салалтатынанүөрэппиттэрэ. Онон бэлэмнэрэ теориянан эрэ муҥурдаммат.