Абый орто оскуолатыгар профориентационнай үлэ чэрчитинэн нэһилиэк тэрилтэлэрэ улахан кылаас үөрэнээччилэригэр идэлэрин билиһиннэрэллэр.
Ол курдук, 8-9 кылаастарга олохтоох балыыһа үлэһиттэрэ профилактическай бэсиэдэ ыыттылар, практическай дьарыктары көрдөрдүлэр. Тэрээһин олус туһалаах буолбут.
Оҕолор медицина хайысхатынан үөрэх тэрилтэлэрин, специализацияларын, ханнык предметтэри чуолаан туттаралларын интэриэһиргээбиттэр. Бэсиэдэттэн элбэҕи билбиттэр.
Ону таһынан бастакы көмөнү хайдах оҥорорго, давление кээмэйдииргэ, күөмэйгэ ингаляция оҥорорго үөрэммиттэр.
Оскуола медицинскэй кабинета толору хааччыллыылааҕын бэлиэтииллэр. Элбэх саҥа оборудование, прибордар араастара эбии кэлбит.
Маннык көрсүһүүлэр инники да өттүгэр буолалларыгар баҕарбыттар. Балыыһа үлэһиттэрэ оҕолорго көмөлөһөргө куруук бэлэмнэрин, балыыһа аһаҕаһын биллэрбиттэр.
Анна Чиркова.