Аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан

Абый нэһилиэгэр 75-тэрин ааспыт 18 аҕам саастаах дьонноохпут. Кинилэр сөбүлүүр дьарыктаахтарын, чөл олоҕу тутуһалларын, сүүрэ-көтө, олох бүппэт түбүгэр сылдьалларын үөрэ көрөҕүн.   

Нэһилиэк ытык дьоно Анна, Ариан Томскайдар кырдьар диэни билиммэттэр, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьаллар. Сүөһү ииттэллэр, куурусса көрөллөр, сайын ахсын оттууллар.  «В здоровом теле – здоровый дух» диэн девизтээхтэр. «Күммүт сарсыарда 5 чаастан зарядкаттан саҕаланар. Ханнык да күн-дьыл турдун, күн аайы кэргэммин Арыйааны кытта дьиэбит таһыгар зарядкалыыбыт, эппитин-хааммытын чэбдигирдэбит. Мин 6-с  кылаастан саҕалаан,  остуол тенниһигэр дьарыктаммытым.  Ол саҕана физкультура учууталларынан Владимир  Петрович Неустроев, Илья Васильевич Павлов, Егор Алексеевич Слепцов үлэлээбиттэрэ. Сонун зарядка элеменнэрин көрдөрөллөрө, сөпкө  хамсанарга-имсэнэргэ үөрэтэллэрэ. Оттон Арыйаан  9-с кылаастан, интернакка олорор кэмигэр, тустуунан дьарыктаммыт, бэйэтин этин-сиинин, доруобуйатын көрүнэрин саҕалаабыт.   Онтон ыла 78 сааспытыгар  диэри биир да күнү көтүппэккэ  зарядкалыыбыт, доруобуйабытын тупсарабыт.  90-с сылларга «Здоровье»  сурунаалга хаалыктаах  хаамыы диэн сааһыттан тутулуга суох, туһалаах дьарык туһунан аахпытым. Икки хаалыктаах хаамалларын олус сэргээбитим уонна  ким да көрбөтүгэр дьиэм тула хаамар буолбутум.  Үлэбиттэн  дэлби сылайан кэлэн, таһырдьа  тахсан хаамтахпына, тута сылайбытым ааһан хаалара. Арыйаан күн ахсын «Талахтаахха»,  «Тумуһахха» тиийэ сүүрэрэ. Кэлин, сааһыран, скандинавскай хаамыынан дьарыктанар. Кэлэ-бара 3 көһү хаамар. Салгыҥҥа 1-2 чаас хайаан да сылдьар.   Биһиги кимиэхэ эрэ көстөөрү буолбатах, бэйэбит доруобуйабыт туһугар  зарядкалыыбыт, хаамабыт.  Билиҥҥи үйэҕэ доруобай  киһи –саамай дьоллоох киһи буолар».

Анна Афанасьевна директордыыр  кэмигэр, 1991 сылга, оскуолаҕа зарядка оҥоруутун киллэрбитэ. Онтон ыла бу күҥҥэ диэри маҥнайгы уруокпут зарядкаттан саҕаланар.  Учууталлар үөрэнээччилэри кытта күһүн, саас таһырдьа, тымныы кэмҥэ кылаас иһигэр, көрүдүөргэ хас күн аайы 10 мүнүүтэ зарядкалыырбыт үтүө үгэспит.

Стручкова Акулина Дмитриевна 78 саастаах элбэх оҕолоох ийэ, эйэҕэс эбээ, хос эбээ. Сүөһү көрөн,  иистэнэн уһун күнү быһа соло булбакка түбүгүрэр. Айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр, сайын ахсын оҕолорун, сиэннэрин кытта оттуур, отоннуур. Күһүн эрэ буоллар, уолугар Дьооскуга буранынан баран убаһа өлөрүүтүгэр кыттар, истээн-астаан, барытын дьаһайан кэлэр.  Эбээ Акулина хайа да эдэр дьоннооҕор тэтиэнэх. Аҕыйах сыллааҕыта, суол-иис суох кэмигэр сайын  оҕолорун кытта Дьооскуга сатыы тиийэн кэлбитин биир бэйэм олус соһуйа истибитим.   Акулина Дмитриевна  саха төрүт таҥаһын, түүлээҕи эдэр эрдэҕиттэн тигэр. Оҕолоругар, халыҥ аймахтарыгар бэргэһэлэрин, унтууларын эбээлэрэ билигин да барытын тигэ, абырахтыы олорор.

