Кыһыҥҥы суол быйыл хойутаан арыллар

«Арктика суоллара» тэрилтэ Абыйдааҕы суол учаастагын үлэһиттэрэ кыһыҥҥы суол арыллыытыгар үлэлииллэр. Бу күннэргэ Белай Гора – Абый – Сыаҥааннаах, Белай Гора – Киэҥ Күөл суол учаастактарыгар муус халыҥын кээмэйдээтилэр. 

«Бүгүҥҥэттэн кыра кыамталаах бульдозер боруобалааһын бэрээдэгинэн Индигиргэ таҕыста.

Кэлэр нэдиэлэттэн Белай Гора – Кэбэргэнэ – Зашиверскай суол учаастагар үлэлиэхтэрэ.

Кыһыҥҥы суол арыллыыта быйыл хойутаата», —  диэн Абыйдаа5ы суол учаастагын маастара Николай Карпов иҺитиннэрдэ.  .

Сусанна Никитина.