«Сыарҕаҕын — сайын, тэлиэгэҕин кыһын бэлэмнээ» диэн өс хоһооно мээнэҕэ баар буолбатаҕа. Ханна даҕаны, сайыҥҥы ыйдарга кэлэр кыстыкка бэлэмнэнии үлэтин үгэнэ ыытыллар. Тыйыс усулуобуйалаах дойдуга олорорбутунан, хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ ититии-уу ситимнэрин, хочуолунайдарын көрүнэллэр, өрөмүөннүүллэр, оҥостоллор.
Оттук сезонугар бэлэмнэнии туһунан ОДьКХ Муҥурдаахтааҕы филиалын маастара Николай Новиков кэпсиир: “Саамай улахан үлэбитинэн уонна ситиһиибитинэн КВр-1,25 диэн биир тииптээх 6 саҥа оһох турда. Аллараа, үөһэ барыта турба буолан уунан ититиллэр. Үйэлээх дииллэр. Кэпсэтиитэ, туруорсуута барыта былырыын барбыта. Урукку оһохторбут ресурсаларыттан тахсан барыта уларыйда.Өрөмүөҥҥэ миигин кытта слесарь Андрей Садовников, сварщик Илья Аммосов, тракторист Артемий Дохунаев үлэлииллэр. Өрөмүөн үлэтин матырыйааллара үксэ баар, үлэбит билигин да элбэх. Биир сүрүн трасса уларыйда. Үлэтэ оҥоһуллан түмүктэнэрэ эрэ хаалан турар. 370 м усталаах ититии ситимнэрин саҥардан уларытабыт”.
Уолаттар үлэлэрин улахан аҥаарын окко киириэх иннинэ үмүрүппүттэрэ. Кыстыкка бэлэмнээх киирэр инниттэн былааннаах үлэни кэмигэр бүтэрэллэригэр сыал-сорук туруорурунан күн былдьаһыгар сылдьаллар.
Анастасия СОРОКОУМОВА.