Биһиги улууспутугар ааспыт нэдиэлэҕэ Республиканскай клиническэй балыыһа офтольмалогическай хирургиятын биригээдэтэ кэлэн олохтоохтор харахтарын көрөн, эппэрээссийэлээн барда.
Түбүктээх үлэлэрин быыһыгар офтальмолог-хирург Максим Дьячковскайы кытта көрсөн кэпсэппипитин эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабын.
— Максим Николаевич, эһиги кылгас кэм иһигэр дьон бөҕөнү көрөн, харахтаан, махтал бастыҥын ылбыккытын истэбин. Барыта хайдах ааста?
— Биһиги глаукома курдук олус куһаҕан ыарыыны буолбакка, харах арыый ама ыарыытын эмтии кэллибит. Бу катаракта ыарыы диэн харах тутулун алдьатар, киһи көрбөт да буолар туруктанарыгар тириэрдэр ыарыы буолар. Үксүгэр харах хрусталига бөлөөрөр, пленка курдугунан сабыллар. Итинэн сибээстээн киһи хараҕыттан матыан сөп. Эминэн эмтээһин үгүс түбэлтэҕэ көдьүүһэ суох буоларынан, эппэрээссийэ эрэ харах көрөр буоларын толору чөлүгэр түһэриэн сөп. Кэлбит сыалбытын ситистибит, элбэх киһини эппэрээссийэлээтибит.
— Манна бу эппэрээссийэҕэ бэлэмнэнии барбыта ыраатта, бэйэбит бырааспыт Елена Ивановна Новикова дьаһалынан анаалыс бөҕөнү аастылар, нэһилиэктэртэн киирдилэр…
— Мин Белай Гораҕа өссө 2010-с сылларга кэлэн сэрэтэр үлэни ыытан барбытым. Оччолортон Елена Ивановнаны билэбин, үчүгэй билиилээх быраас. Куһаҕана диэн аппаратурата, инструмена тиийбэт. Онон минздрав сайаапкатынан бу кэлэн үлэлээтибит. Барыта, медсестрабын Надежда Семенованы кытта 45 киһини приемнаатыбыт. Үгүстэрэ саастаах дьон. Уочаракка суруйтарбыттартан 36 киһини эппэрээссийэлээтибит, итилэртэн 11 киһиэхэ икки хараҕар эппэрээссийэ оҥордубут. Эппэрээссийэ процедуратын толору кэпсиир наадата суох дии саныыбын, арай бөлөөрбүт хрусталиктары ылан баран искусственнай линзаларынан солбуйар туһунан ахтан аһарыахха сөп.
— Оннук буолуо. Дьоҥҥо кылаабынайа хайдах харыстанан сылдьыахха сөбө наада, тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Эппэрээссийэ кэнниттэн хараҕы тымнытымыахха наада. Бастакы нэдиэлэ устата олус харыстаныах тустаахтар, тоҕо диэтэххэ инфекция эҥин киирэр куттала баар, онтон сылтаан сыыстарыы, моһуогуруу үөскүөн сөп. Салгыы ый устата харах чөлүгэр түһэр, пациент толору үтүөрэр. Ол гынан баран бырааска көрдөрүнэр, бэрэбиэркэлэтэр наада.
Алта киһини сыыйдыбыт, ол курдук, доруобуйаларын туругунан, харах сетчатката туллубутунан, ыалдьа сылдьалларынан. Сетчатка туллуутун Дьокуускайга эрэ оҥоруохтарын сөп. Киин балыыһа коллективыгар усулуобуйаны тэрийбиттэригэр махталбытын тириэрдэбин.
— Эһиэхэ улахан махтал. Бу сүдү суолталаах уонна үчүгэй түмүктээх үлэҕит иһин.
ДЬОН САНААТА
Эмтэнэн, харахтарын оҥорторон тахсыбыттартан үлэ бэтэрээнэ Егор Слепцов иккистээн киирээри олорор: «Мин икки харахпынан моһуогуран улаханнык эрэйдэнэ сылдьыбытым. Хата, эрдэттэн, хаһыаттан харах быраастара кэлэллэрин ааҕаммын, анаалыстарбын туттаран, сөбүлэҥ ылан, икки харахпын иккиэннэрин эппэрээссийэлэттим. Отой ыалдьыбат эбит, түргэннэрэ да бэрт. Куоракка эбитим буоллар төһө уһуннук эккирэтиһэрим биллибэт этэ. Хаҥас хараҕым хрусталигын уларыталлара буолуо диэн бу олоробун. Махтал быраастарбытыгар. Абыраллаах дьон кэлэн баран эрэллэр. Бэйэбит быраастарбытыгар эмиэ улахан махтал — тэрийбиттэрин иһин».
Абый улууһун киин балыыһатын офтольмалог бырааһа Елена Новикова: «Бу биригээдэ үлэтэ биһигини барыбытын астыннарда. Хирург Максим Николаевич, медсестра Надежда Афанасьевна олус элбэх киһини харахтарын эппэрээссийлээтилэр. Кылгас кэмҥэ элбэх киһини көрөр оҥорбуттара барыбыт санаатын өрө көтөхтө. Дьон махтала муҥура суох. Бэйэбит өттүбүтүттэн Доруобуйа харыстабылын министерствотыгар уонна Офтольмалогическай балыыһа салалтатыгар улахан махталбытын тириэрдэбит. Үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабыт».