Абый улууһугар Анатолий Николаевич Софроновы олохтоохтор үчүгэйдик билэр киһилэрэ. 65 сыл анараа Дьокуускайга төрөөтөр да, өйүн туппут, үлэһит быһыытынан баараҕатыйбыт сыллара манна, дьон-сэргэ хараҕын далыгар, улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар туруулаһан үлэлиир кэмнэригэр ааспыттара. Бүгүн кини редакция ыалдьыта.
— Анатолий Николаевич, 44 сыл устата Абыйга салайар үлэлэргэ үлэлээтин. Ханнык түгэннэри, кими кытта алтыспыккын суолталаах диигин?
— Абый оройуонугар, араас сылларга үлэлээбит тэрилтэлэрим бары суолталаахтар. Бастакы үрдүк үөрэхпин бүтэрэр кыаҕы биэрбит, идэни ылбыт Абыйдааҕы лесничество салайааччыта Н.С. Никитина, наставнигым, РФ булдун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Н.Н. Черемкин, тыа маастара Д.Н. Сивцев көмөлөрүнэн Абый сирин-уотун, булдун-аһын, айылҕатын, дьонун-сэргэтин ыкса билсибитим. Ордук лесхозка үлэлиир сылларбар 1984 сыллааҕы улахан ойуур баһаарын бүтүн оройуон дьоно, республика, Дальнай Восток, Сибиир анал биригээдэлэрэ кыттыылаах умулларыыны өйдүүбүн. Лесниктэр Үөһээ Халыма кыраныыссатыгар инники күөҥҥэ сылдьар биригээдэлэри көрсөн, салайан, уһун сайыны быһа уокка утарылаһан, оройуон киин бөһүөлэгин быыһаабыппыт.
Үөрэхпин бүтэрэн мелиорация линейнэй инженер дуоһунаһыгар киирбитим, инженер быһыытынан үлэм саҕаламмыта. Оройуоҥҥа оттуур, мэччирэҥ ходуһалары таһаарыыга элбэх куурдар ситимнэри тутуу саҕаламмыт этэ. Оччолорго миэхэ бу системалары салгыы ситэрии, муосталары тутуу соруктара турбуттара. Совхоз сакааһынан Уолбукка От Үрэҕи туоруур 6 пролеттаах, мууһу хайытар (ледорезтаах) муостаны туппуппут, бастакы анал бырайыактаах муоста дьоҥҥо 20-чэ сыл туһалаабыта.
Сайынны ыйдарга, үлэ ыйдааҕы түмүгүн таһаара, Белайтан самолетунан кэлэн, Абыйтан Оттоох Атах Бэһилэлээҕэр, Сымыыттыырга, Мохсоҕоллооххо, Абый Сылгы ыытарыгар, Арыылааҕар, Кэбэргэнэ Төрүт сиэнигэр, Хаҥалаһыгар, Киэҥ Күөлгэ Уҥа айахха, Сыһыы күөлүгэр, Суторуоха Бас күөлүгэр сайыҥҥы бырдах быыһынан, күөллэри ыттыы эҥэрдээн, лээбини кэһэн сатыы сылдьан, оннук маршрутунан төннөн, оҥоһуллубут үлэлэр объемнарын мээрэйдээн, ааҕан-суоттаан, актаан, сакаасчыкка — совхоз дириэктэригэр илии баттатан, үлэһиттэрбит, механизатордарбыт, экскавторщиктарбыт хамнастарын аахтарарым. Салайааччым В.П. Унаров, старшай инженерим Н.П. Туласынов этилэр. «Индигир» совхозка директор А.А. Чирков ыҥырыытынан тутуу маастарынан, старший прорабынан үлэлээбитим. Онтон агрофирма директора Ю.М. Жирков тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы дуоһунаһыгар үүннэрбитэ. Суторуохаҕа, Уолбукка, Кэбэргэнэҕэ, Белайга тыа хаһаайыстыба элбэх объектарын туппуппут. Абыйдааҕы МПМК прорабтарын кытта элбэхтик алтыһарым, кинилэртэн тутууну тэрийэргэ үөрэммитим, билбитим. Ол сылларга совхоз тутууга наадыйар пиломатериалын, атын да стройматериалы, барыта 1500 куб объемнааҕы Өлүөхүмэттэн, Ленскэйтэн леспромхозтан атыылаһан, тиэйэн уу суолунан ыытааччыбын.
