76 улуус күүстээх бөҕөстөрө күөн көрүстүлэр

Абый нэһилиэгэр бырааттыы Хабаровтар ааттарыгар үөрэнээччилэргэ көҥүл тустууга, улахаттарга хапсаҕайга улуустааҕы күрэх ыытылынна.

Тэрээһиҥҥэ 76 улуус күүстээх бөҕөстөрө күөн көрүстүлэр. Күрэх муҥутуур кыайыылааҕынан улахан дьоҥҥо Белай Гораттан Александр Новиков, оҕолорго кини уола Дьулустан Новиков буоллулар, убаһа, сыаналаах бириис туттулар.