Сотору — дьаармарка!

Саха киһитэ этэ, балыга суох  уһун тымныы кыһыны этэҥҥэ, доруобуйатыгар оҕустарбакка туоруура моһуоктардаах дии саныыбыт. Ол сөп. Сайынын чээлэй күөх оттоох мэччирэҥҥэ көрүлээн аһаабыт ынах сүөһү, сылгы, убаһа да эттэрэ биһиги төрүт аспыт буолалларынан, эппитигэр-хааммытыгар сөп түбэһэр, чэгиэн сылдьарбытыгар төһүү күүс буолара биллэр. Ол да иһин, сүөһүнү идэһэҕэ өлөрүүнү былыр былыргыттан манаһан, ити күнү бырааһынньык курдук кэтэһэллэрэ.

Абый улууһун сүөһүтүн, сылгытын этэ амтанынан, иҥэримтиэлээҕинэн Саха сиригэр биллибитэ ыраатта. Улуус үрдүнэн 528 ынах иитиллэн турарыттан сэтинньи 27 күнүнээҕи туругунан 97 хороҕор муостааҕы уонна1463 сылгылаахпытыттан 11-рин идэһэҕэ анаан тутуннулар.  Онон 21 тонна 800 киилэ ыйааһыннаах эт нэһилиэктэргэ миэстэтигэр уонна ахсынньы 15 күнүгэр Белай Гораҕа буолар «Арктика бэлэҕэ» диэн ааттаах тыа хаһаайыстыбатын дьаармаркатыгар атыыга тахсыахтаах. Ити күн өссө «Тоҥ балык-2023»диэн конкурс ыытыллыа. Хас биирдии нэһилиэк онно кыттаары үлэни-хамнаһы тэрийэ, дьону-сэргэни үөрдэ охсоору бэлэмнэнэ сылдьаллар диэн Абый улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салаатын саҥа начальнига Анисия Николаевна Черемкина биһиги хаһыаппытыгар иһитиннэрдэ.

        Николай Петров.