«Кырымах» диэн ТХП салайааччытынан 36 саастаахпар Абый улууһун баһылыга Н.И. Соломов дьаһалынан анаммытым, улахан оскуоланы ааспытым. Николай Ивановичтыын кини улууһу салайбыт бириэмэтигэр орто звено салайааччыларын ахсааннарыгар талыллан үлэлээбиппин олоҕум биир суолталаах түгэнинэн ааҕабын.
«Кырымахха» Сутуруохаҕа 90 сылларга, саамай ыһыллыы-тоҕуллуу муҥутаан турар кэмигэр, үс сыл үлэлээбитим. Үлэһиттэрим, дьонум-сэргэм көмөлөөн, өйөөн, туруулаһан, материальнай-техническэй базабытын, сүөһүбүтүн, сылгыбытын, килиэккэлээх саһылбытын, булт-балык учаастактарбытын кичэйэн харыстаабыппыт, үлэ миэстэтин ыспакка үлэлээбиппит. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксайатын көрдөрүүлэрэ куһаҕана суохтара, оройуоммутугар бастыҥ хаһаайыстыбанан биллибиппит. Бородууксуйа баара, харчы суоҕа, дефолт улахан адаҕа буолбута, судаарыстыба көмөтө суох хаһаайыстыба инникитэ суоҕа биллэрэ.
Аппаратым үлэһиттэрэ: кылаабынай бухгалтерым Н.Н. Чиркова, кадр салаатын салайааччыта Л.Г. Садовникова, механик О.К. Бережнов, булт-балык отделын салайаачыта И.И. Садовников, охотпромысел, ГСМ ыскылаатын сэбиэдиссэйэ Р.Р. Попов, МТФ ыстаарсайа Н.Г. Колесова, сылгы звенотун салайааччыта Э.К. Бережнов, племенной звероферма сэбиэдиссэйэ Е.К. Новикова, солбуллубат суопарым П.В.Борзов уонна да атыттар кыахтарынан үлэлээбиттэрэ. Улахан өйөбүлү нэһилиэк салайааччыта Ленин орденнаах И.Е. Стручков оҥороро.
Сутуруоха кырдьаҕастара үлэҕэ быһачы кытталлара, сылгы иитиитигэр сүбэһитим Д.Н. Садовников, оттооһуҥҥа Г.Н. Садовников, Д.Н. Слепцов, А.Н. Стручков, М.И. Стручков, сүөһү иитиитигэр Е.А. Банщикова уонна да атыттар буолаллара.
1985 сыл саас Кэбэргэнэҕэ Аан Таастан 500 ыччат табаны (ынаахтар) кулгаахтарын имнээн, ааҕан 4-с ыстаада «Андрей Таас» сиригэр Г.Н. Хабаров (Хабыытта) салалтатынан Кыһыл үрэҕинэн, Хайа туундаратынан,
аартыктарынан быһа түһүтэлээн илдьибиппит. Айылҕа дьонун ыкса билсиим төрүттэммитэ.
Улуус тыатын хаһаайыстыбатын салайааччытынан 39 сааспар анаммытым, алта сыл улууска тыа хаһаайыстыбатын өйүүр механизмнары, кооперативтары тэрийэн, бородууксуйаларын тутар биир кэлим заготовка систиэмэтин тэрийбиппит.
Статистика этэринэн улууска 1998-2004 с.с., ынах сүөһү ахсаана 1611-1532 (-79), ыанар ынах 706-692 (-14), сылгы 3209-2895 (-314), биэ 2015-1821 (-194), таба 1978-1210 (-768) баара. Оттооһуҥҥа республикаҕа иккитэ бастаабыппыт. Муома улууһун ыксаллаах балаһыанньатыгар 1000 тонна оту престээн, баайан, этиллибит болдьоххо тириэрдибиппит, «Алгыс» ГУП дириэктэрэ А.В.Стручков дьаныардаах үлэтинэн ситиһиллибитэ. Элбэхтэ нэһилиэктэринэн, сылгы базаларынан, ыстаада а кэлэн-баран, 6 сыл устатыгар улахан сүтүгү таһаарбакка үлэлээбиппит.
—Судаарыстыбаннай үлэн туһунан сырдата түс эрэ.
—2000-2003 сс. Государственнай сулууспа Дальнай Востоктааҕы Академиятын үөрэнэн бүтэрбитим. 45 сааспар Абый улууһун дьаһалтатын аппараатын салайааччытынан анаммытым уонна баһылык солбуйааччытыгар тиийэ үлэлээн 2013 с. быыбар түмүгүнэн бүтэн атын үлэҕэ барбытым.
