Кэбэргэнэҕэ билигин дьоҕус хаһаайыстыбалаах Анна Михайловна Жиркова миигин кытта кэпсэтэргэ сөбүлэһэн, дьаһалта дьиэтигэр көрүстүбүт. Бааһынай хаһаайыстыбалаах дьону аллар үп үрдүгэр олороллор диэн үөскэтиллэн хаалбыт өйдөбүлтэн тэйитэр санаалаах бу кэпсэтиибин саҕалыыбын. Атын дьонтон арыый да ордуктук олорор буоллахтарына да, кинилэр харыларын күүһүнэн, өйдөрүнэн, дьулуурдарынан, билиилэринэн ордоллор дии саныыбын.
Анна Михайловна икки үөр сылгылаах, 39 сылгыны тутарыттан биэтэ сүүрбэттэн тахса. Көмөлөһөр дьоно — таайа, балта, убайа Дмитрий Михайлович Слепцов эбиттэр. Сыаҥааннаах диэн сайылыкка базаланан, хараал туттан, онно сүөһүлэрин ахсаанын чөлүгэр түһэрэрдии былааннанан үлэлииллэр. Тоҕо диэтэххэ, икки кэнники сыл кулуннара өлүтэлээннэр, үөр ахсаана эбиллибэт. Аҥардас быйыл сэттэ-аҕыс кулун өлбүт. Тоҕотун токоолоспуппар, ходуһаларбытыгар өртөөһүн ыытыллыбатыттан, үчүгэй симэһиннээх от үүммэт буолбутуттан, оннооҕор күрүөҕэ турааччылар кытта өллүлэр диэн быһаарда Анна Михайловна.
Кини урут өссө кроликтары анал килиэккэлэргэ тутар эбит, ону тохтоппут. Төрүөҕэ үчүгэй, этин амтана минньигэс диэн икки кролигы оҕолор иитэллэригэр, ууһаталларыгар анаан Майыар агрооскуолатыгар бэлэхтээбит.
2015 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын министерствотын Граныгар анньыһан, «Дьиэ кэргэн бизнеһэ» диэн хайысхаҕа 1 мөлүйүөн 800 тыһыынча солкуобай ылан, хараал туттубут, нэһилиэнньэҕэ араас өҥөнү оҥорор сыаллаах ДТ-75 тыраахтары ылыммыттар. Сайын аайы 35 тоннаҕа тиийэ оту кэбиһэллэр эбит, онно «Синтай» трактордаахтар.
Үөрүөм быатыгар, Анна Михайловна өссө урбаанньыттар миигинэн эрэ бүппэттэр диэн, арыыны, сүөгэйи оҥорон таһааран, дьоҥҥо атыылыыр Сидор Сидоровы ахтан ааста, Ираида Афанасьевна Слепцова туһунан кылгастык да буоллар сэһэргээтэ. Бу уон биир оҕолоох дьахтар бөһүөлэктэн тэйиччи, сэттэ биэрэстэлээх сиргэ, Намы күөлгэ быраҕыллыбыт учаастагы баһылык Иван Атласов анаан, онно хортуоппуй олордон атыыга таһаарар эбит. Манна базаларыгар бэйэлэригэр сөптөөх дьоҕус дьиэ, гараж, баанньык, бадыбаал баалларын истэммин, үлэлииргэ, сынньанарга усулуобуйа суох диир табыллыбат эбит дии санаатым.
Уопсайынан да олохтоох дьаһалта бааһынай хаһаайыстыбаларыгар көмөтө кырата суох. Ол курдук, комбикормунан да хааччыйар, от тиэйиитигэр тракторы наймылаһыыга 50 бырыһыан чэпчэтиини оҥорон, аҥарын уйунар, ону таһынан хотон, свинарник тутуутугар, кролигы уйалыыр килиэккэлэргэ матырыйаалынан көмөлөһөр, аҕалан биэрэр буолан дьон махталлара улахан.
Үлэ-хамнас атахтаммакка, биир күрүс барарыгар балачча улахан кыһалҕалар баалларын этинээччилэр эмиэ бааллар. Холобур, уматык сыаната олус ыараханын, техникаҕа саппаас чаас буларга эрэйин, сыаната ыараханын, сүөһүнү эмтээһиҥҥэ уонна кулуннар өлүүлэригэр анаалыс түмүгэ бытааннык оҥоһулларын туһунан. Кэпсэппит дьонум вакцинация кэмигэр босхо оҥоһулларын биһиирииллэрин биллэрдилэр. Биир ыра санаалара диэн — бу күһүҥҥү ылааҥы кэмнэргэ эбэтэр хаһыҥ түһэр кэмигэр болуоссакка үүнүү-быйаҥ дьаарбаҥкатын тэрийиини баҕарыы буолар эбит. Эт тоҥор буолбутун кэннэ да сөп диэччилэр эмиэ бааллар. Онуоха интэриэһиргээммин ыйыппытым — биэдэрэ сугун, уулаах отон 4-түү тыһыынча солкуобай, морошка 1 киилэтэ 1300 солкуобай буолар диэтилэр. Эт, балык, оҕуруот аһын, хортуоппуй, үрүҥ ас сыанатын атыылааччылар бэйэлэрэ быһаллар диэн буолла.
Ити курдук, Майыар нэһилиэгэр аһы-үөлү оҥорон таһаарааччылар баар ыарахаттары аахсыбакка, кыһалҕалар хаһан быһаарыллалларын кэтэспэккэ, үөрүйэхтэринэн үлэлии, хамсана сылдьаллар. Кинилэр үтүө — дьон туһугар үлэлэрэ ситиһиилээх буоллун!
Николай Петров.