 Васильева Мария Степановна 79 саастаах.   Абый нэһилиэгэр оҕуруот үүннэриитигэр «суолу тэлээччи»  диэххэ сөп.  Эдьиийин Мария Яковлева сүбэтинэн-аматынан 80-с сыллартан оҕуруот аһын хото олордор. Оҕуруот аһын олордуу кистэлэҥнэрин баһылаабыт хаһаайка хас күһүн аайы өлгөм үүнүүнү ылар. «Абыйга кэлэн, чааһынай дьиэ туттан баран, 1984 сылтан теплицаланан, оҕуруоттанан саҕалаабыппыт. Оҕуруот аһын арааһын таһынан, уохта, моонньоҕон, дөлүһүөн, хаптаҕас, акация, черемуха, бузина, малина үүннэрэбит. Оҕолоотоххо, көрдөххө-иһиттэххэ хоту да сиргэ бары-барыта үүнэр эбит. Сылыттан көрөн 7-8 киилэ уохтаны, отонноох атын мастартан аһы кыралаан, дьэ, ылар буолан эрэбит. 2015 сыллаахха кыыһым олохсуйан олорор дойдутуттан — Кэбээйиттэн хатын аҕалан олордубутум. Онтон Чурапчыттан кыыһым Надежда хатыҥ сиэмэтин ыыппытын ыспыппыт. Оннук сыл аайы хатыҥнарбыт сиэмэтин  рассадалаан, дьоннорбутугар биэрэбит, сороҕун атыылыыбыт. Отонноох мастарбар сыл аайы саас хаар бүтэ илигинэ итии ууну кутабы. Оччоҕо үөнэ-көйүүрэ суох үүнэр».

Сухомясова Тамара Васильевна 81 саастаах ытык ийэ, эбээ. Дьиэ иһигэр бүппэт түбүктээх. Киэһэ ахсын оҕолорун бииргэ мунньан эбиэттэтэр, киэһээҥҥи аһылыкка дэлэй астаах остуолугар күн ахсын күүтэр. Тамара Васильевна   саас күстэхтэн оҥоһуллубут «фирменнэй»  паштетынан чугас дьонун, доҕотторун күндүлүүр. Күстэхтэн хачымаас бэлэмниир. Саас рассаадатын бэйэтэ көрөр, оҕолуур. Оҕуруот аһын арааһын барытын олордор. Арбуһу, дыняны, физалис диэн эриэккэс отону сыл ахсын үүннэрэр. Дьиэ таһыгар сөбүлээн олордор сибэккитэ подсолнух!  Күһүн оҕурсуутун бэйэтэ эрэ билэр рецебынан маринуйдуур. Тэллэйи сөбүлээн кэнсиэрбэлиир, кыһыҥҥыга уурунар. Кыһын эбээ Тамара кэнсиэрбэтэ, маринада ыраах-чугас олорор сиэннэригэр күүтүүлээх кэһии буолар.

Ырыа-тойук аргыстаах Слепцова Елена Егоровна. Оҕо эрдэҕиттэн сыанаттан түспэт артыыс. Аҕата норуокка биллэринэн холоруктаах буурҕалаах Холлой Дьөгүөр. Аҕатын батан, айылҕаттан талааннаах, дьикти элбэх кэпсээннээх, ырыа аргыстаах эбээ. Былыргы ырыалартан аныгы ырыаларга тиийэ билэр.  Былыргы нууччалыы, сахалыы ырыаны барытын өйдүүр. Аҕатын курдук тута айан ыллыыр дьоҕурдаах.   Хас биирдии ырыата барыта остуоруйалаах, геройдардаах. Киэһэ ахсын оҕолоро, сиэннэрэ эбээлэрин тула мустан, кини ырыатын хайаан да истэн баран утуйаллар.  Хоһоон суруйар, мелодия айар. Бэйэтэ кэпсииринэн, ас-үөл кырыымчык кэмигэр, кыра сылдьан, дьоҥҥо ыллаан-туойан айаҕын ииттэр эбит. 84 саастаах ытык кырдьаҕас билигин да сиэннэригэр, хос сиэннэригэр көмөлөһө, дьаһайа олорор. Туох баар сонуну, политиканы радионан, телевизорынан истэн,  сырдатар «дьиэтээҕи политинформатор». Дойду бэрэсидьиэнэ В.Путин, Ил Дархан А.Николаев быһа биэриилэрин биир да сыл көтүппэккэ көрөр.  «Олоҕу ырыа тупсарар, ыллыыр киһи санааҕа ылларбат, кэрэни эрэ көрөр» диэн санаанан салайтарар.

Ити курдук, аҕам саастаах ытык дьоммут сөбүлүүр дьарыктаах, элбэхтэ сибиэһэй салгыҥҥа хаамар-сүүрэр, дьону-сэргэни кытта билсэ-кэпсэтэ, ыллыы-туойа, аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ сайда олорор  буолан,  бачча саастарыгар диэри чэгиэн-чэбдик олороллор,  үөрэ-көтө сылдьаллар, эдэр ыччакка үтүө холобур буолаллар.

Анна Чиркова, Абый с.