Буойун быраабын күөмчүлээмиэххэ

Муус устартан Россияҕа армияҕа ыҥырыы саҕаланна. Призывниктары СВО-ҕа ыыппаттар диэн буолар. Ийэ дойдубутун көмүскүүргэ мобилизацияламмыттар, контрактниктар уонна баҕа өттүнэн сулууспалааччылар сөп буолаллар дииллэр.

Бүгүн мин Уолбут олохтооҕун, ДЭС үлэһитин С. Егор Аркадьевиһы кытта кэпсэттим. Кини Запорожьеҕа анал байыаннай дьайыыга биһиги улууспутуттан биир бастакынан мобилизацияламмыт буойун буолар. Егор бэйэтэ этэринэн, ол ааспыт ыраатта, киһи ахтымыах да курдук, ол гынан баран чэйдии олорон кэпсээбититтэн, киһи өйдөөбөт түгэннэрэ баарынан суруйарга быһаардым.

Егор ол ааспыт ыар кэмнэри саҥаттан санаан кэпсиирэ ыараханын киһи өйдүүр. Онон кылгас диэн баалаабаккытыгар көрдөһөбүт.

—1991 сыллаахха Вологдаҕа сулууспалаабытым, стройбакка дорожнай чааска. Сержант, отделение командира этим. Армияттан кэлэн баран, Белай Гораҕа РТК-а үлэлээбитим, үс сыл үөрэммитим, ОДьКХ маастарынан, Уолбукка землеустроителинэн, ДЭС-кэ үлэлээбитим. Онтон СВО-ҕа мобилизацияҕа хабыллан Уссурийскайга учебканы ааспытым. Күһүн байыаннай чааспар ыыппыттара. Запорожьеҕа. Саха сириттэн, Магаданскай уобаластан элбэх этибит. Чугуевка, Авдеевка таһыгар оборонаҕа сыттыбыт. АК-12 диэн саҥа, отдачата суох автоматы, броник, каска, противогаз биэрдилэр. Ол аата гвардейскай мотострелковай полк штурмовой батальонугар анаммыт эбиппит. Нэһилиэнньэ биһигини үөрэ көрүстэ: «Оо, сибиряки приехали, теперь врага остановят!» — дэһэллэр. Күн аайы артиллериянан ытыалаһыы, өстөөх атаакалаатаҕына («кочующий укроп» диэн ааттыыбыт) пулеметунан, автоматынан ытыалаан төттөрү үүрэбит. Траншеябыт барыта бадараан, гильза бөҕө, иһэр уу кэмчи, кутуйахтар буулууллар, гуманитарка биирдэ эмэ, ону да сороҕо эрэ кэлэр. Чопчу кимиэхэ эрэ аадырыстаммыт буоллаҕына син туттараллар. Ыарахан олох, иннибит барыта миинэлэнэн, онно эрэ эрэллээхпит. Биһиги кэлиэхпит иннинэ сытыйыт өлүктэри хомуйбуттар этэ.

Нацистар артиллериянан ыталлара элбэҕэ бэрт. Федоровка бөһүөлэк аттыгар биир оннук налекка снаряд миигиттэн чугас эһиннэ, буорунан көмөн кэбистэ, каскабар таастар түһэн тобурҕаттылар. Турбутум төбөм эргийэр, харахпар дьон икки буолан көстөллөр. Контузияламмыппын. Онтон ыла давлением тахсар, санным, сиһим ыалдьар буолбутара. Итинник сэриилэһэн алта ый ааста. Сааспынан демобилизацияламмытым.

Дьокуускайга кэлэн реабилитацияламмытым да, туругум толору чөлүгэр түһэ илик. Билигин дойдубар дизелистиибин. Россия иннигэр ытык иэспин толордум да, севернай надбавкам, сэриигэ сылдьыбыт выплатам төлөнө иликтэр. Айаным ороскуотун бэйэм уйуммутум, куһаҕана диэн сорох билиэппин сүтэрэн кэбиспитим баара. Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа диэн дастабырыанньам суох, кинилэргэ анаммыт чэпчэтиилэринэн, өҥөлөрүнэн ол иһин туһаммаппын, — диэн Егор курус кэпсээнин түмүктээтэ.

Үөһэ эппитим курдук, ити бюрократическай аахайбат буолууну бэйэбит штабпыт, улууспут дьаһалтата, военкомат болҕомтоҕо ылан көннөрөн, Егор эппитин быһаараллара, сокуонунан көрүллүбүт үбү-харчыны төлүүллэрэ буоллар диэн суруйдум.

P.S. Олунньуга Ил Түмэн депутата Гаврил Алексеев улууска кэлэ сырыттаҕына ыстааб туох баар ирдэниллэр докумуону хомуйан кини илиитигэр туттарбыт. Бу проблемаҕа үлэлэһиэм, эппиэтин биллэриэм диэн эрэннэрбит.

 

 Николай ПЕТРОВ.