Баһылык Р.И. Винокурова саҕана 2003 с. РФ олохтоох бэйэни салайыныы сокуонун оройуон, онтон 2005 с. нэһилиэк таһымыгар олохтооһуҥҥа улахан тэрээһин үлэ ыытыллыбыта, олоххо киирбитэ. Улууспут Гербэтэ, Былааҕа, Гимнэ бигэргэммитэ, «Абыйский улус. От седой старины до наших времен» диэн эн суруйбут кинигэҕин Гуманитарнай институкка бигэргэтиигэ сүүрбүппүтүн, издательство былааныгар киллэттэриигэ кэпсэтии ыыппыппытын дойдубар туһа курдук сыаналанабын. Ити барыта улууспут муниципальнай тутулун историческэй бириэмэтэ этэ.
Ити сылларга нэһилиэк баһылыктара А.А.Томская, М.А.Томскай, А.А. Дохунаев, А.Н. Никулина, И.И.Ефимов, И.С. Атласов, И.П. Корякин, А.Е. Слепцов, И.Е. Стручков, В.А. Явловская, В.Н. Ефимов, В.А. Шкулев көмө, сүбэ-ама, тирэх буолбуттара, бииргэ ыкса сибээстээхтик үлэлээбиппит.
Ити кэмҥэ нэһилиэктэргэ чааһынай дьиэлэр ититии киин ситимигэр холбоммуттара, саҥа модульнай ДЭС тутуллубуттара, квартальнай котельнайдар тутуулара саҕаламмыттара.
2013-2014 сс. улуус баһылыга М.Г. Никулин, ТХУ биир сылга контрагынан салайтарбыта. Онтон 55 сааспар 2014-2019 сс. СР КП «Дороги Арктики» диэн бастакы Центральнай суол учаастагын, онтон уопсай отделы салайбытым. Суол-иис хаһаайыстыбатын саҥа тэрилтэтэ Арктика улууһугар Абыйга Белай Гораҕа кииннэнэн тэриллибитэ, олохпутугар-дьаһахпытыгар чэпчэтиини, инникигэ эрэли аҕалбыта. 2018 с. СР транспорын министерствота салайарга табыгастаах диэн тэрилтэ аппараатын Дьокуускайга көһөрөргө быһаарыы ылыммыта. Ити быһаарыыны утаран баһылык С. Я. Цюхцинскайга туруорсубутум, үлэбиттэн тохтуурбун сэрэйэн туран. Туруорсууну Ил Дархан А.Н. Николаев өйөөн, ол кэмҥэ көһөрүү тохтообута. Хомойуом иһин, 2023 с. тэрилтэ ким да мэһэйэ суох холкутук көспүтэ.
—Билинни кэмнэ, пенсияҕа бараары олорон тугу ситистим, туох кыаттарбата дии саныыгын?
—Абыйбар үлэбин лесниктэн саҕалаан түмүгэр экология инспекциятын салайааччытынан үлэлээн, 44 сыллаах актыыбынай үлэм биэтэгэ тиийэн кэллэ. Бэйэм ис кыахпынан туруоммут торуммун толору ситистим диэн саныыбын, салайар үлэҕэ идэбин баһылаан үлэлээтим, дьоммун-сэргэбин кытта олоҕу-дьаһаҕы тэрийсэн кэллим. Кыаттарбатах боппуруос диэн — улууспар дьон көһүүтэ, оҕо ахсаана аччааһына дьиксиннэрэр. Экология өттүгэр оҥорон таһаарар, олохпут-дьаһахпыт бөҕүн-сыыһын сатаан дьаһаммаппыт адаҕалыыр, кэмигэр ойуур баһаардара улахан хорумньуну таһаараллар, сэлии муоһун хостооһун сокуонунан ситимнэммэтэҕин элбэхтэ Правительство отчуоттарыгар, депутаттарбытыгар туруорсабын.
— Бэйэҕит сынньалаҥҥытын хайдах атаараҕыт, дьиэ кэргэн үгэстэрэ…
—Индигир эбэбитигэр, даачабытыгар, балыктыыбыт, сир астыыбыт, хортуоска олордобут, кыһын муус аннынан илимнэнэбит, бөһүөлэк культурнай олоҕор кытта сатыыбыт. Үөлээннэхтэрим, доҕотторум-атастарым элбэхтэр. Киһиэхэ үтүөнү оҥорортон салгыма диэн принциптээхпит. Онон, мин дьиэ-кэргэммэр, аймахтарбар, доготторбор тирэҕирэбин. Абыйым дьонугар-сэргэтигэр ытыктабылбын, истиҥ махталбын тиэрдэбин.
Кэпсэттэ Николай ПЕТРОВ.